Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Сайыммыт бастакы декадата ааста даҕаны, куйаас түһэ илик, күүстээх тымныы тыал салгыны чэбдигирдэр, онон чараас таҥаһынан сылдьар эрдэ курдук. Тускул Сахабыт Сирин улуустарыгар сайын хаһан сылыйарын, этиҥнээх ардах хаһыска түһэрин билгэлээтэ.

Сайыммыт бастакы декадата ааста даҕаны, куйаас түһэ илик, күүстээх тымныы тыал салгыны чэбдигирдэр, онон чараас таҥаһынан сылдьар эрдэ курдук. Тускул Сахабыт Сирин улуустарыгар сайын хаһан сылыйарын, этиҥнээх ардах хаһыска түһэрин билгэлээтэ.

Киин улуустарга:

Бэс ыйыгар үгүс киин улуустарга, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, балай да эрдэ сылыйан, буһарык куйаас саҕаланыаҕа. I декадаҕа син ардахтаах, онтон атын декадаларга кураанах, ол оннугар этиҥнээх ардах түһүө.

Бу ый I декадатыгар күнүс +21С-23С, түүн +8С – 10С.

II декадаҕа күнүс +22С- 25С, түүн  +16С- 18С.

III декадаҕа +23С – 28С, түүн  +16С – 18С буолара күүтүллэр.

Бу ыйга түүн +15 С- 17С диэри сылыйан, от-мас, сир аһа үүнэригэр үчүгэй буолсу.

 

Бүлүү бөлөх улуустарыгар:

Бүлүү эҥэр улуустарыгар киин улуустары кытта тэҥҥэ балай да сылыйыыһык, түүн биллэ сылаас буолсу. I декадаҕа ардахдаах, онтон атын кэмнэргэ самыыр кыралаан таммалыа.

Бу ый I декадатыгар күнүс +20С- 22С, түүн +7 С-10С.

II декадаҕа күнүс +21С – 24С, түүн  +12С – 16С.

III декадаҕа күнүс+23С-25С, түүн  +16С- 18С.

 

Соҕуруу улуустарга: 

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга I декадаҕа ардахдаах буолсу, онтон атын кэмнэргэ кыралаан түһүөҕэ. Салгын температурата былырыыҥҥы куйааска тиийиэ суоҕа.

Бу ый I декадатыгар күнүс +21С- 23С, түүн +8С – 11С.

II декадаҕа күнүс +22С-25С, түүн  +13С- 17С.

III декадаҕа күнүс+23С- 25С, түүн  +16С- 18С.

 

Өймөкөөҥҥө:

Өймөкөөн улууһугар бэс ыйа балай да сылаас буолсу. Бастакы да, бүтэһик да декадаҕа ардах олох кэмчи.

Бу ый I декадатыгар күнүс +19С- 21С, түүн +5С-8С.

II декадаҕа күнүс +18 – 21С, түүн +10С- 13С.

III декадаҕа күнүс +20С- 23С, түүн +11С- 14С.

Үөһээ Дьааҥыга:

Үөһээ Дьааҥы улууһугар былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, онно тиийбэт курдук сылыйыыһык.I уонна II декадаҕа этиҥнээх ардах, онтон көннөрү самыыр түһүө.

Бу ый I декадатыгар күнүс +18С- 21С, түүн +5С- 8С.

II декадаҕа күнүс +18С- 21С, түүн +12С- 16С.

III декадаҕа күнүс +20С-23С, түүн +12С- 15С.

Абый, Муома, Халыма улуустарыгар:

Халыма-Индигиир эҥэр улуустарыгар бу сайын былырыыҥҥы куйааска тиийиэ суоҕа, орто сылаас буолсу. Бэс ыйын II – III декадатыгар балай да ардахтаах.

Бу ый I декадатыгар күнүс +20С-22С, түүн +6С- 9С.

II декадаҕа күнүс +20С-22С, түүн +15С-18С.

III декадаҕа күнүс +20 С- 23С, түүн +10С- 13С.

 

Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ улуустарыгар:

Аартыка эҥэр улуустарыгарурукку сылларга холоотоххо, сайын саҕаланыыта балай да сылыйыыһык.Бастакы-иккис декадаҕа сөҥүүлээх буолсу, үһүс декадаҕа кураан туруо.

Бу ый I декадатыгар күнүс +2С- 6С, түүн +2С- 4С.

II декадаҕа түүҥҥү өттүгэр балай да тымныйыыһык. Күнүс +4С-8С, түүн +2С- 4С.

III декадаҕа күнүс +9С- 11С, түүн +3С- 3С.

Декада диэн ый 10 хонуга ааҕыллар:

I Декада- ый 1-10 күннэрэ

II Декада- ый 10-20 күннэрэ

III Декада- ый 20-30 күннэрэ

Хаартыска: ЯСИА 

  • 1
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31