САХА СИРИН 100 ТАЛААННАРА
Барыта 20 выпускник талан ылбыт үөрэхтэрин бүтэрэн, төрөөбүт Сахаларын Сиригэр үлэлии, айа-тута кэллилэр, сорохтор бу күннэргэ араас тыйаатырдарга, ол иhигэр Дьокуускайга, Ньурбаҕа уо.д.а., сирдэргэ үлэлиир миэстэлэрин буллулар.
Арассыыйаҕа киэҥник биллэр М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү тыйаатыр училищета (института) саха национальнай тыйаатыра сайдарыгар улахан ѳҥѳлѳѳҕүн билэбит. Ѳссѳ 1955 с. артыыс идэтин баhылыыр баҕалаах саха талааннаах ыччатын аан маҥнайгы бѳлѳҕүн арыйбыттара. Оттон быйыл хайыы үйэ алтыс устуудьуйа выпускниктара тыйаатыр ускуустубатын дууhаларыгар иҥэринэн, артыыс буолар баҕаларын толорон, тѳрѳѳбүт сирдэригэр тиийэн кэллилэр.
«Саха Сирин 100 талааннара» ѳрѳспүүбүлүкэ салааларыгар каадырдары сыаллаах бэлэмниир бырайыак чэрчитинэн 2019 с. от ыйыгар улахан тургутууну, талыыны ааhан киирбит, оттон билигин щепкинецтэр ааттарын киэн тутта сүкпүт выпускниктар ортолоругар Дьокуускай, Нерюнгри куораттарын, Ѳлѳѳн, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Таатта, Уус Алдан, Нам, Горнай, Ньурба, Үөһээ Бүлүү уонна Сунтаар улуустарын оҕолоро бааллар. Түѳрт сыл устата кинилэр дойдубут тэбэр сүрэҕэр, култуура уонна ускуустуба муҥутуур сайдыбыт киинигэр, тыйаатыр артыыстарын бэлэмниир аатырбыт кыhаҕа уhуйуллан, үүнэн-сайдан кэлэн, саха тыйаатырын кэскилин уhансар дьон буоллулар.
АРТЫЫСТАР УОННА УҺУЙААЧЧЫЛАР
Куурус уус-уран салайааччыта Людмила Титова алтыс устуудьуйа выпускниктарын: «Кинилэр бэлэм идэтийбит артыыстар, репертуардара баай, гастролларга сылдьыбыт, бэстибээлгэ кыттыбыт уопуттаахтар. Артыыс маастарыстыбатын чочуйар дьарыктартан ураты сыанаҕа хайдах хамсанары, вокалы, классическай, джазовай үҥкүүлэри уонна фехтованиены үѳрэппиттэрэ», — диэн бэлиэтээбитэ элбэҕи этэр.
Саха щепкинецтэрин алтыс кѳлүѳнэлэрэ айар талааннарын, дьоҕурдарын дьиҥ- чахчы туоhулуур бэйэлэрин дипломнай испэктээкиллэрин ѳрѳспүүбүлүкэ сүрүн тыйаатырын сыанатыгар дьон дьүүлүгэр таhаардылар. Бэс ыйын 23 күнүттэн бэс ыйын 28 күнүгэр диэри кинилэр «Сайыҥҥы түүҥҥэ түүл» («Сон в летнюю ночь»), «Сакалаат саллаат» («Шоколадный солдатик»), «Гроза», «Дон Жуан или Каменный пир», «Улахан уол» («Старший сын») испэктээкиллэри оонньоон кѳрдѳрдүлэр.
Бэс ыйын 23-30 күннэригэр, Арассыыйаҕа Педагог уонна уhуйааччы сылыгар анаммыт «Учуутал, эн аатыҥ иннигэр…» диэн Нуучча тыйаатырын оскуолатын күннэрэ М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү тыйаатыр училищетын алтыс саха устуудьуйатын выпускниктара кыттыылаах бэрт таhымнаахтык бардылар. Үѳрэнээччилэрин ѳйѳѳн, Москубаттан Дьокуускайга кинилэр преподавателлэрэ: Арассыыйа норуодунай артыыhа, Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай аччыгый тыйаатыр тутаах артыыhа Людмила Титова, Арассыыйа норуодунай артыыhа, А.С. Пушкин аатынан Москубатааҕы драматическай тыйаатыр тутаах артыыhа Тамара Лякина, Моссэбиэт аатынан Москубатааҕы тыйаатыр артыыhа Анна Гарнова уонна Башкортостан Ѳрѳспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүѳлээх диэйэтэлэ, бэрэпиэссэр Наталия Макарова кытыннылар.
САЙЫҤҤЫ ТҮҮҤҤЭ ТҮҮЛ
От ыйын 3 күнүгэр кѳрѳѳччүлэр үгүс ахсааннаах кѳрдѳhүүлэринэн, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар улуу Шекспир айымньытынан туруоруллубут «Сайыҥҥы түүҥҥэ түүл» испэктээги эдэр артыыстар хат кѳрдѳрдүлэр. Дьэ, онно, эдэр сааhы, тапталы арахпакка арыаллыыр олох үтүѳ уонна мѳкү кѳстүүлэрэ, курус уонна кѳрдѳѳх түгэннэрэ биир тыынынан оонньоннулар. Саалаҕа толору мустубут дьону эмиэ да хомотон ыллылар, эмиэ да күллэрэн быара суох ыыттылар. Биир бэйэм кѳрѳ олорон, хараҕым уута тахсыар диэри, ѳтѳрүнэн күлбэтэхпин күллүм. Ол быыhыгар: «Хатыламмат, олус бэртээхэй туруоруу буолбут.
Аны маннык испэктээк хаттаан кѳстүбэтэ хомолтолоох эбит. «Арай хаhан эмит муста түhэн оонньоотохторуна, хайдах буолуой…», – диэн санаа кытта киирэн ылла. Онон, дьон мээнэҕэ бу испэктээги хат кѳрѳр санааҕа кэлбэтэхтэр эбит.
ШЕКСПИР АЙЫМНЬЫТА САХАЛЫЫ ТЫЫННАННА
Шекспир ѳлбѳт-сүппэт айымньытын сицилианскай уобарастара сахалыы тыыннанан, саха тылынан саҥараллар, олоҥхолоон, туойан, оhуохайдаан бараллар. Ол барыта дьикти, ураты. Саха ыччата ити уустук миксы – булкуллубут-тэккиллибит, түргэн тэтимнээх сюжеттары, бэйэ-бэйэлэригэр хатыспыт култууралары да диэххэ, уодаhыннаах уонна сэмэй, тиэрэ кэмэлдьилээх уонна нарынтан-нарын, курус уонна тиэхэлээх персонажтар хараахтырдарын арыйан, кыайа тутан оонньууллара сѳхтѳрѳр, үѳрдэр уонна кинилэр уhуйааччылара саха култууратын бэйэлэригэр чугастык ылыналларын, киниэхэ ытыктабыллаахтык сыhыаннаhалларын туоhулуур. Режиссер-педагог Анна Гарнова: «Испэктээккэ национальнай колорит, саха норуотун фольклора уонна үгэстэрэ иҥэриллибиттэр. Бу сыанаҕа саха тыла эрэ иhиллэрин да иhин, буола турар барыта уобарастарынан кѳрдѳрүллэр буолан, хас биирдии кѳрѳѳччүгэ ѳйдѳнѳр. Тыл харгыhа сотуллан хаалар түбэлтэтэ. Кырасыабай, чаҕылхай, тапталынан, юморынан уонна эдэр саас омуннаах эрчиминэн толору «Сайыҥҥы түүҥҥэ түүл» испэктээк Шекспир айымньытыгар эрэ буолбакка, саха култууратыгар кыттыhар кыаҕы биэрэр», – диэн этэрэ оруннаах.
САҤА ТАЛААННАР, САҤА ААТТАР
Эльфтар ыраахтааҕыларын Оберону Уйгу Семенов, кини сарыыссатын Титанияны Сандаара Федотова, Пэк диэн үтүѳ санаалаах иччини Нарыйа Колесова, Афины герцогын Тезейы Афанасий Домотов, амазонкалар сарыыссаларын Александра Михайлова, Гермияны Анастасия Иванова, кини тапталлааҕын Лизандры Василий Романов, Еленаны Алена Пономарева, кини тапталлааҕын Деметрийы Евгений Григорьев, Эгейы Александр Захаров олус табыллан оонньоотулар. Оттон болуотунньук, столяр, таҥас ѳрѳѳччү, алтан иhити оҥорооччу уонна маастар оруолларын толорбут уолаттар – Ньургун Никитин, Мичил Хомподоев, Иван Кузьмин, Григорий Иванов, Александр Эверстов кэмиэдьийэ жанрыгар дьоҕурдаахтара арылхайдык кѳhүннэ.
Испэктээк түмүгэр эдэр артыыстары кѳрѳѳччүлэр ѳр да ѳр сыанаттан ыыппакка, ытыс тыаhынан, «биис» хаhыынан уруйдаатылар, сибэкки дьѳрбѳлѳрүн туттардылар, бэл, ийэлии сыллаан ыллылар. Сахабыт Сирин тыйаатырдарыгар саҥа талааннар, саҥа ааттар кэлбиттэрин кѳрѳн итэҕэйэн, алгыс тылларын эттилэр, дьоллоох саҕалааhыннары баҕардылар.
Бэлиэтээн эттэххэ
Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта Андрей Борисов этэринэн, быйылгы сайыҥҥы сезонтан «Тыйаатырга аныгы драматургия» диэн бырайыак үлэтин саҕалыыр. Бу бырайыак иитинэн, Саха тыйаатырыгар аныгы драматурдар айымньыларын туруораллар. Холобур, «Таптал сүппүт куората» испэктээк премьератын кэннэ от ыйыгар аатырбыт тириэньэр Дмитрий Коркин туһунан драматург Утум Захаров пьесатынан режиссер Сергей Потапов испэктээгэ сүрэхтэнэр.
Коркин туһунан «Коркин. Андаҕар» туруорууга СӨ Физическэй култуураҕа уонна успуорка министиэристибэтэ кытыста. Бары өттүнэн өйөбүл оҥордулар. Премьера от ыйын 14-16 күннэригэр ыытыллар. Аныгы драматургия бырайыага олус туһалаах. Режиссердар да артыыстар да үлэлииргэ бэлэмнэр. Үүнэр сайыҥҥы сезоҥҥа бырайыагы сайыннарар, салгыыр былааннаахтар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0