Индия Кутияттам диэн былыргы тыйаатырын артыыстара Саха Сиригэр кэлэн ыалдьыттыы сылдьаллар. Көрөөччүлэр актриса гримнэнэрин көрдүлэр. Дьахталлар гримнэрин бэйэлэрэ биһэллэр эбит. Гримердара суох буолар. Оттон эр дьоҥҥо гримнэрин идэтийбит киһи оҥорор. Кутияттам тыйаатырыгар персонажтар өҥнөрө суолталаах буолар. Ол курдук, от күөх кырааскалаахтар үчүгэй киһини оонньууллар. Оттон абааһы өҥө - кыһыл уонна хара.
Артыыс көлөһүнүттэн оонньуу кэмигэр грим кылыбачыйан көстөр буолар. Грим ньаҕайдаммат, ууттан суураллыбат.
Актриса хараҕа кытарарын, ууланарын ситиһээри, аллараа халтаһатын анныгар туорааҕы симэр эбиттэр. Артыыстар анал психотехниканы туһанан, араас туруктарга киирэллэр. Онно кинилэргэ йога медитациятын ньымалара көмөлөһөллөр. Оннооҕор уҥалларын оонньообокко, дьиҥнээхтии уҥаллар.
Тыйаатыр үлэһиттэрэ этэллэринэн, йога диэн араас позаларга туруу буолбатах. Йога диэн киһи өйүн-санаатын түмүллүүтэ. Артыыстар бу раджа йога тиэхиньикэтин муҥутуурдук баһылаабыт буолаллар. Холобур, тыыннарын тохтотон, түргэтэтэн, быччыҥнарын күүрдэн, сымнатан араас эмоциональнай турукка киириэхтэрин сөп.
Артыыстар кэсмиэтикэлэрэ үксэ айылҕаттан ылыллыбыт буолар. Ол гынан баран, билиҥҥи кэмҥэ сорох ингридиеннэр сыаналара ыараан, бэлэм кыраасканы тутталларыгар тиийэллэр.
Маастар-кылаас барабаан доҕуһуоллаах үҥкүүнэн түмүктэннэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0