Курааҥҥа кэбиһэ үөрэммиппитинэн, билигин киһи үксэ отун үрдүн, бухааҥка килиэп курдук быһыылаан, лаппаҕар, кэтит гына түстүүр. От түстэҕинэ, сороҕор, ортото оҥхойон, хотойон хаалыан сөп. Онно, дьэ, уу сөбүлээн “хонор”. Өр түспүт ардах уута окко курдары киирэр, уһун сайыннааҕы көлөһүҥҥүн балбаахха кубулутар. Чиҥ да түстээх от үрдүгэр сиик иҥэр, син биир илитэр, оту түүнүгүрдэр, хаппахтыы сытытар, эбиитин кыһынын хам тоҥорор.
Сарайдыы сабыы
Ардахха оту сарайдыы сабыахха сөп. Тугунан сабабыт? Сорохтор: “Соҕурууҥҥулар курдук соломобут да, солобут да суох”, -- диэн сонньуйуохтара. Ол эрээри үлэлээтэххэ, толкуйдаатахха, кыайтарбат диэн суох. Биһиэхэ соломону солбуйуох “уу аһа” дэнэр уһун умнастаах хороҥ от – аҥыр өлөҥө, сөкү чоокура, о.д.а. оттоммокко, ууга хаалаллара үгүс. Маны сэргэ кэтит сэбирдэхтээх манчаары, баҕа батаһа бааллар. Ити оттору күөхтүү таһааран, чараастык, 5 см кэриҥэ (испиискэ маһын саҕа) халыҥнаахтык тэниччи сабар ордук. Хаппыт соҕуһунан халыҥнык да бүрүйүөххэ сөп.
Ордубут күөх оту аҕалан, үрдэтэн түстүүр үчүгэй. Чугас от суох буоллаҕына, кичээҥи киһи оннооҕор кэбиһиилээх отун алын өттүн, тэллэҕин, тэҥниирдии, ойоҕоһуттан ис диэки иҥнэри сытыы тимиринэн, күрдьэҕинэн быһан ылар. Оту итинник түстээтэххэ, ардах хоппот.
Оту охсуу
От охсуута – ардахтаах да күҥҥэ тохтообот үлэ. Арай, дохсун ардахха эрэ тохтуу түһүөххэ сөп. “Ардах баһыгар”, ол аата тохтоон эрдэҕинэ, күүскэ охсуллар. Уһун сэппэрэҥ, ибир ардахха эрэ салгыы охсоҕун. Илийбит күөх от охсорго сымныыр, онон үлэтэ чэпчиир. Хотууру туора тутан, элбэхтик бастаран, кураанах хадьымалга тэлгэтэн охсорго кыһаллаҕын. Оччоҕо ардах уута курдаттыы ааһан, охсуллубут от түргэнник куурар. Оттон субуулуу чөмөхтөөн оҕустаххына, от ситэ куурбат. Онон ардахха оту хайдах охсоргуттан үлэҥ түмүгэ быһаччы тутулуктаах.
Оту мунньуу
Ардах аһынна да, быстах кураан күнү туһанан, оту сараҕыта сатыыгын. Салгыҥҥа өрө ыһан, илийбит оту сахсаҥнатан мунньаҕын. Хойуу оту, субуулуу охсууну ардах кэннэ ыһан тарҕаттахха, от уутун тэбээтэххэ эрэ ситэри куурар. Инчэҕэй оту кыраабыл төбөтүнэн, чомойунан тарҕатан, чөмөх оту эргитэн биэрэҕин. Ол-бу дулҕаҕа, үрдүк хадьымалга, талахха уура сатыыгын. Анныттан тыал, салгын хамсыырын курдук. Сараҕыйа түстэ да, салгыы мунньан, утары бугуллуугун. Кураанныы туран, эмискэ күүскэ ардаатаҕына, оту кэбиһии, бугуллааһын үлэтэ күүһүрэр. Кыра бугулу, лэкээни эбэн бөдөҥөтүллэр. Ардах уута хоппотун курдук, от үрдүн, бугул төбөтүн туруору гына оҥоһуллар. Бугул уонна кэбиһиилээх от тэллэхтэрин кыраабылынан кумуччу тардыллар. Ходуһаҕа ыһыллыбыт оту тутатына хомуйуллар.
Ардахха тиэхиньикэнэн оту мустарыы
Бастатан туран, төһө кыалларынан, оту хадьымалга хаалларбат, ардахха баттаппат туһугар туруулаһаҕын. Маҥнай оту ГВК-6.0 “ойоҕос кыраабылынан” сахсархай гына субууланар. Ардах ааста, сиик көттө да, төттөрү эргитэн, субууну кураанах сиргэ сыҕарыталлар. Сараҕыйбытын эрэ кэннэ хомуйтарыллар. Инчэҕэй субурҕаны өссө эргитэн, куурда түһэн баран кэбиһиллэр эбэтэр пресстэнэр. Оттон хойуу үүнүүлээх оту 3-4 чаас буола-буола сыраҕытан куурдуллар.
Саамай табыллыбыт тиэхиньикэ – ГВК кыраабыл. Германияҕа оҥоһуллубут Е-247, Е-301 кыраабыллартан ордук көдьүүстээх: 6 м. кэтиттээх буолан, 6 гектары 1 чаас иһигэр мустарыахха сөп. Олус хойуу окко уонна субууну сыҕарытыыга биир кынатын туттуллар. Биһиэхэ 30-ча сыл, икки кынатын холбуу биир өттүгэр сыҕарытар гына оҥостон, таһаарыылаахтык туһаныллар. Бу кыраабыл тииһэ, өр үлэлээтэҕинэ, аҥардастыы токуруйар, оччоҕо оту кыайан муспат. Ол иһин хаҥас кынаттан көлүөһэлээх тииһин уҥа кынакка уларытан олордуллар.
Ардах баттаабыт отун маннык ньымаларынан харайыахха сөп.
Маҥнай утаа хадьымалга хаалбыт оту хомуйа сатыахха. Хара балахай буолбуту ол-бу маска аргылыы-араҥастыы чараас, сахсархай гына сиртэн тэйитэн куурда ууруохха. Ол ньыма оту быыһыан сөп.
1. Сыыһа бугулламмыт:
1 – сырыынньа үрүт;
2 – ортото чараас;
3 – түгэҕэ түүнүгүрэр;
4 – тыалтан түөрэ бырахпыта;
5 – бугул түгэҕэр харбаммакка хаалбыт охсуллубутунан от;
6 – хотоол сир;
7 – тастан уу халыйар;
8 – ардах илитэр, түһэр өттө элбиир;
9 – күн уота көрөр үрүтэ үксүүр.
2. Сөпкө бугулламмыт:
1 – бугул үрдэ туруору;
2 – ортото кураанах;
3 – түгэҕэ харбаммыт, боллох сир ордук;
4 – синньигэс хаппыт чороох;
5 – чороох төрдүгэр тутум оту баайыы. Сиргэ хаптаччы ньаппайбыттан холбоон туруору бугулу оҥоһуллар.
Бугуллааһын
Араас албаһынан араҥастаан сараҕыйбыт оту ардах түһүөн иннинэ бугулланар. Хаппытын көрө сылдьан, утары бугуллуур сөп. Ситэ куура илик, инчэҕэй соҕус оттон кыра лэкээлэри оҥоһуллар уонна от тас өттүгэр, эбэтэр бугул үөһэ, баттаабакка эрэ, ууруллар. Ардах аһынна, күн көрдө да, тыал түстэҕинэ сахсаҥнатан, уһун оту бүк анньан, субурҕаны тиэрэ быраҕыллар. Тас уутун сахсыйан, сараҕыйбытын эрэ кэннэ утары бугулланар. Сиргэ сыста сытар лэкээ, бугул аллараа өттө, түгэҕэ, үксүн ардахха, сииккэ сытыйар, түүнүгүрэр. Оннук лэкээлэри, кыра бугуллары ардах быыһыгар, үрдүлэрэ куурда да, тиэрэ ууруллар. Сараҕыйда даҕаны, сороҕор 1-2 да чааһынан, хас да лэкээни үрүт-үрдүгэр чөкөччү холбуу ууран, баттаан, бөдөҥ гына бугулланар. Сууллубатын, түөллүбэтин диэн чороохтуур ордук.
Чорооҕу туһаныы
Бугул, хас да хонон дьиппинийбитин кэннэ, чорооҕун ылан, атын бугулга салгыы туттаҕын. Онон эбии чороох оҥоһуллубат. Сорох дьон отторун кэбиһиэхтэригэр диэри, сайыны быһа бугулларын чороохтоох туруораллар. Ол аһара элбэх чорооҕу эрэйэр. Чорооҕун хостоотоххо, бугулга ол хайаҕаһа салгын сиигэ көтөр кыра “ураа” буолан туһалыыр. Онон чороох сииктээх оту куурдарга суолтата улахан. Чорооҕу оҥоруу уустук буолбатах. Омурҕаҥҥа соҕотох оҕонньор уонунан чорооҕу оҥорор кыахтаах.
Сытыйбыт, түүнүгүрбүт оту туспа арааран, ыһан куурдар туһалаах, бугул ортотугар угуллуо суохтаах. Арай бугул төбөтүгэр “липпэрбитин” ситэри куурдаары ууруохха сөп. Судургутук эттэххэ, лэкээ түгэҕэ үөһэ түбэһэрин курдук эргитэн, эбэн бугулланар. Бугул чиҥээбит, липпэрбит түгэҕэ, түскэ түбэһэн, кэлэр ардаҕы иһирдьэ аһардыбат бүрүө, хахха буоларыныы ууруллар. Оту кэбиһэргэ буортуйбут, “лыыбарбыт” оту, төһө кыалларынан, ортотугар бырахпакка, “хааска” (кытыыга) салгын охсор, от тас өттүгэр ууруллар. Онон от салгыы буортуйарын тохтотуллар.
“Отчукка сүбэлэр” кинигэни туһанныбыт
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0