Бу 14.07.2022 305№-ФС уонна 29.12.2022 638-ФС № сокуоннар, итиэннэ Росгвардия бирикээстэрэ от ыйын 15 күнүттэн күүстэригэр киирэллэр.
Булт билиэтин таhынан маннык докумуоннарга Росгвардиянан булт саатын илдьэ сылдьыыга уонна туhаныыга, саа сэбин харайыыга, саа сэбин харайыыга уонна илдьэ сылдьыыга, саа сэбин харайыыга уонна туhаныыга бэриллибит кѳҥүллэр сыhыаннаhаллар.
РФ гражданиныгар бэриллэр саа сэбин илдьэ сылдьыыга уонна туhаныыга кѳҥүл дьайыытын болдьоҕо 5 сыл.
Хампаанньалар уонна ИП атын дойду дьонугар булка саа сэбин биэрэр быраабы эмиэ ыллылар, ол эрээри омук гражданнарыгар саа сэбин бас билэргэ национальнай докумуон эбэтэр судаарыстыба дипломатическай бэрэстэбиитэлистибэтин хадатаайыстыбата баар буолуохтаах. Омук гражданиныгар бул сэбин бултуурга биэрэр кѳҥүл дьайыытын болдьоҕо — 90 халандаарынай күн.
Источник: «Парламентскай хаhыат».
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0