Хайдах бэлэмнибиит? Моркуоптары түѳркэлээҥ. Биэрэстэри солуомкаларга быhыҥ. Помидордары хахтааҥ уонна кыра куhуоктарга быhыҥ. Оҕуруот аhын барытын холбуу биир иhиккэ кутуҥ, туустааҥ уонна 5-6 чаас туруоруҥ.
Салаат буhарар иhиккэ мас арыытын, саахары уонна уксууhу кутуҥ, специялары эмиэ эбэн биэриэххэ сѳп. Мѳлтѳх уокка 5 мүн. оргутуҥ уонна бэлэмнэммит оҕуруот аhын угуҥ. Итиэннэ 30 мүн. устата булкуйа-булкуйа буhарыҥ.
Бэлэм салааты стерилизованнай бааҥкаларга кутаттааҥ уонна тута хаппахтааҥ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0