-Саха Сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын аһыллыытыгар мин сылдьыбытым. Биллэн турар, кыттар хамаандалар састааптара үөртэ. Хамаандаларга саамай күүстээх спортсменнар киирдилэр. Оонньуулары арыйыы тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Улуус устуоруйатын туһунан сэһэргээһин үтүө өйдөбүлү хаалларда. Барыта тэтимнээх уонна киһи хараҕын үөрдэр этэ.
Волейбол, чэпчэки атлетика күрэхтэһиилэрин көрдүм. Күрэхтэһиилэр былаанынан баран иһэллэр. Спортсменнар үрдүк таһымнаахтара, дьоһуннаахтык бэлэмнэммиттэрэ көстөр. Ханнык хамаанда кыайарын туһунан түмүк оҥорор эрдэ, ол эрэн, олус күүстээх спортсменнар мустубуттара көстөр.
Билигин мин тустуу уонна бокс киирсиилэрин онлайн кэтии сылдьабын. Саамай күүстээхтэр кыайыахтара диэн эрэнэбин.
Бороҕон туспа эйгэлээҕэ, спортивнай тыыннааҕа биллэр. Өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар спорт бырааһынньыгын биэрбит тэрийээччилэргэ улахан махтал! Хамаандаларга, тириэньэрдэргэ ситиһиилэри, чаҕылхай кыайыылары, саҥа рекордары баҕарабын!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0