Тургутук Афанасий Федоров, алгысчыт, өбүгэ үгэһин утумнааччы ыйан-кэрдэн биэриитинэн оҥоһулунна.
1. Таҥха кэмигэр сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый?
а) Тохсунньу 13 күнүгэр тахсаллар.
б) Тохсунньу 7 күнүгэр.
в) Тохсунньу 10 күнүгэр.
2. Сүллүкүүттэр ойбонноругар хаһан төттөрү түһэллэрий?
а) Тохсунньу 12 күнүгэр.
б) Тохсунньу 15 күнүгэр.
в) Тохсунньу 19 күнүгэр.
3. Таҥха кэмигэр туох бобулларый?
а) Баттаххын кырыттарар.
б) Улаханнык айдаарар, киэһэ түннүгүнэн таһырдьаны одуулуур.
в) Саҥаны саҕалыыр.
4. Таҥха кэмигэр өлбүт дьону тоҕо ыҥыралларый?
а) Хараҥа кэмҥэ хараҥа күүстэр тахсар кэмнэрэ, ол иһин өлбүт дьон дууһатын ыҥыраллар.
б) Инникини билээри.
в) Барбыт дьон дууһатын кытта кэпсэтээри.
5. Өбүгэлэрбит таҥха кэмигэр сэргэ төрдүгэр саҥа хаары сиидэлиир этилэр, онно туох бэлиэ көстөр этэй?
а) Балаҕан.
б) Сылгы үөрэ.
в) Кулунчук, торбос туйаҕын суола ынах-сүөһү туруга үчүгэй буолуоҕун кэрэһэлиирэ.
6. Ыал буолуон баҕарар дьон инники дьылҕаларын хайдах сэрэбиэйдиир этилэрий?
а) Иһиттээх ууга кылгас икки иҥиир (сүөһү иҥиириттэн сулуйан ылаллар) сабы эрийэн баран ыыталлара. Холобур, Уйбааннаах Настаа ыал буолар түгэннэригэр саптар эриллэн холбоһон хаалаллар, эбэтэр төттөрүтүн арахсыахтарын сөп.
б) Биһилэх көрөллөр.
в) Кумааҕы күлүгүн көрөллөр.
7. Айаннаан кэлбит уонна дьиэлээх аттар кэпсэтэллэрин кыбыыга киирэн иһиллээн олорон, өбүгэлэрбит тугу сылыктыыр этилэрий?
а) Аттар сахалыы саҥарар курдук быйыл хайдах дьыл буоларын түстүүллэрэ, туох уларыйыы буоларын кэпсииллэрэ.
б) Ким быйыл сылы этэҥҥэ туоруурун-туораабатын этэллэр.
в) Ким ыал буоларын, хас оҕолонорун сэһэргииллэр.
8. Аттар кэпсэтэллэрин иһиллии кэлбит киһини биллэхтэринэ, туох буолуон сөбүй?
а) Сылгылар сиргэнэн, куотан хаалаллар.
б) Аттар кэпсэппэттэр.
в) Өлүү-сүтүү тахсыан сөп диэн этэллэрэ.
9. Былыр былыргыттан кэрэ аҥаардар кыһыл көмүс биһилэххэ таптыыр, күүтэр киһилэрин көрө сатыыллар. Онно бу киһи төһө өр олорорун хайдах сылыктыылларый?
а) Уһун дьоллоох олохтоох киһиэхэ сибэкки, таптал бэлиэтэ, үтүө бит көстөр, оттон сотору олохтон туоруур киһиэхэ кириэс тахсар.
б) Сотору барар киһиэхэ хоруоп көстөр.
в) Уһун үйэлээх киһиэхэ уһун көнө суол субуллар.
10. Остуолу хаамтарар бэрт сэрэхтээх диэн өбүгэлэрбит сэрэтэллэр, кинилэр туохтан куттанар этилэрий?
а) Остуол иччитэ күүстээх, онон идэлээх эрэ дьон хаамтараллара. Өскөтүн остуол иччитэ уордайан, атаҕын холумтаҥҥа тоһутан кэбистэҕинэ, дьиэлээх дьон кыһыны туорууллара күчүмэҕэй буолар диэн этэллэрэ.
б) Остуол иччитин кыайан тохтоппотохторуна, дьиэ иһин бүтүннүү сүргэйэн, ыһан кэбиһэр. Ол куһаҕан бит.
в) Остуол иччитэ күүстээх буолан, дьону эчэтиэн, сабыта охсуон сөп.
11. Хотоҥҥо кэтиллибит ынах этэрбэһин хаамтаран, өбүгэлэрбит тугу сэрэбиэйдиир этилэрий?
а) Төһө өр олороллорун сылыктыыллар.
б) Кэтэҕириин оронтон ааҥҥа диэри этэрбэс охтубакка хаамтаҕына, ынах-сүөһү дьылы этэҥҥэ туоруур дииллэрэ.
в) Баҕа санаа туоларын-туолбатын тургуталлар.
12. Бүлүүһэ сүүрдээччилэр хас ахсааннаах буолуохтаахтарый?
а) Четнай 2,4,6 буолан сүүрдэллэр.
б) Хас баҕарар буолан кытталлар.
в) Четнайа суох, 3,5,7 киһи сүүрдэр.
13. Бүлүүһэ сүүрдэргэ хас сыллааҕыта барбыт киһини ыҥыралларый?
а) 3 сыл анараа өртүгэр өлбүт киһи дууһатын ыҥыраллар, быйыл барбыт киһини ыҥырар улахан аньыы.
б) Былырыын.
в) 5 сыллааҕыта.
14. Суоруна тардааһыныгар тоҕо иннэни анньалларый?
а) Бэйэни көмүскэнэн.
б) Абааһы мэһэйдэспэтин диэн.
в) Иннэ анньар булгуччута суох.
15. Таҥхаҕа туохтан сэрэнэллэрий?
а) Сыыһа-халты туттуу, саҥарыы охсуулаах буолуо диэн Таҥханы сэрэнэн оҥороллор.
б) Абааһыттан.
в) Иччиттэн.
16. Тохсунньу ыйга сахалар туохтан туттуналларый?
а) Саҥа дьиэҕэ киирэртэн.
б) Ыал буолан, уруу киэһэтин тэрийэртэн.
в) Сэрэбиэйдииртэн.
Сөптөөх эппиэттэр:
- А
- В
- Б
- А
- В
- А
- А
- В
- А
- А
- Б
- В
- А
- Б
- А
- Б
Төһө сөптөөх эппиэти биэрбиккитин эбэн кэбиһиҥ.
10-тан тахса — уопуттаах таҥхаһыт, өбүгэ сиэрин-туомун билээччи Эн эбит!
7 иһинэн — орто таҥхаһыт ахсааныгар киирэҕин, былыргыны билииҥ-көрүүҥ эмиэ орто сиэринэн.
3 эрэ — Таҥха диэни арааһа саҥа истэҕин быһыылаах, былыргыны интэриэһиргээбэт, ааспыты аахайбат, сэрэбиэйинэн үлүһүйбэт дьон ахсааныгар киирэҕин.
Хаартыска: куйаар ситимиттэн.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0