Чахчыта да, Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев оҕо төлкөтүгэр, үүнүүтүгэр-сайдыытыгар сыhыаны тосту уларытарга улахан болҕомтотун уурбута. Кини оҕо харыстабылыгар туhаайыллыбыт бэлиитикэтэ «Оҕо бырааптара» диэн Арассыыйаҕа аан бастаан ылыныллыбыт анал сокуон киириититтэн саҕаламмыта.
Оҕолор доруобуйаларын туругун тупсарар, чэгиэн-чэбдик буолалларын хааччыйар, үөрэх-сайдыы суолугар чиҥник үктэннэрэр туһугар аан дойду таһымыгар тахсар сыһыаннаах үлэни үбүлүүргэ анаммыт “Барҕарыы”, “Кэлэр көлүөнэлэр” уонна “Саха-Азия оҕолоро” диэн анал пуондалар тэриллибиттэрэ.
Бу пуондалар чэрчилэринэн ѳрѳспүүбүлүкэҕэ оҕо-ыччат бэлиитикэтин сайдыытыгар үгүс өрүттээх үлэ ыытыллан кэллэ. Ол курдук, пуондалар үүнэр кѳлүѳнэҕэ туһалаах эбийиэктэри тутууну, үгүс хайысхалаах кэскиллээх бырайыактары олоххо киллэриини таhынан, кинилэр дьоллоохтук улаатар эйгэлэрин үөскэтэллэр уонна үбүлээһини өйүүр
сүрүн сыалларын күн бүгүӊӊэ диэри эппиэтинэстээхтик толоро сылдьаллар.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0