Маны таһынан, Матвиенко көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр матырыйаалларынан губернатордарга «сытыы ыйытыктары» биэрэрин билиннэ. Спикер этэринэн, бэчээт суруналыыстыката хаһан да сүтүө-симэлийиэ суоҕа, оттон көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ интэриниэт эбии былаһааккатынан буолуоҕа.
«Бэчээт тыла мөлүйүөнүнэн киһиэхэ сүҥкэн суолталаах. Билиҥҥи уопсастыба саамай уустук ыйытыктарыгар хоруйдары буларга көмөлүүр. Суруналыыс- иһитиннэриилэри бэрэбиэркэлиир уонна хат сибиэркэлиир киһи. Онон анонимнай ханааллартан үгэс буолбут ханаалларга итэҕэл быдан үрдүк», - диэн Валентина Матвиенко тоһоҕолоото. Бу туһунан тохсунньу 13 күнүгэр Федерация Сэбиэтин спикерэ парламент суруналыыстарыгар эттэ. Итини тэҥэ Федерация Сэбиэтэ эрэгийэннэр палааталарын үлэтин сырдатыыга суруналыыстарга анаан саҥа Бүтүн Арассыйатааҕы куонкуруһу ыытар санаалааҕын туһунан биллэрдэ. Номинациялар ортолоругар - эдэр суруналыыстар уонна эрэгийэннээҕи бренд туһунан матырыйааллар.
Суруналыыстары кытта көрсүһүү, тохсунньу 13 күнүгэр - Арассыыйа бэчээтин күнүгэр, спикер көҕүлээһининэн ааста. Кини көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. «Хас да сыл устата биһиги грамотнай уонна креативнай суруналыыстары мустубут, — диэн Валентина Матвиенко бэлиэтээтэ. — Биһиги аһаҕас буоларга мэлдьи дьулуһабыт. Эһигини кытта тэҥҥэ бу сорук куһаҕана суох ситиһиллэр». Спикер сарсыарда ахсын күнүн хаһыат ааҕарыттан саҕалыырын кэпсээтэ. «Ханна эмит сытыы боппуруостары аахтахпына кэмитиэттэргэ сорудах биэрэбин», - диэн кэпсээтэ кини.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0