Пуорум быйыл 9 хайысханан тыырыллан, Хотугу сир уонна Аартыка бигэ туруктаах сайдыытын кыһалҕаларын уонна инники кэскилин дьүүллэһии, көрүү бэрээдэгинэн уонна кылаабынайа, дьайыылаах бырайыактары оҥорон, быһаарыылары ылыныахтара. Пуорум чэрчитинэн ыытыллар Килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ууллуутун боппуруостарынан II билим-бырактыыка кэмпириэнсийэтэ улахан болоҕомтону тардыаҕа. Ону таһынан, «Арасссыыйа үнүбэрситиэттэрин Аартыкатааҕы бэбиэскэлэрэ: эрэллээх бииргэ үлэлээһин» сиэссийэ, биллиилээх полярник, ССРС Дьоруойа, РФ Дьоруойа Артур Чилингаров 85 сылыгар аналлаах үөрүүлээх мунньах, Аартыкатааҕы чинчийиилэри ыытар Арассыыйа- Азия консорциум тэрийиитинэн төгүрүк остуол, “Арассыыйа-Кытай”, “Арассыыйа-Индия” эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы кэпсэтии, “Арассыыйа-Африка” консорциуму тэрийии уонна БРИКС иһинэн килиимэт уонна энэргиэтикэ хайысхатынан куттал суох буолуутун тула кэпсэтии тас дойдулар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах барыахтара. Быйылгы пуорум биир ураты тэрээһининэн I Норуоттар икки ардыларынааҕы Аартыкатааҕы быраап кэнгириэһэ буолуоҕа, ол чэрчитинэн “Туруктаах Аартыка: уопсастыба, экэниэмикэ, экология, бэлиитикэ” VIII Бүтүн Арассыыйатааҕы билим-бырактыыка кэмпириэнсийэтэ, Арассыыйа хоту сирин, Сибиир, Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарын сайдыыларын кэнсиэпсийэтин дьүүллэһиигэ стратегическай сиэссийэ, сэминээрдэр ыытыллыахтара. Пуорум кэмигэр сүрүн кэпсэтиилэр ньиэби, гааһы хостооһун, таһыы-тиэйии, туһаныы хайысхаларынан буолуоҕа диэн тэрийээччилэр бэлиэтииллэр. Ол курдук ХНТ тиийэ туруорсуулары, этиилэри дьүүллэһиэхтэрэ. Холобура, Киин Азия тымныы эрэгийиэннэрин үөрэтэр Кытай- Арассыыйа-Монгуолуйа норуоттар икки ардыларынааҕы Киинин аһыллыыта биир бэлиэ түгэнинэн буолуоҕа.
Эдэрдэргэ анаан, үгэс курдук Ыччат Хотугу пуорум чэрчитинэн үөрэнээччилэр III Бүтүн Арассыыйатааҕы билим-бырактыыка кэмпириэнсийэлэрэ, ЭКОСОС пуорум ыытыллыаҕа. Саха Сирин сайдытыыгар туһуламмыт бэрт элбэх кэпсэтиилэр, тэрээһиннэр былааннанан тураллар.
Хотугу пуорумҥа бэрт элбэх омук дойдуларын бэрэстэбиитэллэрэ кытталлара сабаҕаланар, ону тэҥэ, улахан түһүлгэҕэ кэлбит ыалдьыттар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн тэрээһиннэригэр кыттыахтара.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0