Саха итэҕэлинэн киһи үс куттаах. Ол куппут – күнү, сири, ыйы кытта ситимнээхтэр. Бу маны дакаастаан,чинчийэн көрүү оҥорон,үс араас дойду учуонайа 2022 сыл түмүгүнэн Нобелевскай бириэмийэ ыллылар.Ыйтан ыйаахтаах ый оҕолоро, көхсүттэн көнтөстөөх Күн улууһун оҕолоро буоларбытын кэрэһэлээн, аан дойду учуонайдарын түмсүүтүн итэҕэттилэр. Биһи күнтэн уонна ыйтан утахтанар ситимнээхпит. Күҥҥэ туох буолара ыйга уонна икки атахтаахха дьайарын учуонайдар20-чэ сыл чинчийэн, бииртүмүккэ кэлбиттэрин дакаастаатылар.
Байыаннай дьайыы, экэнэмиичэскэй кириизис сылбыт түмүктэннэҕинэ сыыйа-баайа көнүө, олохпут-дьаһахпыт оннугар түһэн барыа, онон инникигэ эрэл үчүгэй. Быйыл сайын ардах эрдэ түһэн, түүн сылыйан, оҕуруот, сир аһа өлгөмнүк үүнэр, быйаҥнаах сайына буолуо.
Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0