Хоочур - хаачыр хааман суолла-иистэ хаалларыах, чоҕулус-иҕилис көрбөхтөөн үүммүт күнү уруйдуох. Күн аайы туох эрэ кып-кыраны да буоллун сонуну, саҥаны сомсуоҕуҥ, билбэтэхпитин билиэҕиҥ. Сэргии истибиппит сэһэн-сэппэн, кэрэхсии көрбүппүт кэпсээн-ипсээн буоллун.
Үһү диэтэх аайы үллэҥнэспэккэ, ини диэтэх аайы иэдэс биэрбэккэ, буолуо диэтэх аайы оргуйбакка төрүт дьоммут дьиппиэннэрин, өбүгэ саҕаттан дьоһуннарын тутуһуоҕуҥ. Туппуппут туллубат тутаахтаннын, ылсыбыппыт ыраахха тириэртин, саҕалаабыппыт салгыы барардаах буоллун.
Эрэдээксийэ хаартыската.
-
2
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
