Атырдьах ыйын 5-8 күннэригэр Саха Сирин үрдүнэн траур биллэрилиннэ.
Оттон бэҕэhээ киэhээ, субуотаҕа, Дьокуускай куорат Ленин болуоссатыгар Михаил Ефимович Николаев сырдык аатын кэриэстээн, кини мэтириэтин анныгар чүмэчилэри уонна сибэккилэри ууруу буолла.
Манна мустубут дьон болуоссакка элбэх ыччат биир кэккэнэн, Саха Сирин былаахтарын күѳрэччи тутан хааман киирбиттэрин кѳрѳн, киэн тутта санаатыбыт, инникибит бу эдэркээн оҕолорго дьүѳрэ сырдык, үтүѳ буоларыгар эрэннибит.
Саха норуотун дьолугар тѳрѳѳбүт, ѳрѳспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит, үйэлээҕи айан-тутан хаалларбыт чаҕылхай киhибитин, муударай салайааччыбытын Михаил Николаевы ыччаттарбыт дириҥник ытыктыылларын, үрдүктүк сыаналыылларын тус холобурдарынан кѳрдѳрдүлэр. Ол курдук, тэрээhиҥҥэ СѲ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Петр Шамаев, ыччат хамсааhынын лиидэрдэрэ, актыыбынай ыччат уонна Дьокуускай куорат олохтоохторо кытыннылар.
Михаил Ефимович сырдык сэбэрэтэ ойууламмыт мэтириэтигэр чүмэчи уурарбытыгар эдэрдиин-кырдьаҕастыын бары да долгуйан, хараастан ыллыбыт.
СИА хаартыскалара туhанылыннылар.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0