Экскурсовод Анастасия Попова хас биирдии экспонат устуоруйатын, өрөспүүбүлүкэҕэ кыһыл көмүһү, алмааһы, чароиты, рубины, изумруду о.д.а. айылҕа таастарын хостооһун, ювелирнай киэргэли оҥоруу сайдыытын туһунан кэпсээтэ.
Өстүөкүлэ таас нөҥүө хас да киилэлээх көмүс слитоктар, араас быһыылаах самородоктар быыстапкаҕа таһаарыллыбыттар. «Хотугу сулус» Саха Сирин сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо бэриллэр саамай үрдүкү наҕараада бэлиэтэ бирилийээн киэргэтиилээх.
Киһи хараҕар саамай быраҕыллара куомпас быһыылаах 472 караттаах 250 бирилийээн уокка чаҕылыйан, ыраахтан күлүмүрдүүр. Хараххын кыратык симириктээн көрдөххүнэ, күндү таас саҥа түспүт хаар курдук кылабачыйар.
«Карат диэн алмаас ыйааһынын быһаараллар. 200 мг. (0,20 гыраам) рожковай мас туорааҕын кээмэйин урут аптекаҕа эмп-томп оҥороллоругар тутталлар этэ. Онтон алмааһы хосточчулар күндү тааһы кэмнииллэригэр туттар буолбуттара.
Айылҕа алмааһа араас өҥнөөх: араҕас, хара, оруосабай, бороҥ, от күөҕэ о.д.а. эрээри, үксэ үрүҥ дьүһүннээх», — диэн этэр экскурсовод Анастасия Попова.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0