Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Саха итэҕэлинэн Айыыһыт  муус устар ыйыгар киһиэхэ ордук чугаһыыр.

Саха итэҕэлинэн Айыыһыт  муус устар ыйыгар киһиэхэ ордук чугаһыыр.

Айыыhыт баар буолан, сиргэ Таптал, Кэрэ үөскээбит-тэнийбит. Биһиги өбүгэлэрбит Үрүҥ Айыы оҕо кутун биэрдэҕинэ, ону туһааннаах айыллыбыт киһиэхэ Айыыһыт киллэрэр диэн өйдүүллэрэ. Уол кутун быһах, биитэр оноҕос гынан, оттон кыыс кутун кыптыый гынан аҕалар эбит.

Айыыһыт хайыспыт сиригэр үөрүү олохсуйар. Кини үктэммит сиригэр уйгу-быйаҥ түһэр.

Норуот билгэтэ муус устар ыйын хас биирдии күнүн ааҕа, сааскы кэм уларыйыыларын маннык кѳрдѳрѳр.

Муус устар 1 күнэ — Даарыйа аат күнэ. Ойбон сэҥийэтин чэҥэ ирэр. Нөҥүө күнүттэн түөрт уон хонуктаах дьыбар бүтэн, отут хонуктаах уораан хаалар. Ый ортотугар тыалырдаҕына — «хаары сахсатар», бүтэһигэр — «хаары хараардар».

Муус устар 4 күнэ — Дьиэ сарайыттан таммах түһэрэ элбиир, улахан бэлиэтээһин буолар.

Муус устар 5 күнэ — Холлоҕос көтөрө. Кыһыҥҥы хаһаас бүтэр.

Муус устар 6 күнэ — Түүн сылаас буоллаҕына — саас түргэнник кэлэр.

Муус устар 7 күнэ — Былаҕачыанайап (Благовещение Пресвятой Богородицы). Таҥара улахан бырааһынньыгар оннооҕор чыычаах айыырҕаан уйа туттубат аатырар. Туллуктар кэлэллэр, моҕотой уйатыттан быгыалыыр, эһэ арҕаҕар уһуктан «кырдьыылыыр» — быган сытар, сааскы сылаас «өнньүө» күннэр тураллар. Бу күн былыта суох ыраас күн турдаҕына, саас көхтөөхтүк кэлэригэр, тыалырдаҕына — хаптаһын хатааһын буоларыгар.

Муус устар 8 күнэ — Бу күн хайдаҕый да, алтынньы 8 күнэ оннук буолуо.

Муус устар 9 күнэ — Мотуруона аат күнэ. Тураах кэлэр.

Муус устар 13 күнэ — Бэлиэтиир. Тот салгын түһэр.

Муус устар 14 күнэ — Күн көрөр өттүгэр сарай хаара хаалбыт буоллаҕына, ыам ыйын 6-гар диэри ходуһаҕа хаар сытар.

Муус устар 18 күнэ — Урут хаҕыс тыал үрбүт буоллаҕына, аны ичигэс тыал түһэр. Соҕурууттан тыалырдаҕына, сылыйар.

Муус устар 20-25 күннэрэ — Куруппааскы, улар охсуута саҕаланар.

Муус устар 21 күнэ — Күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс, былыттаах күн буоллаҕына — сайына сөрүүн буолар.

Муус устар 23 күнэ — Чуумпу, сылаас түүн буоллаҕына — сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.

Муус устар 24 күнэ — Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол-иис алдьанар. Күн үөһэ ойдор-ойон иһэр.

Муус устар 29 күнэ — Ый туолуута.

Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением