Ол курдук Хатырык, Маймаҕа, Модут нэһилиэктэригэр сылдьан халаантан эмсэҕэлээбит сүөһүлээх - сылгылаах ыаллары көрсөн кэпсэттилэр. Ону таһынан, Хатырыкка ынах - сүөһү көрөр бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Александра Слепцова хотонугар, Маймаҕаҕа Татьяна Слепцова сылгы көрөр баазатыгар сылдьан чөлүгэр түһэрии үлэ хаамыытын билистилэр, кэпсэттилэр.
Өрөмүөн үлэтигэр, саҥа хотон тутуутугар, кыстыкка киириигэ ханнык кыһалҕалар баалларын ыйыталастылар, бэлиэтэннилэр уонна былааннаатылар.
Бу күннэргэ дьон бэйэтин күүһүнэн хотоннорун өрөмүөннүү, тута сылдьаллар. Сорох хаһаайыстыбалар бэйэлэрин күүстэринэн өрөмүөн үлэтин эрдэ түмүктээбиттэрэ.
Норуот дьокутаата Александр Атласов өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн төлөбүр бу ыйга кэлиэ диэн иһитиннэрдэ.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Макаров
этэринэн дьон - сэргэ санаата бөҕөх, үп - харчы түстэҕинэ ороскуоттарын сабынан, эбии матырыйаал атыылаһан кыстыкка киириигэ бэлэм буолуохтара диэн эттэ.
Чөлүгэр түһэрии үлэ хаамыытын улуус баһылыга Юрий Слепцов уонна халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэр, улуус дьаһалтатын уонна анал дириэксийэ хонтуруолугар тураллар.
Хаартыскалар Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0