Дьиэлэр аайы алгыстаах алаадьы сыта тунуйдун, сылааһынан сылаанньыттын. Чуумпуруу, уоскуйуу күннэригэр кэнники диэҥҥэ кэтэҕириин диэки анньыллыбыт, умнулла быһыытыйбыт иис-күүс кэтэспит чааһа кэлэн олоҕу оһуорунан ойуулаатын, дьэрэкээни дьэрэлитэ кэккэлэттин, чэмэлкэйи, чорууну чаҕылыта оонньоттун.
Чараҥнарга,чагдаларга тэллэйдэр дэлэччи-холоччу итинэн хорос, манан тэллэс буоллуннар, үрүҥэ үгүөрү үүннүн, арыынан ньалҕаарыччы сотуллубута сиэттиспитинэн сэлэлии хаамтын.
Ардахтан да абыраллааҕы, силбиктэн да наадалааҕы булуоҕуҥ.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0