Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

 Муус устар 9 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлигитигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа күрэҕэ уонна эрэгийиэннээҕи Пахомов ааҕыылара буолан аастылар.

Биэс сүүстэн эрэ тахса нэһилиэнньэлээх кыракый  бөһүөлэк биир күҥҥэ икки улахан тэрээһини тэҥинэн ыытара – нэһилиэк түмсүүлээҕин, дьаһалта (баһылык А.И. Григорьев), оскуола салалтата (В.П. Денисов) тэрээһиннээхтэрин туоһута.

 Муус устар 9 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлигитигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа күрэҕэ уонна эрэгийиэннээҕи Пахомов ааҕыылара буолан аастылар.

Биэс сүүстэн эрэ тахса нэһилиэнньэлээх кыракый  бөһүөлэк биир күҥҥэ икки улахан тэрээһини тэҥинэн ыытара – нэһилиэк түмсүүлээҕин, дьаһалта (баһылык А.И. Григорьев), оскуола салалтата (В.П. Денисов) тэрээһиннээхтэрин туоһута.

 87c4769a 677a 4681 b8fc 11a36859671f

 Пахомов ааҕыыларын туһунан киэҥник сиһилии кэлэргэ сырдатыахпыт. Оттон бүгүн кылгастык билиһиннэрдэххэ, НПК санитарнай ирдэбилинэн онлайн ыытыллыбыт. Видео-матырыйаалларын муус устар 1 күнүгэр диэри 17 улуустан 115 үөрэнээччи уонна 70 педагог ыыппыт. Ол аата барыта 185 киһи кыттыбыт.

7566522e 2017 4761 9003 495ef6a2fb2d

  Лауреаттары наҕараадалааһын Тиэлиги орто оскуолатыгар биир дойдулаахтара, экэнэмиичэскэй наука дуоктара, Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын федеральнай чинчийэр киинин сүрүн үлэһитэ, эспиэрэ, СО РАН экэнэмиичэскэй наукаларга холбоһуктаах учуонай сэбиэтин чилиэнэ, Арассыыйа естественнэй наукаларын академиятын академига, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас бочуоттаах гражданина, мецената уонна попечителэ Александр Алексеевич Пахомов аатын иҥэрии үөрүүлээх тэрээһинигэр сөп түбэһиннэрэн ыытылынна.

ff517e99 bcef 4f66 917b c795f809a80e

e3e70cb8 a109 46d3 9de5 d2b4ceea7acf

Кыайыылаах үөрэнээччилэргэ 5000, бастакы степеннээх дипломаннарга 3000, иккистээбиттэргэ 2000, үһүстээбиттэргэ 1000, оттон учууталларга 10 000, 7000, 5000, 3000 солкуобай суумалаах сэртипикээттэри туттардылар.

637db045 2f68 4d75 96f1 1685b939a011

  Улахан учуонай, бөдөҥ салайааччы А.А.Пахомов үлэлээбит эйгэлэринэн ааҕыылар секциялара араарыллыбыттар.

  «Александр Алексеевич Пахомов олоҕо, уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай уонна научнай үлэтэ” салааҕа лауреатынан Тиэлиги VIII кылааһын үөрэнээччитэ Анжела Александрова буолла. Киниэхэ наҕараадатын, итиэннэ оскуолаҕа көмпүүтэр ылалларыгар туоһу суругу Үүнэр көлүөнэлэр пуондаларын генеральнай дириэктэрэ Владимир Анатольевич Егоров туттарда.

5a7081e3 bc83 49dd 9869 00dffa2d888f

Бу секцияҕа I степеннээх дипломант --  Альбина Бурнашева уонна Ольга Христофорова (Табаҕа, Мэҥэ Хаҥалас, VIII кылаас) иккис --  Майя Федорова (Ороссолуода, Мэҥэ Хаҥалас, XI кылаас), үһүс -- Алина Михайлова (Кириэстээх, Сунтаар, Х кылаас).

“Саха сирин экэниэмикэтэ” салааҕа Майа VIII кылааһын үөрэнээччитэ Максим Корякин бөһүөлэгэр бассейн оҥорор бырайыагынан лауреаттаата.

ef224a6b 6f9e 4330 9df9 5444cd3b7023  

  • Мэҥэ Хаҥалас дьокутааттарын улуустааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Данилович Сазонов наҕараадалыыр.

Дипломаннар: I  -- Михаил Слепцов (Майа, Мэҥэ Хаҥалас, VIII кылаас, “Кэрэли'" эбии үөрэхтээһин киинэ). II -- Андрей Владимиров (Табаҕа, Мэҥэ Хаҥалас), Ш -- Зоя Петрова (Горнай, Л.Е.Лукина аатынан эбии үөрэхтээһинин киинэ, Х кылаас).

«Естественнэй наукалар: Экология. Чөл олох. ОБЖ» секцияҕа лауреат -- уу састаабын чинчийбит Павел Слободчиков (Павловской , Мэҥэ Хаҥалас, Х кылаас). Кинини СӨ Экологияҕа министиэристибэтин уу сыһыаннаһыыларыгар уонна нэһилиэнньэни экологическай сырдатыыга департаменын сүрүн исписэлииһэ Ньургуйаана Сергеевна Гуринова, СӨ Дьахталларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Егоровна Андреева, ХИФУ наукаҕа проректора Юрий Георгиевич Данилов тахсан эҕэрдэлээтилэр.

69f809be 33e3 41f3 b7d4 178aeb4b35c5

I степеннээх дипломант --  Ювеналия Иванова (Дьокуускай 7-с №-дээх оскуолатын IX кылааһа), II таһымнаах-- Саина Маркова ( Майа, Мэҥэ Хаҥалас, IX кылаас), III -- Тамара Сидорова (Горнай, Л.Е.Лукина аатынан эбии үөрэхтээһинин киинэ,  Х кылаас).

«Тыа хаһаайыстыбатын наукалара» хайысхаҕа Бүлүү Бороҕонуттан IX кылаас үөрэнээччилэрэ Вячеслав Бусель уонна Руслан Гаврильев лауреаттаатылар. Кинилэр видео-сибээс көмөтүнэн хортуоппуйу сиэмэнэн үүннэрии туһунан кэпсээтилэр. Уолаттары АГУТУ ректорын э.т. Константин Константинович  Кривошапкин наҕараадалатылар.

2f408da5 010b 4550 a3e0 3f18002ab967

Дипломаннар: бастакы кэрдиискэ -- Намина Говорова (Балыктаах, Мэҥэ Хаҥалас, IX кылаас) . Иккискэ -- Эвелина Яковлева (Бүлүү Бороҕоно, VIII кылаас), үһүс -- Дмитрий Исаков (Тиэлиги, Мэҥэ Хаҥалас, IX кылаас).

 «Историческай наукалар. Саха сирин хомсомуола» салааҕа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр өстөөх концентрационнай лааҕырдарыгар түбэспит мэҥэлэри иродэспит  Айсен Лонгинов (Моорук, Мэҥэ Хаҥалас, VII кылаас)  кыайыылаах буолла.

52b845ec dab7 4288 b379 1651552d716c

Айсеҥҥа наҕараадатын “Арассыыйа – мин историям” мультимедийнай- историческай паарка дириэктэрэ Дмитрий Иванович Соловьёв уонна РФ ыксаллаах быһыыга-майгыга бэтэрээнэ Юрий Александрович Ненашев туттардылар.

Дипломаннар: I -- Анастасия Гаврильева уонна Олеся Баишева (Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас), II --  Нарыйаана Попова ( Ороссолуода, Мэҥэ Хаҥалас, VIII кылаас), Ш -- Карина Сыромятникова (Кириэс Халдьаайы, Томпо, XI кылаас).

Учууталларга

 «Агротехнологическай үөрэхтээһин» секциятыгар Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕын учуутала Яна Ильинична Габышева биология уруогун сүнньүнэн дьарыгы оскуола оҕуруотугар ыытар туһунан үлэтэ лауреаттаата.Докуускайдааҕы атыы-эргиэн экэнэмиичэскэй кэллиэһин дириэктэрин э.т. Егор Егорович  Неустроев наҕараадалаата.

18a85776 3abf 4948 b65b 7b84163af382

Дипломаннар. Бастакы таһымнаах -- Захарова Надежда Александровна (Аллараа Бэстээх оскуолатын куруһуогун салайааччыта, Мэҥэ Хаҥалас), II -- Попова Ульяна Валерьевна (Ньурба улууһун Сүлэ оскуолатын учуутала) III – Слепцова Мария Семеновна уонна Черепанова Светлана Семеновна (Эбээн Бытантай улууһун Кустуур оскуолата).

 «Политехническай үөрэхтээһин” лауреата -- Мэҥэ Хаҥалас үөрэтэр-оҥорон таһаарар киинэ (дириэктэр Н.П.Тарасов). Бу киин педагогтара, кванториум курдук, оҕолорго аналлаах “FabLab” диэн инженернэй-техническэй лаборатария-фабриканы үлэлэтэн саҕалаабыттар. Уһуйааччыларга наҕараадаларын Дьокуускайга олорор сунтаардар түмсүүлэрин толорооччу дириэктэрэ Владимир Иннокентьевич Лазарев, орто анал үөрэхтээһин бэтэрээнэ Юрий Петрович Сивцев туттардылар.

39a5ac8f 4e51 4994 b64e cb05038e0361

I степеннээх дипломант -- Онопров Игорь Васильвеич(Мэҥэ Хаҥалас үөрэтэр -оҥорон таһаарар киинэ) II --  Иванова Светлана Михайловна (Тиэлиги),Трофимова Лилия Германовна (Дьокуускайдааҕы гуманитарный колледж), III -- Николаева Дария Ефимовна (Амма улууһн Чакыра)

«Педагогическай технологиялар: дьиэ кэргэн уонна оҕону иитии». Бу салааҕа Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтигэр “Дьөһүөл” диэн бырайыагынан кэнчээри ыччаты иитии туһунан дакылааттаах Попова Екатерина Николаевна лауреаттаата.

ed246ba8 f690 48bc ae3a 14d0fff34ce8

Кириэс Халдьаайы оскуолатын 1974 сыллаахха бүтэрбиттэр түмсүүлэрин бэрэсидьиэнэ Ефимов Прокопий Прокопьевич туттарар.

I степеннээх дипломант -- С.В. Колосова уонна бырайаык салааччытата Билюкина Марианна Юрьевна ("Кэрэли" эбии үөрэхтээһин киинэ, Мэҥэ Хаҥалас), II --  Попова Марфа Прокопьевна (Баатара «Кэскил» оҕо саада, Мэҥэ Хаҥалас), III – Раиса Иосифовна Стручкова (Амма улууһун Сулҕаччыта).

“Профориентационнай  үлэ” секцияҕа Бүлүү Г.С.Донской аатынан 2-с №-дээх осколатын айар бөлөҕө. Кинилэр видео-сибээс нөҥүө выпускниктара, кылгас эрээри, чаҕылхай олоҕу олорбут Андрей Слепцов научнай-чинчийэр үлэ сайдыытыгар оруолун туһунан кэпсээтилэр. Наҕараадаларын СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Алексеевна Бочкарева уонна Мэҥэ Хаҥалас диспетчерскэй сулууспатын начаалынньыга Матчитов Егор Николаевич эҕэрдэлэтилэр.

abe759d3 880e 4028 b15a 61e9e0c8a36b

 I степеннээх дипломант -- Петрова Кэскилээнэ Николаевна ( Майатааҕы үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин), иккис -- Бубякина Февронья Григорьевна уонна Дьячкова Нарыйа Алексеевна (Ньурба 2-с №-дээх оскуолата), үһүс -- Герасимова Александра Дмитриевна (Уус Алдан Хоноҕор оскуолата) .

           5b13d876 7653 4e3f bf4a a733fa9c4055

Пахомов ааҕыылара бары өттүнэн үрдүк таһымнаахтык барда. Бирииһэ да бэртээхэй. Дэлэҕэ “Инникигэ хардыы” киинин салайааччыта, биологическай наукалар дуоктара Михаил Черосов: “Бириэмийэлэрэ ханнык да НПК-тааҕар улахан. Онон кэлэр сырыыга букатын элбэх киһи кыттыа диэн сэрэйэбин”, -- диэн бэлиэтээн этиэ үһү дуо?.

 Бу кэмпириэнсийэни үс сылга биирдэ ыытар гына быһаарбыттар. Ол аата кэлэр ааҕыылар 2024 сылга буолаллар. Онуоха диэри Тиэлиги саҥа оскуола дьиэлэнэригэр баҕарабыт.

0b6f8477 3b4b 4287 b8e6 302f2f9e0cd6

 Ити күн өссө, эппиппит курдук, Тиэлигигэ аҕалар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрэ тэҥинэн буолбута.

IMG 20210409 WA0050

IMG 20210409 WA0053

Кыайыылаахтар -- Чурапчы Сылаҥыттан Семен Семенович уонна уола Владислав Макаровтар. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэ туруорбут квадрациклынан наҕараадаланнылар. Иккис -- Таатта улууһуттан Петр Романович, Арсен Чупровтар, үһүс -- Яков Николаевич, Михаил Кривошапкиннар (Чурапчы).

IMG 20210409 163036

Манна даҕатан эттэххэ, бу күрэхтэһиини аан бастаан Александр Алексеевич Пахомов СӨ Дьиэ кэргэн дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ эрдэҕинэ 2000 сыллаахха тэрийбитэ. Түстээбит куонкуруһа, саҕалаабыт бачыыма оруобуна оскуолаҕа аата иҥэриллэр күнүгэр төрөөбүт Тиэлигитигэр ыытыллыбыта эмиэ ураты суолталаах, икки бүк үөрүүлээх.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением