Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Билигин хас биирдии киһи дохуотун улаатыннарыан, ипотекатын сабыан, ымсыырар таҥаһын таҥныан, маҕаһыыҥҥа киирэн, сыанатын көрбөккө эрэ атыылаһыан баҕарар. Ол эрээри, хамнаһыҥ баҕа санааҕар эппиэттэспэт буолан, эбии дохуот көрдүүргэр тиийэҕин. Сорохтор урбаан арыйыам этэ да харчым, идиэйэм суох диэн олорон хаалаллар, маннык дьону биисинэс-тириэнньэрдэр «уһугуннараллар».  

«Focus Pro» консалтинговай киини төрүттээбит Дьулустаан Тобун туохтан, хайдах саҕалаан, дохуоккун улаатыннарыаххын сөбүн туһунан кэпсээтэ.

1 17

Билигин хас биирдии киһи дохуотун улаатыннарыан, ипотекатын сабыан, ымсыырар таҥаһын таҥныан, маҕаһыыҥҥа киирэн, сыанатын көрбөккө эрэ атыылаһыан баҕарар. Ол эрээри, хамнаһыҥ баҕа санааҕар эппиэттэспэт буолан, эбии дохуот көрдүүргэр тиийэҕин. Сорохтор урбаан арыйыам этэ да харчым, идиэйэм суох диэн олорон хаалаллар, маннык дьону биисинэс-тириэнньэрдэр «уһугуннараллар».  

«Focus Pro» консалтинговай киини төрүттээбит Дьулустаан Тобун туохтан, хайдах саҕалаан, дохуоккун улаатыннарыаххын сөбүн туһунан кэпсээтэ.

1 17

-Дьулустаан, эн үгүс урбаанньыттары уонна саҥа саҕалыан баҕалаах дьону үөрэтэҕин. Оттон бэйэҥ ханна үөрэммиккиний?

-Бүлүүгэ төрөппүттэрим 6 маҕаһыыннаахтар уонна 2 кафе баар, уопсайа онно билиҥҥи туругунан, 100-чэкэ киһи үлэлиир. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, ити хас да тэрилтэни салайан үлэлэтэргэ дьоммор көмөлөһөөрү Москватааҕы Национальнай чинчийэр университет «Экэниэмикэ үрдүкү оскуолатыгар» (НИУ ВШЭ) үөрэнэ киирбитим.

Үөрэхпитигэр тэрилтэ менеджменин, маркетинын, экэниэмикэтин салайан үлэлэтэргэ үөрэппиттэрэ. Москваҕа улахан хампаанньаларга үлэлээн, түөрүйэни практиканы кытта алтыһыннаран, билиибин чиҥэтэн барбытым.

Онтон дойдубар, Бүлүүгэ, төннөн кэлэн, төрөппүттэрбин күннээҕи бытархай үлэттэн босхолообутум, тэрилтэни салайыыга саҥа сүүрээннэри киллэрэн, сыл ахсын урбааммыт улаатан-кэҥээн иһэр.  

image

-«Focus Pro» консалтинговай киини хайдах тэрийбиккиний?

-Бүлүүттэн Дьокуускайга көһөн кэлэн баран олохтоох урбаанньыттары кытта билсибитим. Урбааны салайыыга киллэрбит тиһигим куоракка суоҕун, араас сыыһа-халты туттунуу үгүстүк тахсарын билбитим. Урбаанньыттары үөрэппитим кэнниттэн атыылара хас да төгүл өрө көтөн тахсыбыта.

Бастакы килийиэннэрим дохуоттара үрдээбитигэр бу чахчы дьоҥҥо көмөлөһүөхпүн сөп эбит диэн семинар тэрийэн саҕалаабытым.

Лина Жиркова диэн кыахтаах финансиһы, биисинэс-консультаны кытта кыахпытын түмэн, биэс сыл анараа өттүгэр консалтинговай киин арыйбыппыт. Күн бүгүн хамаандабытыгар 35 киһилээхпит, онтон отута — Саха Сиригэр, биэһэ — Казахстаҥҥа бааллар. Урбаанньыттарга көмөлөһөр үөрэхпитин биир эрэ сиринэн муҥурдаммакка, кэҥэтэн иһэр былааннаахпыт. Холобур, билигин казах урбаанньыттарын үөрэтэн эрэбит.

-Билигин хас биирдии киһи ыйдааҕы дохуотун үрдэтиэн баҕарар, ону хайдах ситиһиэххэ сөбүй?

-Саҥа саҕалыыр дьоҥҥо төһө дохуот киириэн сөбүн, итинник өҥөнү оҥорооччу төһө элбэҕин ааҕан-суоттаан биэрэбит. Үгүс дьон Саха Сиригэр суох идиэйэни толкуйдаан, тута халыҥ харчыны баһыахпыт дии саныыллар. Өскөтүн ырыынакка күрэстэһии суох түгэнигэр, ол аата ити табаарга дьон наадыйбат, атыылаһыан баҕарбат буолуон сөп.

3-10 конкуреннаах халыҥ харчы эргийэр эйгэтигэр киирэн, атыттардааҕар түргэнник, дьоҥҥо туһаны аҕалар курдук үлэлээбит ордук. Кавказтан, Орто Азияттан кэлбит дьон ырыынагы тута өйдөөн, бэйэлэрин миэстэлэрин булан, үлэлии сылдьаллар.  

Биһиги сахалар, наһаа ураты, сэдэх идиэйэни тобулан таһаара сатыыбыт, онтубут бэрт кыра харчыны аҕалар. Онон уустугурдубакка, харчы баар, үчүгэйдик эргийэр сиригэр киирэн үлэлээн иһиэххэ наада.  

msg907336370 27467

-Дохуотуҥ улаатарын туһугар аан бастаан өйгүн-санааҕын уларытыаххын наада дииллэр. Ол аата хайдах уларыйабыт?

-Киһи баҕа санаалаах, ону олоххо киллэрэргэ бигэ эрэллээх буолуохтаах. Биһиги ырыынагы чинчийэн көрөргө, көдьүүстээх рекламаны сөпкө оҥорорго, үлэһиттэри салайарга, саҥа саҕахтары дабайарга кэлэктииби сирдээн илдьэргэ үөрэтэбит. Оччоҕуна биирдэ тэрилтэ киллэрэр дохуота үрдүүр. Аҥаардастыы лиэксийэ буолбакка, араас сорудах биэрэн оҥотторобут, ол иһин дьон түргэнник өйдүүр, ылынар.

Ис тутулун өйдөөбүт киһиэхэ тута эрэл киирэр, эрэллээх киһи сыалын-соругун ситиһэргэ харса суох үлэлээбитинэн барар. Холобур, 300 тыһ. солк. барыс ыларга 1 мөл. солк. суумалаах табаары атыылыахтааххын.

Сорох дьон сыыһа-халты туттунан, үгүс-үтүмэн иэскэ киирэн хаалаллар, онон хас биирдии хардыыгын ааҕан-суоттаан оҥоруоххун наада.

-Кыахтаах дьон соҕуруу сылаас дойдуга, муора кытылыгар олорон, куйаар ситимин нөҥүө үлэлииллэр, кинилэр итинник таһымҥа хайдах тахсалларый?

-Көһүөҥ иннинэ кырата үс сыл күүскэ үлэлээн, саамай намтаабыта 300 тыһ. солк. барыс киллэрэр биисинэстээх буолуоххун наада. Үчүгэйдик үлэлиир кэлэктииби түмэн, саатар 7 киһилээх хамаанда оҥорон, эйигин эҥкилэ суох солбуйар дьону булан баран биирдэ көһөр туһунан толкуйдуур ордук. Кыаҕырбыт, атахтарыгар турбут саха урбаанньыттара Таилаҥҥа, Турцияҕа, Сочига олорон нэдиэлэҕэ икки чаас кэриҥэ үлэлииллэр, Zoom нөҥүө мунньах ыыталлар.

msg907336370 27468

-45 000 – 50 000 солк. хамнастаах дьон туохтан саҕалаан, дохуоттарын улаатыннарыахтарын сөбүй?

-Киһи бастаан аҕыйах харчыны эргитэргэ үөрэниэн наада. Үс ыйдааҕы хамнаскын мунньан баран чэпчэки сыанаҕа табаар атыылаһан, ону эбэн атыылаан, саатар 50 000 солк. барыс ылыахтааххын. Эбэтэр өҥө оҥорон, дохуот киллэринэҕин. Атыылыыр үөрүйэххин сайыннаран, салгыы 500 тыһ. солк. урбааҥҥа уган, үүнэн-сайдан иһэҕин. Рекламаҕа, маркетиҥҥа, атыыга, үбү-харчыны улаатыннарарга уопута суох киһи кирэдьиит ылара сэрэхтээх, умайан хаалыан сөп.

Уопута суох дьон 3-5 мөл. солк. урбааҥҥа угаллар уонна кыайан үлэлээбэккэ ночоокко бараллар. Саҥа саҕалыырга рекламаны оҥорор, дьону салайар, атыылыыр дьоҕургун сайыннардаххына биирдэ ситиһии кэлэр.

-«Focus Pro» вебинарыгар үөрэммит, урбааны туга да суох кыраттан саҕалаабыт дьон тугу ситистилэр?

-Биһиги бастаан улахан урбаанньыттары кытта үлэбитин саҕалаабыппыт, «Азбука», «Татыйыына» о.д.а. маҕаһыыннар атыыларын улаатыннарарга көмөлөспүппүт. Уопсайа 700 тэрилтэ итинник үөрэҕи ааспыта.

Саҥа саҕалыыр дьону кытта бу саҥа үлэлээн эрэбит, биир сыл иһигэр номнуо 100-200 тыһ. барыска таҕыстылар. Улахан атыыга хайдах тахсыахха сөбүн өйдөөтүлэр.

-Үйэлэрин тухары судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ үлэлээбит, биэнсийэҕэ тахсара чугаһаабыт дьон биисинэс арыйан, ситиһиилээхтик үлэлиэхтэрин сөп дуо?

-Биисинэһиҥ сайдара сааскыттан буолбакка, ис эниэргийэҥ төһө кыахтааҕыттан тутулуктаах.

Харчы эниэргийэлээх, бэйэтигэр эрэллээх дьоҥҥо кэлэр. Эдэрдии эрчимнэрин ыһыктыбакка, олоххо интэриэстэрин сүтэрбэккэ үгүс-үтүмэн идиэйэ толкуйдаан, үлэлии сылдьар саастаах дьон бааллар.

Биир килийиэммит Сунтаарга 20 тахса маҕаһыыннаах, 70 саастаах Нина Прокопьевна билигин даҕаны күүстээх санаалаах, элбэх идиэйэлээх. Кини биисинэһин 45 сааһыгар саҕалаабыта.

20-30 саастаах мөдөөн, эниэргийэтэ суох, бытааннык толкуйдуур дьон бааллар. Ис эниэргийэ олоххор туох сыаллааххыттан, амбицияҕыттан тутулуктаах.

msg907336370 27463

Дьон улахан аҥаара 50 саастарыгар эниэргийэлэрэ кыччаан, бытааран хаалаллар, олохпут улахан аҥаарын олордубут диэн саҥа сыал-сорук туруорумматтар. Оттон саҥа сыал-сорук туруордахха, 60-70 сааскар диэри эниэргийэ киирэн, киһи күүскэ үлэлээн барар.

Мин биисинэс-партнерум Лина Жиркова олоҕун орто омурҕанын ааспыта эрээри, биһиги кэлэктиипкэ саамай эрчимнээх, идиэйэнэн өрө тыга сылдьар киһибит кини. 30 саастаах эдэр дьону кини хамсатар, ыйан-кэрдэн биэрэр. 

Киһи ис эниэргийэтин күүһүрдэн биэрэри сатаатаҕына, үлэҕэ кыайыылаах-хотуулаах буолар. Эниэргийэҥ таһыма олоххор туох ыра санаалааххыттан тутулуктаах, 5-10-20 сылга сыалгын суруннаххына, онтуҥ инникигэ сирдиир, санааҕын кынаттыыр.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31