“Сахабэчээт” генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова:
--Аан маҥнай бэлиэтэнэр бырааһынньыкпыт онлайн ыытыллара ураты суолталаах. Ол курдук, билигин барыта сыыппара эйгэтигэр көһөн эрэр. Ол эрээри ортотун көрөн, хаһыаттарбытын, сурунаалларбытын илдьэ сылдьан, Интэриниэт сайтары сайыннарыахтаахпыт, социальнай ситимнэри туһаныахтаахпыт.
СӨ Суруйааччыларын ассоциациятын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров:
-- 1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр “Саха дойдута” хаһыат тахсыбыта. Бу хаһыат киирии ыстатыйата “От ыйын 1 күнэ” диэн төбөлөөх. Бука, Күлүмнүүрдээх инникини өтө көрөн, кэлин бу күн сахаларга ураты суолталаах буолуон өйдөөн, итинник ааттаабыт буолуохтаахтар.
СӨ Инновацияҕа, цифровой сайдыыга, инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Анатолий Семенов:
--Билигин төрөөбүт тылбытын сыыппараҕа көһөрүү, Интэриниэт ситимигэр үйэтитии үлэтэ күүскэ ыытыллар. Холобура, биир улахан ситиһиибит – саха тыла “Яндекс” тылбаасчытыгар баар буолла. Итинник аны “Фейсбукка”, “Гуглга” киллэрэр соруктаахпыт.
Василий Алексеев, Горнай улууһун “Үлэ күүһэ” хаһыатыгар өр кэмҥэ эрэдээктэрдээбитэ:
--Суруналыыстар Арассыыйа таһымнаах тэрээһиннэригэр сылдьан, Саха сирин хаһыатчыттарын инники күөҥҥэ туталларын илэ көрөн итэҕэйбитим. Холобура, биһиги “Үлэ күүһэ” хаһыаппыт икки төгүл Арассыыйаҕа лауреаттаан турар. Уон тыһыынча нэһилиэнньэлээх кыра улууска ити улахан ситиһии диибин. Бука, кинигэ таһааран атыылаан, эрэдээксийэбитигэр тастан дохуот киллэрэрбитин сэҥээрбит буолуохтаахтар. 300-тэн тахса кинигэни биһиги бэлэмнээн таһаардыбыт. “Чыпчаал” анал бырайыакпытын эмиэ биһирииллэр. Бу -- улууспут устуоруйатын кэрэһитэ, летопиһа. 19 сыл субуруччу таһаардыбыт. Биһиги эрэдээксийэбитигэр урукку полиграфическай станоктаах Бэчээт мусуойа уонна 200-тэн тахса фотоаппарааттаах Хаартыска мусуойа баар. Маннык мусуой өрөспүүбүлүкэҕэ тэриллиэн наада. Итинник үтүө саҕалааһыннар тохтообокко салҕанан баран истиннэр.
СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева:
--2017 сыллаахха Александр Жирков көҕүлээһининэн, сахалыы тылынан тахсыбыт хаһыаттар 100 уонна 105 сылларын бэлиэтиир улахан тэрээһин Саха тыйаатырыгар буолбута. Оччолорго Антонина Григорьева Ил Түмэн бэчээккэ, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэҕэ сыһыарыылаах кэмитиэтин салайара. Кини буолан сүбэлэһэн баран, атын эрэгийиэннэргэ курдук, бэйэбит бэчээппитин бэлиэтиир күннээх буоларбытын туруорсарга соруммуппут. Оччотооҕу Ил Дархан Егор Борисовка суруйбуппут.
Александр Николаевич СӨ Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтэ бастакы хаһыаттары төрүттэспит Күлүмнүүр аатынан буоларыгар тыл көтөхпүтэ, ону кэллиэгийэ ылыммыта. 2018 сыллаахха “Саха сирэ” хаһыат оччотооҕу эрэдээктэрэ Прокопий Бубякин буолан Төгүрүк остуолу тэрийбиппит. Тыл үөрэхтээх учуонайдары ыҥыран, сахалыы таһаарыылар тылларын-өстөрүн ырыппыппыт. 2019 с. “Ситим” медиа-бөлөҕү кытта суруналыыстыкаҕа баар кыһалҕалар тула аһаҕас кэпсэтиини тэрийбиппит. Хамнас кыратын, каадыр боппуруоһун таарыйбыппыт. Ол түмүгүнэн СӨ Бырабыыталыстыбатын оччотооҕу бэрэссэдээтэлэ В.В. Солодовка, СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Дегтяревка хамнаһы үрдэтии туһунан сурук суруйбуппут. Уонна былырыыҥҥыттан ыла сахалыы тыллаах суруналыыстарга “Уһун Дьурантаайы” диэн куонкуруһу ыытар буоллубут. Маннык ситимнээх үлэ түмүгэр, Национальнай бэчээт күнэ баар буоларын ситистибит.
“Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров:
--Оруобуна Ноҕуруодап төрөөбүт күнүгэр, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр, Национальнай бэчээт күнүн туһунан ыйаах тахсыбыта эмиэ суолталаах. Кистэл буолбатах, билигин кумааҕы бородууксуйаттан сыыппара эйгэтигэр балысханнык көһүү буола турар. Дьон хаһыаты, кинигэни урукку курдук аахпат, социальнай ситимнэргэ олорор. Онон бу кэмигэр ылыныллыбыт дьаһал буолар. Мантан ыла бэчээккэ болҕомто өссө ууруллуо диэн эрэнэбит.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков:
-- 1906-1907 сс. төрөөбүт сурук-бичик туһунан кэпсэтиилэр түмүгүнэн, саха оччотооҕу интеллигенцията Күлүмнүүрдээх, харчы хомуйан, Санкт-Петербурга, сахалыы шрифти куттаран туран, бэчээттиир тэрили атыыласпыттара. Уобалас губернатора И.И. Крафтан көҥүл ылан, 1907 с. от ыйын 1 күнүгэр “Саха дойдута” тахсыбыта. Ол сотору сабыллар. Онтон “Саха олоҕо” баар буолар. Ону эмиэ цензура сабар. 1912 с. билиҥҥи “Чолбонтон” итэҕэһэ суох халыҥнаах “Саха саҥата” тахсар. Онон саха бэчээтэ өрөбөлүүссүйэ быдан иннинэ олохсуйбута, баар буолбута.
“Бичик” кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Валерий Луковцев:
--Сахалартан бырамыысыланнас, нуучча уонна саха омуктарын доҕордоһууларын, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын туһунан бөдөҥ айымньылары суруйбут, икки судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Василий Егоров-Тумарча 85 сааһын туолла. Кинини норуодунай суруйааччы аатыгар үһүс төгүлүн түһэрдилэр. Ону кэмпириэнсийэҕэ кытта олорор салалтабыт өйүүрүгэр көрдөһөбүн.
Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтэ:
--От ыйын 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ общественноһа Национальнай бэчээт күнүн бэлиэтиир. Сахалыы тылынан периодическай бэчээт үөскээһинэ Саха сиригэр нууччалыы тылынан тахсар бэчээт устуоруйатын кытта дириҥ утумнаах. 1861 с. олохтоммут уобаластааҕы типография Сибиир биир кырдьаҕас бырамыысыланнай тэрилтэтинэн буолар. Маҥнайгы периодическай таһаарыылар Саха сиригэр XIX үйэ бүтүүтэ баар буолбуттара, итилэри сүнньүнэн православнай таҥара дьиэтин салалтата олохтообута. 1887 с. “Якутские епархиальные новости” бастакы нүөмэрэ күн сирин көрбүтэ. Сотору кэминэн Уобаластааҕы управление уоргана “Якутские областные ведомости” олохтоммута – ити кэмтэн Саха сиригэр официальнай периодическай бэчээт үөскээбитэ. Сахалыы тылынан маҥнайгы суруйуулар бу хаһыаттарга тахсыбыттара.
1907 с. от ыйын 1 күнүгэр нууччалыы тылынан “Якутский край” уонна сахалыы “Саха дойдута” диэн общественнай-политическай уонна литературнай хаһыаттар тахсыбыттара. Сахалыы тылынан маҥнайгы хаһыаты таһаарыыны көҕүлээччинэн уонна тэрийээччинэн саха интеллигенциятын сирдьитэ, уһулуччулаах уопсастыбаннай үлэһит В.В. Никифоров-Күлүмнүүр буолбута. Бу устуоруйаҕа аан маҥнайгы сахалыы тылынан толору тахсыбыт хаһыат этэ.
Ааспыт 113 сыл устата сахалыы тылынан суруналыыстыка сүҥкэннээх сайдыы суолун ааста. Бүгүн үгүс сахалыы хаһыаттар уонна сурунааллар дойду таһымыгар национальнай тылынан бэчээттэнэр бөдөҥ уонна көдьүүстээх таһаарыылар ахсааннарыгар киирэллэр. Ааспыт сүүрбэ сыл устата өрөспүүбүлүкэтээҕи тустаах бырагыраамалар чэрчилэринэн улуустар эрэдээксийэлэрэ аныгылыы аппарааттарынан сэбилэннилэр, офсетнай бэчээккэ көстүлэр, эрэдээксийэлэр уонна типографиялар саҥа дьиэлэннилэр-уоттаннылар. Улуустар хаһыаттарын учредителинэн, дуогабар быһыытынан, СӨ Бырабыыталыстыбата буолар. Бу эрэдээксийэлэр көҥүллүк дьаһаналларын хааччыйар уонна муниципальнай былаастары кытта тэҥ бырааптаахтык үлэлииллэрин мэктиэлиир.
Бүгүҥҥү кэмҥэ сахалыы тыллаах периодическай таһаарыылар коммуникационнай, информационнай технологиялар балысхан сайдыыларын кытта тэҥҥэ хардыылыыллар. Сахалыы тылынан информацияны киэҥник тарҕатар электроннай таһаарыылар атахтарыгар турдулар. Үтүө үгэстэрдээх кырдьаҕас эрэдээксийэлэр электроннай информационнай үлэни ситиһиилээхтик баһылыыллар.
Быйыл бастакытын бэлиэтэнэр саха суруналыыстарын идэлээх бырааһынньыга – Национальнай бэчээт күнэ -- өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын сайыннарыыга уонна тарҕанар ыырдарын кэҥэтиигэ, национальнай бэчээккэ, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ үлэлиир суруналыыстар идэлэригэр ытыктабыллаах сыһыаны үрдэтиигэ, үгүс норуоттаах Сахабыт сирин бэчээтин баай уопутун үтүө үгэстэрин туругурдууга, салгыы сайыннарыыга туһуланар.
Бу кэрэ-бэлиэ бырааһынньык күн саха суруналыыстарыгар төрөөбүт-үөскээбит Сахабыт сирэ уонна улуу Ийэ дойдубут -- Арассыыйа -- чэчирии сайдалларын туһугар киэҥ көрүүлээх айар үлэни баҕарабын. Сытыы бөрүөҕүт сыппаабатын!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0