Итии тымныы киирсиитэ дьиппинийбит чигди анныгар көмүрүө хаар буолан көөбүллэнэр. Астаах-үөллээх хаһаайка салгыҥҥа оҕустарбаттыы хаһаас аһын харайар, уурунуу аһын хомуйар- имийэр, мууһурдан дьаптайар, булууһун бэрийэр. Кыһыҥҥы таҥас сундуукка ууруллуон иннинэ, халыҥ таҥас ампаарга хараллыан иннинэ көмүрүө хаарга сөтүөлүүр, салгыҥҥа ыйанан быыла- хаара тэбэнэр. Сааскы кэм албыныгар балыйтарбаттыы сыбыдахтана охсумуоххайыҥ, дьаҥ-дьаһах хардыытыгар хаптарымыаххайыҥ.Түннүк аайы тыллыан- тиллиэн баҕалаах күҥҥэ тардыһар күөх үнүгэс үүннүн, кэмигэр, чааһыгар олордуллубут ас- үөл, уйгу- быйаҥ буоллун.
Кэккэлэһэ сылдьартан кэрэтийиэҕиҥ, сэргэстэһэ сылдьартан сэбэрэлиин сэргэхсийиэҕиҥ.
Хаартыска эрэдээксийэ архыыбыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0