Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Дьокуускайга ыам ыйын 9 күнүгэр Улуу Кыайыы күнүн бырааһынньыга икки сиринэн —  Кыайыы пааркатыгар уонна Кыайыы болуоссатыгар — ыытыллыаҕа. Ол туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иhитиннэрэр.

Дьокуускайга ыам ыйын 9 күнүгэр Улуу Кыайыы күнүн бырааһынньыга икки сиринэн —  Кыайыы пааркатыгар уонна Кыайыы болуоссатыгар — ыытыллыаҕа. Ол туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иhитиннэрэр.

Кыайыы пааркатыгар ыам ыйын 6, 7 уонна 8 күннэригэр айар кэлэктииптэр уонна оскуола оҕолоро кыттыылаах тэрээһиннэр, «Георгиевская лента», «Свеча Памяти» аахсыйалар буолуохтара. Полевой куухунньа үлэлиэҕэ.

Кыайыы болуоссатыгар ыам ыйын 8 күнүгэр «На привале» диэн ааттаммыт фронтовиктар көрсүһүүлэрэ, «Вальс Победы», аармыйаҕа ыҥырыллыбыттары  атаарыы, бэтэрээннэри кытта көрсүһүү, полевой куухунньа тэриллиэхтэрэ.

Ыам ыйын 9 күнүгэр 11 чаастан болуоссакка өрөгөйдөөх миитин, байыаннай-патриотическай параад, бырааһынньыктааҕы кэнсиэр, оттон киэһээ — Кыайыы салюта бырагыраамаҕа бааллар.

Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21