Сир ийэ иҥэриниэхтээҕин эҕирис гынан ыйыһынна, ордук хоһу диэбитэ сүүрүгүрэ уһунна. Оҕо-аймах омуннура -омуннура сүүрдэ-көттө, тас иэнинэн таралыйда, бадарааны "боруобалааччы" "алҕаска" обоччоҕо олордо, көмө көрдөөн оҥой-соҥой көрдө. Отчут сэбин-сэбиргэлин өссө төгүл бэрийдин, күрүөтүн-хаһаатын көрүннүн. Дьиэлэр аайы алгыстаах алаадьы сыта тунуйдун,сылааһынан сылаанньыттын. Чуумпуруу, уоскуйуу күннэригэр кэнники диэҥҥэ кэтэҕириин диэки анньыллыбыт, умнулла быһыытыйбыт иис-күүс кэтэспит чааһа кэлэн олоҕу оһуорунан ойуулаатын, дьэрэкээни дьэрэлитэ кэккэлэттин, чэмэлкэйи чаҕылыта оонньоттун.
Чараҥнарга тэллэйдэр дэлэччи-холоччу итинэн хорос, манан тэллэс буоллуннар, үрүҥэ үгүөрү үүннүн, арыынан ньалҕаарыччы сотуллубута сиэттиспитинэн сэлэлии хаамтын.
Ардахтан абыраллааҕы, силбиктэн наадалааҕы булуоҕуҥ.
Хаартыска: ук24.ru
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0