Отчут дьон хойуу оттон үөрдэ, сыа оттон сылаанньыйда, охсуллубут от ахтылҕаннаах дыргыл сытыттан туймаарыйа дуоһуйда. Ыаҕайа кыбыныылаах, биэдэрэ тутуурдаах тыа диэки хаамта. Таба тайаммыт кыыһа буспут хаптаҕаһы хомуйда, булан ылбыт тэтэрэ буспут дьэдьэни ылҕаата. Сыыйа-баайа минньийэ буспут сугун күөҕүнэн көрүө, моонньоҕон ситиэ, хараарчы буһуо. Күөллэргэ, чүөмпэлэргэ оҕолорун батыһыннарбыт кус, хаар үөрдэрэ астына-дуоһуйа аһыахтара, уойан -тотон уһун айаҥҥа бэлэмнэниэхтэрэ.
Хара тыа олохтоохторо үргүбэтэрбин диэбиттии бүччүм сирдэргэ бүгүөхтэрэ, сытыы-хотуу өттө аһылыктаах сирдэринэн тэлэһийиэхтэрэ. Суруллубатах сокуонунан, ыйыллыбатах ыйааҕынан миэнэ диэбит сирдэрин бэлиэтиэхтэрэ, атын үөртэн көҥөнүөхтэрэ, туспа үөрдэрдиин күөнтэһиэхтэрэ, киирсэн да туруохтара. Кыахтаах өттө амтаннаах астаах сиргэ хаалыа, күүстээх өттө өҥнөөх сиргэ ордууланыа.
Саҥа күн санаа хоту сайаҕас, үүммүт күн күүппүппүт курдук күлүм-чаҕыл үөрүүнү үксэттин.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0