Бэс ыйыгар туох барыта сириэдийэр, ситэр. Кэҕэлэр муҥутаан этэн чоргуһаллар, чыычаахтар ырыалара дьырылыыр. Күөллэргэ балыктар күннээн ыыллар. Толоон-сыһыы ахсын сибэккилэр ситэллэр: намыһах налыы сирдэргэ таҥара кийииттэрэ, кулун ньургуһуннара, чуораанчыктар, талахтар анныларыгар тураах атахтара, кырдалларга алтан оттор, сир ийэлэрин симииллэр. Ходуһаларга араас оттор үүнэллэр, дьикти кэрэ үрүмэччилэр көтөн тэлимнэһэллэр.
Ый саҕаланыытыгар саха ыала сайылыкка тахсар.Титииктэр тиэргэннэригэр түптэ буруота унаарар, ынахтар маҥыраһаллар, атыыр оҕус айаатыыр, ньирэйдэр мэҥирэһэллэр. Ити барыта самаан сайын саҥата буолан иһиллэр. Бэс ыйыга рыһыы үлэтэ бүтэн, хомуурга бэлэмнэнэллэр.
Бэс ыйа-ыһыах ыйа. Дьоннор биэлэрин ыан, кымыс көөнньөрөллөр. Ыһыахтар түһүлгэлэригэр ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары уохтаах кымыһынан, үтэһэлээх этинэн күндүлүүллэр. Илии-атах оонньууларыгар күрэхтэһэллэр, оһуокайдаан ойоллор, ырыа-тойук дьиэрэйэр, көрү-нарыкөҕүлүттэн туталлар, сүүрүк аттары сырыһыннараллар.
Бу ыйга саамай уһун күннэр тураллар. Саамай сырдык үрүҥ түүннэргэ киэһээҥҥи уонна сарсыардааҥҥы саһарҕа сандаарар. Ый 21 күнэ-саамай уһун күн, саамай кылгас түүн.
Бэс ыйын 3 күнэ – Саар Көстөкүүн. Анды үгэннээн киирэр. Сайылык малааһына.
Бэс ыйын 16 күнэ – хотугулуу арҕааттан тыалырдаҕына, сайына ардахтаах буолар.
Бэс ыйын 19күнэ – күн уһуна 19 чаас 46 мүнүүтэ. Мантан ыла биир таһымҥа 4 күн турар,ол аата бэс ыйын 23 күнүгэр диэри.
Бэс ыйын 19 күнэ -от ыйын ортотугар диэри хатыҥ туоһун хастааһын кэмэ.
Бэс ыйын 21 күнэ–Ыһыах күнэ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр кэмэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах,ороһу биэ төрүүр, андаатар ууһуур. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтүүр.
Бэс ыйын 22 - күнэ саамай уһун күн, кылгас түүн.
Бэс ыйын 25күнэ - дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр.
Бэс ыйын 26күнэ - Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар.Мас кэхтэр тыала түһэр. Бу күнтэн Саха Сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0