Бастатан туран, барыбытын долгутар коронавирус балаһыанньатын туоһуластыбыт. Алексей Васильевич бу түгэҥҥэ социальнай ситимнэргэ тарҕанар араас иһитиннэриилэри олус ылыммакка, “Роспотребнадзор” чопчуламмыт иһитиннэриилэрин көрөргө сүбэлээтэ. Онон, бары да коронавирус Суһал ыстаабын бу нэдиэлэтээҕи иһитиннэриитин күүтэбит.
Биир саамай элбэх ыйытыыны үөскэтэр түгэн биллэрин курдук, 2022 сылга ыытыллыахтаах спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии буолар. Дьэ, манна үтүмэн үлэ күүтэр диэтэ. Ол курдук, үс спортивнай эбийиэк бетон тирэхтэрэ тэҥинэн түһэриллэннэр, тутуу саҕаламмытынан барда. Холобур, күөн күрэс саалата, стадион хайдах буолуохтааҕын сэрэйэ саныыр буоллахпытына, Н.Н.Тарскай аатынан спортивнай комплекс илин эҥээр улуустарга суох баараҕай тутуу буолуохтаах. Манна хас эмит сааланы сэргэ, сүүрэр суоллаах буолара кыһыннары ханнык баҕарар күрэхтэһиини ыытар кыах үөскүүрүн кэрэһэлиир. Быһата, Дьокуускайга баар баараҕай “Триумф” комплекс аччатыллыбыт көрүҥэ буоларын эттэ. Маны тэҥэ “Бороҕон-Төҥүлү” айан суола, Бороҕон иһинээҕи суоллар өрөмүөннэрэ барара ахтылынна. Итинтэн да атын кэккэ үлэлэр ыытыллыылара 2022 сылынан түмүктэнэн халбаттарын, 2025 сылга диэри сайдыы былаана буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Быһата, улууспут киинэ Бороҕон тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар улахан үлэ туһаайылларын эттэ. Маны сэргэ “Бороҕон-Суотту”, “Бороҕон-Танда” хайысхатынан суол өрөмүөннэниэхтээҕин туһунан эмиэ кэпсээтэ.
Тыа хаһаайыстыбатын салаата да умнуллубата. Сүрүннээн кыра бөһүөлэктэргэ уонна тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар сүөһү көрүллэр буолан, ынах ахсаана улаханнык көҕүрээбэккэ, биир тэҥник турарын эттэ. Быйыл оттооһун былаана туолбатаҕына эбии 3000 тн оту булар наадатын туһунан кэпсээтэ. Биир уустук балаһыанньа сылгы кыстыгар тахсыан сөбүн санатта. Кэнчээри суох буоллаҕына, сылгы хаһан аһыыра суох буолар.
Онон, хаар түстэр эрэ, оту ааҕынан көрүү барарын наадалааҕынан аахта. Оннук кэлэр кыһыммыт тугунан тургутуоҕун ким билиэй, сабаҕалыы сатыахха эрэ сөп.
Ити курдук араас хайысханы таарыйбыт киэҥ хабааннаах кэпсэтии буолла. Саамай сүрүнэ коронавирустан сылтаан үгүс салааларга, сүрүннээн эмтээһин, үөрэхтээһин эйгэлэригэр төһө да харгыстар тахсыталыылларын үрдүнэн, үлэ онтон тохтоон хаалбакка иннин хоту баран иһэр. Алексей Васильевич көрсүһүүтүн түмүгэр: ”Иннибитигэр элбэх үлэ күүтэр. Тэрээһиннэр ыытыллыахтара дуу, суох дуу диэн санаа киириэ суохтаах, былааннаммыты олоххо киллэрэ сатыахтаахпыт. Бу күннэргэ успуорт министиэристибэтин кытары кэпсэтиилэр күүтэллэр”, - диэтэ.
Уус-Алдан сонуннарыттан
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0