Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

 Бөөлүүн, ол эбэтэр от ыйын 12 күнүгэр, Таатта улууһун Уолба бөһүөлэгиттэн 2-3 чугас сиргэ биэни уонна убаһаны тардыбыт эһэни өлөрдүлэр.

 Бөөлүүн, ол эбэтэр от ыйын 12 күнүгэр, Таатта улууһун Уолба бөһүөлэгиттэн 2-3 чугас сиргэ биэни уонна убаһаны тардыбыт эһэни өлөрдүлэр.

 Микиитэ Сайылыга уонна Сүгэ Сүппүт диэн сирдэр дэриэбинэттэн 2-3 км чугастар. Манна эһэлэр буулааннар, сыспай сиэллээҕи тарданнар, нэһилиэнньэҕэ куттал суоһаабыта.

ссс

         --Бэҕэһээ, от ыйын 11 күнүгэр, нэһилиэк баһылыга Василий Рахлеев, быраата Роман Рахлеев уонна Руслан Слепцов буолан үһүөн бултаһа барбыттара. Өлүктэр аттыларыгар кэтээн, түүн атыыры дьаһайдылар, оттон тыһы хараҥаҕа куотан хаалбыт, -- диэн кэпсиир  Уолба  олохтооҕо Иннокентий Неустроев.  

index 1

 Руслан Слепцов айан суолугар баар чайнойугар аҕалан, сарсыарда 4 чаастаан астаан бардылар. Билигин нэһилиэнньэҕэ босхо түҥэтэ тураллар.       

3 1

  Аны билигин биир тыатааҕытын өлөрдөхтөрүнэ, дьон ити эҥээр хаптаҕастыы, дьэдьэннии куттаммакка барыа этэ.

        

  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21