Бу күннэргэ Национальнай бэчээт күнүн декадата ыытылла турар. Онно Саха сирин суруналыыстарын сойууһа, “Бичик” кинигэ кыһата, “Сахамедиа” АУо, “Ситим” медиа-бөлөх (флагмана, норуот хаһыата “Кыым”), “Сахабэчээт”, “Кэскил” автономнай тэрилтэлэр, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ парламентскай хаһыата “Ил Түмэн”, бары сахалыы таһаарыылар кытта сылдьаллар.
Бүгүн сахалыы тылынан суруйар суруналыыстар ортолоругар көҥүл тиэмэҕэ суруналыыстыка жанрдарынан «Уһун Дьурантаайы-2020» аһаҕас күрэх кыайыылаахтарын эҕэрдэлиир түгэн буолан ааста. Санатар буоллахха, куонкурус иккис сылын СӨ Суруналыыстарын Сойууһа, Национальнай бэчээттэр Ассоциацияларын, СӨ Инновацияҕа, сыыппаранан сайдыыга министиэристибэтин, «Ситим» медиа бөлөх уонна Култуура үлэһиттэрин профсойууһун кэмитиэтин өйөбүллэринэн ыытылынна. Куонкурус түмүгүн видео-кэмпириэнсийэ көмөтүнэн таһаардылар. Санатар буоллахха, куонкуруска өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыттан 93 суруналыыс кыттан, 300-тэн тахса матырыйаал киирбит.
СӨ Суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева, Национальнай бэчээттэр Ассоциацияларын салайааччыта, “Ил Түмэн издательскэй дьиэтин” дириэктэрэ-эрэдээктэрэ Мария Христофорова кыайыылаахтары эҕэрдэлээн туран, номинациялары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Саха тылынан суруйар суруналыыстар ортолоругар көҥүл тиэмэҕэ суруналыыстыка жанрдарынан
«Уһун Дьурантаайы-2020»
аһаҕас күрэх кыайыылаахтара
От ыйын 1 күнэ 2020 сыл Дьокуускай к.
ТЭРИЙЭЭЧЧИЛЭР: СӨ Суруналыыстарын сойууһа, Арассыыйа Национальнай СМИлэрин ассоциацията
ПАРТНЕР: Култуура үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын Саха сиринээҕи кэмитиэтэ.
Быйылгы иккис күрэххэ кыттааччылартан 93 сайаапка, 300-чэкэ үлэ киирдэ.
Жанрдара:
1. “Бастыҥ кэпсээччи” (отчуот, репортаж, кэмэнтээрий, чинчийии) – 22 сайаапка;
2. “Бастыҥ кэпсэтээччи” (интервью, монолог, диалог) – 26 сайаапка;
3. “Бастыҥ дьүһүйээччи” (очерк, зарисовка, эссе) – 15 сайаапка;
4. “Бастыҥ эҕэһит” (фельетон, памфлет) -1 сайаапка;
5. “Бастыҥ ирдьит” (суруналыыс силиэстийэтэ, ирдэһии) – 3 cайаапка;
6. “Бастыҥ суоллааҕы бэлиэтээһин” – 8 сайаапка;
7. “Бастыҥ ырытааччы” (ыстатыйа, ырытыы, рецензия) – 9 сайаапка;
8. “Бастыҥ анаарааччы” (аналитическай ыстатыйа, анаарыы) – 9 сайаапка.
Күрэххэ 2019 с. ыам ыйын 1 күнүттэн 2020 с. бэс ыйын 3 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк бэчээтигэр уонна интэриниэт ситимигэр тахсыбыт үлэлэринэн кытыннылар.
Кыайыылаахтар «Үрдүк биһирэбил” Туоһу суругунан, анал бэлиэнэн уонна анал бирииһинэн, миэстэлэспиттэр “Иккис биһирэбил», “Үһүс биһирэбил” Туоһу суруктарынан, анал бэлиэлэринэн наҕараадаланаллар.
«Бастыҥ кэпсэтээччи» үрдүк биһирэбил
ИВАНОВ Афанасий Егорович, Муома улууһун «Индигир уоттара” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.
«Бастыҥ кэпсэтээччи» иккис биһирэбил
АММОСОВА Айтана Егоровна, edersaas эрэдээктэрэ.
«Бастыҥ кэпсэтээччи» үһүс биһирэбил
КАПРЫНОВ Альберт Гаврильевич, «Кыым» хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрэ.
«Бастыҥ кэпсээччи» үрдүк биһирэбил бириэмийэ
ЛЕОНТЬЕВА Жанна Владимировна, “Кэскил” хаһыат анал кэрэспэдьиэнэ.
«Бастыҥ кэпсээччи» иккис биһирэбил
СЛЕПЦОВА Туйаара Ивановна, Муома улууһун «Индигир уоттара” хаһыат бастакы категориялаах эрэдээктэрэ.
«Бастыҥ кэпсээччи» үһүс биһирэбил
НИКОЛАЕВ Борис Парфеньевич, “Сунтаар сонуннара” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ.
«Бастыҥ дьүһүйээччи» үрдүк биһирэбил
ТАРАБУКИНА Альбина Афанасьевна, “Үйэ» сурунаал суруналыыһа.
«Бастыҥ дьүһүйээччи» иккис биһирэбил
БАИШЕВА Валерия Яковлевна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Эркээйи” хаһыат общ. кэрэспэдьиэнэ.
«Бастыҥ дьүһүйээччи» үһүс биһирэбил
ЖЕНДРИНСКИЙ Семен Александрович, Чурапчы улууһун “Саҥа олох” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.
“Бастыҥ эҕэһит» үрдүк биһирэбил
КСЕНОФОНТОВ Иван Иванович, “Саха сирэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.
«Бастыҥ анаарааччы» үрдүк биһирэбил
УШНИЦКИЙ Иван Петрович, “Киин куорат” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ.
«Бастыҥ анаарааччы» иккис биһирэбил
АММОСОВА Людмила Денисовна, Хаҥалас улууһун «Хаҥалас” хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрэ.
«Бастыҥ анаарааччы» үһүс биһирэбил
ХАНЧАЕВ Еремей Елисеевич, Эдьигээн улууһун “Эдьигээн сонуннара” хаһыат общ. кэрэспэдьиэнэ.
«Бастыҥ ырытааччы» үрдүк биһирэбил
ОКОНЕШНИКОВ Илья Егорович, “Ситим” медиабөлөх “Байдам” сурунаалын эрэдээктэрэ.
«Бастыҥ ырытааччы» иккис биһирэбил
НИКОЛАЕВ Егор Револьевич, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата, общ. кэрэспэдьиэн.
«Бастыҥ ырытааччы» үһүс биһирэбил
ПЕТРОВА Валентина Дмитриевна, суруналыыс, общ. кэрэспэдьиэн.
7. «Бастыҥ суоллааҕы бэлиэтээһин» үрдүк биһирэбил
БУБЯКИНА Наталья Егоровна, Амма улууһун “Амма оло5о» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ.
«Бастыҥ суоллааҕы бэлиэтээһин» иккис биһирэбил
ТУРАНТАЕВ Григорий Григорьевич, Чурапчы улууһун “Саҥа олох” хаһыат общ. кэрэспэдьиэнэ.
«Бастыҥ суоллааҕы бэлиэтээһин» үһүс биһирэбил
АММОСОВА Мария Андреевна, Уус Алдан улууһун “Мүрү саһарҕата” хаһыат общ. кэрэспэдьиэнэ.
«Бастыҥ илдьит» үрдүк биһирэбил
ЕГОРОВА Надежда Парфеньевна, “Саха сирэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0