Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Номнуо атырдьах ыйыгар үктэннибит. Былыр-былыргыттан саха дьонугар атырдьах ыйа сүөһү, сылгы этэҥҥэ кыстаан тахсар отун бэлэмнииргэ быһаарыылаах кэм. Онон сир-сир аайы отчуттар үлэлэрэ тэтимирдэ. Билигин ходуһаларга лөглөйөн турар кэбиһиилэр саха киһитин хараҕын үөрдэллэр, сарсыҥҥытыгар эрэли үөскэтэллэр.

Номнуо атырдьах ыйыгар үктэннибит. Былыр-былыргыттан саха дьонугар атырдьах ыйа сүөһү, сылгы этэҥҥэ кыстаан тахсар отун бэлэмнииргэ быһаарыылаах кэм. Онон сир-сир аайы отчуттар үлэлэрэ тэтимирдэ. Билигин ходуһаларга лөглөйөн турар кэбиһиилэр саха киһитин хараҕын үөрдэллэр, сарсыҥҥытыгар эрэли үөскэтэллэр.

Быйыл сүөһү аһылыгын бэлэмнээһинэ сир аайы уустук. Сайын устата кураан күн-дьыл турбутун содулугар ходуһаларга от үүнүүтэ, бааһыналарга бурдук тахсыыта былырыыҥҥытааҕар лаппа мөлтөх. Онно эбии аһыҥа халыҥ аймаҕа хос айах адаҕата буолла. Онон атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ окко былаана 89 % эрэ туолар чинчилээх. Итэҕэс от кээмэйэ 48 797 туоннаҕа тэҥнэһэр. Ити көрдөрүү икки аччыгый улуус кыстык ото суох хаалбытыгар тэҥнээх. Ол гынан баран, билигин Саха сирин бары ходуһаларыгар күнү-дьылы баттаһа үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Этэргэ дылы, былаан туоларыгар эрэл кыыма өссө да баар.

Хаһыат ааспыт нүөмэригэр киин улуустар балаһыанньаларын кытта билсибиппит. Билигин хоту улуустарга тиийэбит. Манна ойуур баһаардара отчуттарга үгүс уустуктары үөскэтэллэр.

Үөһээ Дьааҥыга үлэ үгэнэ

Үөһээ Дьааҥы улууһа бэйэтин күүһүнэн 8 500 туонна оту ылара сабаҕаланар. Ити иһиттэн 600 туоннаны мобильнай биригээдэлэр бэлэмниэхтэрэ. Онон быйылгы былаан 85 % туолар чинчилээх. Улуус хаһаайыстыбалара кыстыгы этэҥҥэ туоруулларыгар эбии 1,2 тыһ. туонна окко наадыйаллар. Ону улуус таһыттан киллэрэргэ былаанныыллар.

Билигин ходуһаҕа 1429 отчут, 11 тыраахтар, 525 звено үлэлии сылдьар. Бүтэһик дааннайынан, 3094 ганы охсубуттар уонна 2321 туонна оту ылбыттар. Ити былырыыҥҥы көрдөрүүттэн икки төгүл элбэх. Былырыын баччаларга 1182 ганы охсубуттар уонна 671 туонна оту бэлэмнээбиттэр эбит. Онон былааннара 23 % туолан иһэр.

Улуус 5 нэһилиэгэр 10 мобильнай биригээдэ тэриллибит. Билигин балар 600 туонна оту оттуу барарга бэлэмнэнэллэр.   

Эбээн бытантайдар ыктардылар 

Эбээн Бытантай улууһун отчуттарыгар ойуур баһаардара мэһэйдэһэллэр. От ыйын 13 күнүгэр улуус баһылыга Гаврил Горохов оттооһуҥҥа муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин биллэрбитэ.

Атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи дааннайынан, улууска баара-суоҕа 69 га охсулунна. Онтон 29 туонна оту ыллылар. Ити былаан 2 % тэҥнэһэр. Билигин эбээн бытантайдар 4 мобильнай биригээдэни тэрийэн, 120 туонна оту бэлэмниир былааннаахтар. Урутаан сабаҕалааһынынан, быйылгы былааннара 69 % (900 туонна) туолар чинчилээх. Оччотугар бүтүн 400 туонна от итэҕэс тахсар. Онон хоту дойду отчуттара чахчы ыктаран, кыһалҕа ытарчатыгар киирэн олороллор. Күн бүгүн мобильнай биригээдэлэр тахса-тахса чугас учаастактарын охсон нэлэһитэллэр. Ону мунньан бүтэрэ охсон, ыраах ходуһаларга көһөр былааннаахтар. 

WhatsApp Image 2020 08 04 at 09.32.06 копия

Орто Халыма туруга ама

Орто Халыма улууһугар эмиэ ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Ол эрээри, орто халымалар балаһыанньалара наһаа курус буолбатах. Былааннарын 91 % толорор чинчилээхтэр. Ол аата 6 012 туонна оту бэлэмниэхтэрэ. Итэҕэс от кээмэйин аччатарга 5 мобильнай биригээдэ тэрилиннэ. Балар 600 туонна эбии оту бэлэмниэхтэрэ.

Бүтэһик суһал дааннайынан, 3064 галаах сири охсубуттар уонна 2659 туонна оту ылбыттар. Ити көрдөрүүлэрэ былырыыҥҥыны кытта араа-бараа. Онон халлаан туран биэрдэҕинэ, Орто Халыма балаһыанньата көнөр кыахтаах.

Үөһээ халымалар хаалан иһэллэр

Үөһээ Халыма улууһун отчуттара былааммытын 80 % толоробут диэн отчуоттууллар. Ол эбэтэр 576 туоннаттан 464 туоннатын ылыахтара. Билигин улуус үрдүнэн 364 галаах сири охсубуттар, 332 туонна оту ылбыттар. Күн бүгүн 3 мобильнай биригээдэни тэрийэн, 290 туонна оту бэлэмнэтэ ыытарга былааннаабыттар.

“Страховой окко сайаапка киирэ илик”

Быйыл Кэбээйи, Абый, Ньурба, Хаҥалас уонна Үөһээ Бүлүү улуустара хаһаас (страховой) оту бэлэмниир сорудахтаахтар.

Күн бүгүн ити боппуруос хайдах быһаа­рыллан эрэрин билсээри Кэбээйи улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига В.П. Бессоновы кытта кэпсэттибит.

Василий Бессонов, Кэбээйи улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта:

– Быйыл улууспут окко былаана 16 978 туонна. Атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи дааннайынан, 6000 туонна кэриҥэ оту ыллыбыт. Ити былааммыт 36 % тэҥнэһэр. Дьиҥинэн, 37 %-тан таһаарыахтаах этибит да, күммүт-дьылбыт туран биэрбэккэ мэһэйдэстэ.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр 670 туонна страховой оту оттуурга бэлэммитин биллэрбиппит. Ол гынан баран, билиҥҥитэ киин улуустартан биир да суругунан сайаапка киирэ, дуогабар түһэрсиллэ илик. Ол да буоллар, 10 мобильнай биригээдэни бэлэмнээн олоробут. Холобур, Сииктэҕэ 5 биригээдэ тэрилиннэ. Балар бэйэлэрин отторун номнуо бүтэрэн, сайаапкалар киирэллэрин күүтэ сылдьаллар. Ол эрээри күн бүгүнүгэр диэри уу чуумпу.

Ааспыт ыйга аммалар төлөпүөнүнэн тахса сылдьыбыттара. 1,5 тыһ. туонна оту атыылаһыахтарын баҕаралларын биллэрбиттэрэ. Аванса ыытарбытыгар харчыбытын мунньа сылдьабыт диэбиттэрэ. Ол гынан баран, сииктэлэр 370 туонна эрэ эбии оту бэлэмниир кыахтаахтар. Ону да сэлээркэҕэ уонна тиэхиньикэҕэ үп-харчы көрүлүннэҕинэ. Онон аванса ыыталларын күүтэллэр. Отчуттарбыт күн аайы эрийэн: “Хайыыр буолбуттарый? Күн-дьыл баран иһэр. Күһүммүт кэллэ”, – диэн ыксаталлар да, аммаларбыт билиҥҥитэ биллэ иликтэр.

Чурапчылар эмиэ ыйытыласпыттара. Ол эрээри эмиэ чопчу сыыппаралары кыайан эппэтэхтэрэ. Кэлин олох да сүттүлэр. Дьиҥинэн, Кэбээйи оттуурга бэлэм. Урукку сылларга 3000 туоннаҕа тиийэ страховой оту оттуу сылдьыбыппыт.

Билиҥҥитэ улууска от үүнүүтэ ортону үрдүнэн. Аҕыйах хонуктааҕыта ходуһалары барытын кэрийэн көрдүм. Биллэн турар, уустуктар эмиэ бааллар. Холобур, Мукучу уонна Бүлүү эргин ходуһаларга уу ситэ тарда илик. Ити мелиорация өттүгэр кыһалҕалар баалларын туоһулуур. Ону таһынан Өлүөнэ эбэ уутун таһымын мэлдьи кэтии-маныы сылдьабыт. Билигин хара уута тахса турар. Өрүс уута киэлититтэн таҕыстаҕына, Куокуй уонна Кэбээйи нэһилиэктэрин улахан хочолоро ууга барар кутталлаахтар. Онон намтал сирдэртэн оккутун тиэйэн ылыҥ диэн номнуо дьону сорудахтаан олоробут.

Кэлин, халлаан туран биэрэн, отчуттар күүскэ окко киирдилэр. Онон кэлэр нэдиэлэҕэ балаһыанньа лаппа көнөр чинчилээх. Кэбээйилэр бэйэбит сыл тахсар оппутун булунарбытыгар бүк эрэллээхпин.

“Биир да салаа оту хаалларбакка”

Андрей Находкин, “Ил Түмэн” Судаарыстыбаннай Мунньаҕын тыа сирин уонна тыа хаһаайыстыбатын бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

– Атырдьах ыйыгар хайыы-үйэ үктэн­нибит. Этэргэ дылы, саамай былдьа­һыктаах, быһаарыылаах күннэр-дьыллар саҕаланнылар. Халлаан туран биэрдэҕинэ, бу ыйга отчуттар күүскэ түһүнүөхтэрэ.

 Быйыл элбэх уратылаах сайын сатыылаата. Сайын саҥатыгар киин улуустарга сөҥүү кыра буолан, кураанныыр чинчитэ эрдэттэн биллибитэ. Алаас, добуун сирдэргэ от үүнүүтэ бытаарбыта, мөлтөөбүтэ. Аны туран, аһыҥа дэлэйдик үөскээтэ. Хоту улуустарга ойуур баһаардара балысханнык өрө турдулар. Бүлүү бөлөх улуустарга уһун ардахтар содулларыгар, ходуһалар ууга былдьаннылар. Ити барыта оттооһун хаамыытыгар элбэх уустуктары үөскэттэ.

Билигин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ айылҕа кубулҕатыттан эмсэҕэлээбит улуустар эбии оту булуналларыгар анал дьаһаллары ылынна. Ол курдук, хас улуус аайы мобильнай биригээдэлэр тэриллэн, ыраах ходуһаларга оттуу туруннулар. Ол да буоллар, күн бүгүн хас биирдии улуус бэйэтин иһиттэн кыстык отун булунарга дьулуһуохтаах.

Холобур, билигин биирдиилээн отчуттар урукку өҥ дьылларга арыылаан хаалларан кэбиһэр үрэхтэригэр, уу кытыыларыгар, күөл тоҕойдоругар, дулҕалаах сирдэргэ киирэн илиинэн оттуохтарын сөп.

Мин көрөрбүнэн, иллэрээ сылтан кураан сыллар иһэллэрэ сыыйа биллэн барбыта. Оннук сылтан сыл аайы от үүнүүтэ мөлтөөн иһэр чинчилээх. Эһиил өссө кураан, уустук дьыл үүнэрэ сабаҕаланар. Тоҕо диэтэххэ, халлаан итийэн, айылҕа уларыйан иһэр. Билиҥҥи көнө ньуурдаах, тиэхиньикэнэн оттонор ходуһалар иэннэрэ кыччыырга барда. Онон улуустарга хотуур, илии үлэтигэр болҕомто ууруллуон наада. Оччоҕуна эрэ хаһаайыстыбалар кыстык от кээмэйин түһэрбэккэ ылар кыахтаахтар.

Өскөтүн, кыстык оту кэмигэр кыайан булбатахпытына, күһүөрү сүөһү ахсаана биллэ аҕыйыан сөп. Нэһилиэктэргэ оннук кэпсэтиилэр номнуо тахсан эрэллэр. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтата, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ оттооһун боппуруоһун күүстээх хонтуруолга ылыахтарын уонна тыа сиригэр көмөлөһүөхтэрин наада.

Урукку сылларга улуустарга атырдьах ыйын 15-20 күннэриттэн оттоммотох ходуһалары дьон ылан оттуурун көҥүллүүллэрэ. Ону кыһалҕалаах хаһаайыстыбалар киирэн оттууллара. Ити курдук көдьүүстээх миэрэлэри ылан, харса суох илиинэн оттоон, итэҕэс от кээмэйин, төһө кыалларынан, аччатарга кыһаллыахха наада. Санатан эттэххэ, бүгүҥҥү туругунан, өрөспүүбүлүкэ окко былаана 89 % эрэ туолар чинчилээх. Онон хас биирдии отчут салаа да оту хаалларбакка, оттуурга дьулуһуохтаах. 

“Бы­һаарыылаах күннэр-дьыллар саҕа­ланнылар. Онон ходуһаларга биир да салаа оту хаалларбакка оттуурга кыһаллыҥ,” – диэн кини ыҥырар.

Билигин Андрей Михайлович дойдутугар Мэҥэ Хаҥаласка дьонугар окко көмөлөһөн үлэлии-хамсыы сылдьар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38