Бэлиэ күнүнэн сибээстээн, комсомол туhунан санаатын норуодунай дьокутаат, VII ыҥырыылаах Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Михайлович Прокопьев маннык үллэстэр:
— Мин, эмиэ бары сэбиэскэй оҕолор курдук, оскуолаҕа үѳрэнэ сылдьан, комсомол кэккэтигэр киирбитим. Оскуолатааҕы сылларбар, оттон Сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалыыр, кэлин идэ ылан үлэлиир кэммэр комсомольскай тэрээhиннэргэ барытыгар актыыбынайдык кыттар этим.
Уопсайынан, комсомол оччотооҕу кэмнэргэ үлэни-хамнаhы тэрийэргэ, производствоны сайыннарарга, уопсастыбаннай олоҕу сүрүннүүргэ уонна, саамай кылаабынайа, ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ оруола олус улахан буолара. Комсомолецтар ѳрүү инники күѳҥҥэ сылдьарбыт, тѳрѳѳбүт сирбит сайдарыгар бэйэбит кыахпытын-күүспүтүн, билиибитин-кѳрүүбүтүн биэрэргэ кыhанарбыт. Ийэ дойдуга итии таптал суолтата биhиэхэ дьиҥ-чахчы олус чугас, күндү буолара. Чахчы да, олус кѳхтѳѳх, үтүѳ сыллар ааспыттара.
Билигин санаан кѳрдѳххѳ, дойду үрдүнэн сыллата кэккэлэрэ хаҥыы турбут, эдэр эрчимнээх, олоххо актыыбынай позициялаах комсомолецтар дойдубут кыаҕырарыгар, күүскэ сайдарыгар кылааттара сүдү да эбит.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0