Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

От ыйа бүтэн атырдьах ыйыгар үктэннибит. Сайыммыт үтүө кэмнэрэ кэннибитигэр хааллылар. Ол гынан баран, ходуһа үлэтэ биллэ бытаарда. Атырдьах ыйа, үгэс курдук, элбэх сөҥүүлээх буолар. Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр, үүнэн эрэр ый аҥаара бүтүннүү ардахтаах буолуо диэн сэрэтэллэр. Онон, отчуттарга күн-дьыл былдьаһыга саҕаланна.

От ыйа бүтэн атырдьах ыйыгар үктэннибит. Сайыммыт үтүө кэмнэрэ кэннибитигэр хааллылар. Ол гынан баран, ходуһа үлэтэ биллэ бытаарда. Атырдьах ыйа, үгэс курдук, элбэх сөҥүүлээх буолар. Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр, үүнэн эрэр ый аҥаара бүтүннүү ардахтаах буолуо диэн сэрэтэллэр. Онон, отчуттарга күн-дьыл былдьаһыга саҕаланна.

Былырыыҥҥытааҕар мөлтөх

Бу нэдиэлэтээҕи туругунан, өрөс­пүүбүлүкэ үрдүнэн 30 тыһ. кэриҥэ отчут, 11 тыһ. тиэхиньикэ, 8 553 звено ходуһаҕа киирдилэр. От үлэтэ саҕаланыаҕыттан 123 675 галаах сири охсон нэлэһиттилэр, онтон 92 862 туонна оту ыллылар. Ити былаантан 19 %-на буолар. Былырыыҥҥы дааннайы кытта тэҥнээн көрдөххө, ити көрдөрүү 13 752 туоннанан аҕыйах. Онон быйыл оттооһун хаамыыта биллэрдик бытаарбыта, мөлтөөбүтэ көстөр.

От ыйын 27 күнүнээҕи ааҕыынан, окко былаан 89 %-на эрэ туолар чинчилээх. Ол аата быйылгы кыстыкка 48 797 туонна от тиийимиэн сөп. Судургутук эттэххэ, икки улуус бүтүннүү кыстык ото суох халтайга олорон хаалбытыгар тэҥнээх.

Быйылгы оттооһун уустуктарын кытта кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык. 

Сана фото 1 копия

Бүлүү ходуһалара ууга былдьаннылар

Былырыын кыһын Бүлүү улууһугар халыҥ хаар түспүтэ. Онно эбии саас уонна сайын саҥатыгар мэҥэ халлаан дохсун ардахтарын кэрэйбэккэ түһэрбитэ. Ол түмүгэр I Күүлэт уонна Халбаакы нэһилиэктэригэр ходуһалар ууга былдьаннылар.

Билигин улуус 21 680 туонна оту ылар кыахтаах (итиннэ мобильнай биригээдэлэр 3 880 туонна отторо киирэ сылдьар). Ити быйылгы былааннарын 80 %-нын эрэ сабар. Былырыыҥҥы кур отторо – 460 туонна. Күн бүгүн былаан баара-суоҕа 16 %-на туолла, ол эбэтэр 4 560 туонна оту бэлэмнээтилэр. Үчүгэйэ диэн бүлүүлэр сиилэскэ былааннарын 92 % толордулар. Онон улуус кыстыгы кыл мүччү туорууругар өссө эбии 1,4 тыһ. туонна окко наадыйар. Ону, бэйэ ходуһаларыттан ылар кыайтарбатаҕына, атын улуустартан тиэйэр былааннаахтар.

Бу күннэргэ Кыргыдай, Халбаакы, Тоҕус уонна  I Тоҕус нэһилиэктэригэр оттуур сирдэр ууларын түһэрэр, уолларар үлэлэр бара тураллар. Онон бүлүүлэр үлэлэрэ өссө да элбэх. 

Чурапчылар Хаҥалас хочолоругар киириэхтэрэ

Чурапчылар быйылгы былааннарыттан 79 %-нын эрэ толорор кыахтаахтар. Ол эбэтэр 31 тыһ. туоннаны оттуохпут диэн ааҕаллар. Ону таһынан 1103 туонна кур оттоохтор. Оттон силээскэ былааннарын 100 % толорорго бигэ эрэллээхтэр.

Алаҕар, Бахсы, Мугудай, Сылаҥ нэһилиэктэригэр күүскэ курааннаан, от үүнүүтэ быстар мөлтөх. Онон былааннарын толороллорун улаханнык саарбахтыыллар.

Нэдиэлэтээҕи суһал дааннайынан, улуус отчуттара 8 962 туонна оту бэлэмнээн чөкөттүлэр. Ити уопсай былаантан 22 %-на буолар. Билигин 15 мобильнай биригээдэтэ тэриллэн, эбии 3 850 туонна оту буларга турунна. Ол үрдүнэн 4 тыһ. туонна син биир тиийбэт диэн аахпыттар. Онон Хаҥалас улууһун хочолорун уларсарга кэпсэтиилэр бара тураллар.

Основное фото

Уус Алдан алаастарын аһыҥа кэһэттэ

Быйыл Уус Алдан улууһун быйаҥнаах алаастарыгар аһыҥа халыҥ аймаҕа бигэтик олохсуйан, алаас иҥэмтэлээх отунан аһылыктанна. Ол түмүгэр алаас сыһыыларыгар от нэһиилэ бытыгыраан таҕыста. Онон улуус окко былаанын туолуута уустук туруктаах. Хаһаайыстыбалар 88 %-нын эрэ ылар кыахтаахтарын биллэрэллэр, ол эбэтэр 25 847 туоннаны. Былырыыҥҥы кур отторо 941 туонна. Инньэ гынан 22 суһал мобильнай биригээдэ тэриллэн, 2 000 туонна оту оттуурга ылыста. Биригээдэлэр ыраах быраҕыллыбыт ходуһаларга тахсарга оҥосто, бэлэмнэнэ сылдьаллар.

Бүгүҥҥү туругунан, улууска 7 694 туонна оту лөглөччү кэбистилэр, ол эбэтэр былааннарын 26 %-нын толордулар.

Хоту ыксаллаах балаһыанньа

Хоту улуустар киһилии оттуохтарын ойуур баһаардара мэһэйдэһэллэр. Холобур, Орто Халымаҕа ыксаллаах балаһыанньа биллэрилиннэ. Билиҥҥитэ 6 012 туоннаны (былаантан 91 %-нын) оттууллара сабаҕаланар. Итэҕэс оту буларга 5 мобильнай биригээдэ тэрилиннэ. Балар 600 туонна оту бэлэмниэхтэрэ. Бүтэһик дааннайынан, 1142 гааны охсон, мунньан 1 612 туоннаны ыллылар.

Дьаһал ылыллар

 Улуустар итэҕэс отторун сабарга Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ мобильнай биригээдэлэринэн эбии от бэлэмнээһинин тэрийдэ уонна анал кыраапыгы оҥордо. Онон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ити ньыманан 22 910 туонна от бэлэмнэнэрэ былааннанна.

Ону таһынан айылҕа үөскэппит уустуктарыттан эмсэҕэлээбит улуустары кыстык саҕана өрүһүйэргэ өрөспүүбүлүкэ сорох улуустарыгар хаһаас оту бэлэмнииргэ дьаһал ылылынна.

Үөһээ Бүлүү хаһаас оту бэлэмниир

Уустук балаһыанньалаах улуустарга отунан көмөлөһөр туһуттан өрөспүүбүлүкэ ама туруктаах улуустара хаһаас оту бэлэмнээһиҥҥэ ылыстылар.  Ол курдук, кэбээйилэр 670 туонна, абыйдар 300 туонна, ньурбалар 1500 туонна, сунтаардар 1000 туонна уонна үөһээ бүлүүлэр 3000 туонна эбии оту хаһааныахтаахтар. Бу улуустартан, көрөргүт курдук, саамай элбэх саппааһы Үөһээ Бүлүү улууһа бэлэмниэхтээх. Онон улууска от үлэтин хаамыытын кытта билистибит.

Сергей Иванов, Үөһээ Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта:

– Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин быйылгы былаанынан 24 370 туонна оту бэлэмниэхтээхпит. Улуус бэйэтэ 22-23 тыһ. туоннанан кыстыгы туоруур. Билигин 1931 киһи окко үлэлии сылдьар. Ол иһигэр 11 толору механизациялаах, 403 ситэтэ суох механизациялаах звенолар уонна 655 илии биригээдэтэ. Билиҥҥитэ оттооһун хаамыыта этэҥҥэ баран иһэр диэххэ сөп. Ол курдук, сорох нэһилиэктэр былааннарын аҥаарын толорон эрэллэр. Холобур, Кыракый, Оҥхой, Сургуулук, Ороһу, Өргүөт, Мэйик оттооһуҥҥа инники күөҥҥэ сылдьаллар. Ол гынан баран, кэлин дэлби ардаата, онон кыратык ыксата сырытта. Билигин халлаан көннөҕүнэ уонна 2-3 нэдиэлэ туран биэрдэҕинэ, былаан туола сыыһыа этэ.

Дьиҥинэн, Үөһээ Бүлүүгэ атын улуустарга холоотоххо, быйыл от үүнүүтэ ама курдук. Үрдүк эрэ сирдэр курааннаатылар, оттон сииктээх сирдэр үүннүлэр. Онон быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 3000 туонна хаһаас оту бэлэмниэхтээхпит. Ону таһынан былырыыҥҥы 1500 туонна кур оппутун эмиэ атыыга ыытар былааннаахпыт. Былырыыҥҥы уонна быйылгы оппутун категорияларга арааран тус-туһунан сыаналарынан атыылыахпыт.

Оҥхойго уонна Мэйиккэ

Егор Алексеев, Оҥхой уонна Мэйик нэһилиэктэригэр тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ:

–  Икки нэһилиэги хабан үлэлиибин. Быйыл нэһилиэктэрбэр от үлэтэ этэҥҥэ баран иһэр. Ол гынан баран, туох барыта халлаантан тутулуктаах. Кэлин ардаан,  инники мунньууларбытын кыайан кэбиспэккэ эрэйдэнэ сылдьабыт. Ол да буоллар, нэһилиэктэр былааннарын 45 % толордулар. Быйыл Оҥхой нэһилиэгэ бааһынайдары уонна кэтэх хаһаайыстыбалары холбоон  туран, окко былаана 1115 туонна, Мэйик – 1500 туонна.  Ити былааннарын билиҥҥитэ аҥаарын оттоон эрэллэр.

Икки нэһилиэк ходуһаларыгар от үүнүүтэ куһаҕана суох. Ол эрээри, биллэн турар, былырыыҥҥыга тиийбэт. Үрдүк сир ото кылгас уонна убаҕас, “тараҕай” кэриэтэ турар. Уу кытыылара ньүөлсүйэн уонна сииктээх буолан үчүгэйдик үүннүлэр.

Мэйик уонна Оҥхой балачча сүөһү­лээхтэр. Мэйиккэ 987 ынах сүөһү уонна 627 сылгы турар. Оҥхойдор 788 хороҕордоохтор уонна 575 сыспай сиэллээхтэр. Онон дьоммут от үлэтигэр олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар.

Мэйик отчуттара 1Мэйик отчуттара 2Мэйик отчуттара 3Мэйик отчуттара 4Мэйик отчуттара 5Мэйик отчуттара 7 копияМэйик отчуттара 8Мэйик отчуттара 9Основное фотоСана фото 1 копияСана фото 2 копия

Быйыл Мэйиккэ биир мобильнай биригээдэ тэрилиннэ. Улууска хаһаас оту оттуурга уонна “Сайылык” ТХПК-ҕа көмөлөһүөхтээх. Былырыын ити кэпэрэтииби саҥа тэрийбиппит. Билиҥҥитэ 45 сүөһүлээх, ол иһигэр 27 ыанар ынахтаах. Онтон сүүрбэ биэһэ төрөөтө, иккитэ кытарах. Быйылгыттан улуус­тан хотон тутуутун туруорса сылдьабыт. Ону кыайдахпытына, нэһилиэк кырдьаҕас уонна хаһаайыстыбаларын эһиэн баҕарар ыалларыттан сүөһүлэрин арендаҕа ылан көрүө этибит. Ити барыта нэһилиэккэ сүөһү ахсаанын оннунан тутан хаалан, аччаппат туһугар оҥоһуллар. Маай учаастагар бойня тутуллуохтаах, оччоҕуна чугас нэһилиэктэр хаһаайыстыбалара идэһэлэрин онно аҕалан туттарар буолуохтара.

Билигин бэйэм дьоммор окко кө­мөлөһө сылдьабын. 12 хороҕордоохтор. Былырыыҥҥы 2 кур оппутугар эбии уонча оту туруорар баҕалаахпыт. Оччоҕуна кыстык оппут тахсыахтаах. Эһиилгигэ эмиэ кыратык хаһаана оттуубут. Билигин аймахтар кыттыһан күүстээх хамаандалаахпыт. Бэйэм уолаттарым, аймах кыргыттар, оскуола оҕолоро көмөлөһө сылдьаллар. Үлэҕэ-хамнаска үөрэнэллэр. Уолаттар илии хотуурунан уу кытыытын, тыраахтар кыайан киирбэт сирдэрин охсон куһуурдаллар.

Окко от ыйын 13 күнүгэр киирбиппит. Ол гынан баран, ардахтан мэһэйдэтэн инники мунньууларбытын кыайан кэбиспэккэ сылдьабыт. Биир сирбит бугуллара икки төгүллээн ардахха былдьаннылар. Онон кэбиһэ тахсаары халлаан туран биэрэрин күүтэбит.

Түмүккэ

Бу нэдиэлэҕэ оттооһун туруга итинник. Күһүҥҥү күннэрбит чугаһаатылар. Сөрүүн салгын номнуо биллэр буолла. Онон отчуттар күнү-дьылы былдьаһа түһүнэн кэбиһиэхтэрин наада. Этэргэ дылы, чаҕылхай күн көмүскэ тэҥнээх былдьаһыктаах күннэрэ-дьыллара саҕаланнылар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38