Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Натали – олоҕун тосту уларытартан толлубат, сылаас Хара муора кытылыгар тиийэн, кими да билбэппин диэн толлон олорбокко саҥаны харса суох саҕалыыр, хас да үлэни тэҥинэн үмүрүтэр үлэһит киһи, кини хас биирдии күнүн былааннаан, туруоруммут сыалын-соругун кэмигэр ситиһэр үтүө өрүттээх. Төрдүс сылын Краснодарскай кыраайга олорор. Бу күннэргэ Наталины кытта сибээстэһэн, соҕуруу дойду олоҕун туһунан ирэ-хоро сэһэргэстибит. 

Натали – олоҕун тосту уларытартан толлубат, сылаас Хара муора кытылыгар тиийэн, кими да билбэппин диэн толлон олорбокко саҥаны харса суох саҕалыыр, хас да үлэни тэҥинэн үмүрүтэр үлэһит киһи, кини хас биирдии күнүн былааннаан, туруоруммут сыалын-соругун кэмигэр ситиһэр үтүө өрүттээх. Төрдүс сылын Краснодарскай кыраайга олорор. Бу күннэргэ Наталины кытта сибээстэһэн, соҕуруу дойду олоҕун туһунан ирэ-хоро сэһэргэстибит. 

Тэттик билиһиннэрии:

 НАТАЛЬЯ ПРОТОПОПОВА – НАТАЛИ

– Нам улууһуттан төрүттээх.

– СГУ суруналыыстыка салаатын бүтэрбитэ.

– Араас сылларга “Саха Сирэ”, “Киин Куорат” хаһыаттарга, Эстрада театрыгар, “Айар” кинигэ кыһатыгар үлэлээбитэ.

– СӨ Култууратын уонна Бэчээтин туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, “Нам улууһун сайдыытыгар барҕа кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката, элбэх кинигэ ааптара, ону таһынан, өр сылларга култуура эйгэтигэр үлэлээн кэллэ. Дьоро киэһэлэри  ыытар тамада, тэрийээччи быһыытынан киэҥник биллэр. Түөрт киинэҕэ артыыс быһыытынан оонньообута.

image 28 04 24 09 50

– Аҕыйах сыллааҕыта ойуур баһаардарыттан, быыллаах куораттан үгүс саха соҕуруу дойдуга көһөн барбыта. Эн олохсуйарга чопчу күннээх Краснодар куораты хайдах талбыккыный?

– Мин 2001 сыллаахха СГУ суруналыыстыка салаатын бүтэриэхпиттэн өр сылларга хаһыат кэрэспэдьиэнинэн  үлэлээбитим. Сүүрбэччэ сыл тухары кур бэйэҥ кубулуйбакка куруук биир үлэттэн салҕан хаалар курдуккун. Кэлин ханнык эрэ атын куоракка олорбут, олохпун тосту уларыппыт, атын эйгэҕэ үлэлээбит киһи диэн саныырым. Бастаан утаа Москубаны харахпар көрөрүм. Онтон 2020 сыллаахха күһүн Сочига сынньана бара сылдьан бу дойдуну ис сүрэхтэн сөбүлээн, сылаас, муоралаах сиргэ кыстыырым дуу дии санаабытым. Өр толкуйдуу барбакка биир чымадааммын хомунаат, сэтинньигэ Сочига саҥа олоҕу саҕалыы кэлбитим.

Манна сайыннары-кыһыннары турист элбэх, кинилэри тэрийэргэ-бэрийэргэ үлэ үгүс, ол иһин ити салааҕа холонон көрөргө быһаарыммытым. Ол курдук, Сочига биир сыл олорор кэммэр саха туристарын кытта үлэлээбитим. Субсидия­лаах авиабилиэттэри, туурдары, экскурсиялары атыылыырым, 2021 сыл сайыныгар Клим Федоров туурун тэрийбиппит.

Сочи элбэх аралдьыйыылаах аныгы куруорт, кыһыннары күп-күөх пальма, сибэкки быыһыгар турар куорат буолан, дьиэ, куортам, ас-таҥас сыаната уһулуччу үрдүк. Бу  куоракка барыта үксүн туризм эрэ күүскэ сайдан турар, атын эйгэҕэ үүнэргэ-сайдарга, үлэлиир­гэ араастаах. Ол иһин 2021 сыл сайыныгар Краснодарга көспүтүм. Краснодар мөлүйүөннээх куорат буолан үлэ, дьарык элбэх, урбаан эйгэтэ олус сайдыылаах. Элбэх бизнес-кииннэр бааллар, урбаанньыттар түмсэллэр, араас үөрэхтэр, трениннэр, кэмпириэнсийэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Онон, миэхэ олус сөптөөх куорат диэн көрөбүн. Быйыл Краснодарга олорбутум үһүс сыла.

– Краснодарга саха төһө элбэх эбитий? Тугунан дьарыктанан, үлэлээн-хамсаан олороллоруй?

– Краснодарскай кыраай үр­дүнэн саха олус элбэх. Кинилэр кырыа кыһын хас да ый күн көстүбэт томороон тымныытыттан, үүт тумантан, дьиэҕэ хааллан олорууттан куотан көһөн бараллар, эбэтэр кыстыы кэлэллэр, оннук дьон ахсаана сыл ахсын эбиллэ турар. Бары араас куораттарынан тарҕанан олороллор. Краснодар сахалара бэйэбит бассаап бөлөхтөөхпүт, киһи элбэх. Бары бэйэ-бэйэбитин кытта билсэ-көрсө олоробут.

Манна олорор сахалар араас үлэҕэ үлэлииллэр. Кэрэ аҥаардар үгүстэрэ риелтордар, сорохтор куйаар ситиминэн онлайн үлэлииллэр, араас марафоннары ыыталлар, кимнээх эрэ атыы-кутуу эйгэтигэр урбааннаахтар. Ону таһынан, массыыналаах сахалар туризм эйгэтигэр араас туурдары, экскурсиялары тэрийэллэр, гостиницалары арыйаллар. Уопсайынан үлэ элбэх. Ким да үлэтэ суох таах олорбот.

3e1c556b 33ef 427e b3cc 22d8819f21bd

— Бу куораты туох иһин сө­бүлээтиҥ? Манна кэлии киһи олохсуйарыгар олохтоох дьон сыһыана  хайдаҕый?

– Краснодар – Краснодарскай кыраай киин куората буолар. Манна быһа холуйан, 3 мөл. киһи олорор. Кэлиҥҥи сылларга куорат түргэнник улаатан эрэр. Бастатан туран, бу соҕуруу эрэгийиэн буолан, айылҕата сылаас. Ол иһин Саха Сириттэн эрэ буолбакка, Арассыыйа араас куораттарыттан көһөн кэлэллэр. Дьон сыһыана үчүгэй, араас омук барыта олорор, онон омугунан атааннаһыы диэн суох. Бэйэм сытыы-хотуу, кэпсэтинньэҥ майгылаах буоламмын, дьону кытта холкутук билсэбин. Билигин күннэтэ билсэр, алтыһар дьонум элбэх.

– Сорох дьон биир тэрилтэҕэ үлэлээн, аҥаардас хамнаска олороллор, оттон эн туризмынан, дьиэ атыытынан барытынан дьарыктанан, урукку хамнаскыттан төһө үрдүк дохуоту оҥороҕунуй? Урукку үлэҕин ахтаҕын дуо? Эбэтэр көҥүл үлэ ордук дуу?

– Эппитим курдук, урукку сылларга 20 сыл кэриҥэ тохтоло суох бэчээт эйгэтигэр үлэлээн кэлбитим. Онтон билигин фрилансербын, ол аата көҥүл сылдьан, бэйэм-бэйэбэр үлэлиибин. Итинник үлэни баһылаабытым хаһыс да сыла буолла.

Фрилансер үтүө уонна мөкү өрүттээх. Үчүгэйэ диэн үлэм күнүн бэйэм былаанныыбын, баҕардахпына үлэлиибин, баҕардахпына сынньанабын. Куһаҕана диэн тэрилтэ курдук стабильнай хамнаһым суох, социальнай көмүскэл, уоппуска, больничнай көрүллүбэт. Онон хамнаспын бэйэм оҥостобун. Ыйга хайаан да бачча сууманы оҥоробун диир кыаҕым суох. Барыта хайдах үлэлиирбиттэн тутулуктаах.

96963db2 61d9 48e1 a5c4 677192457408

– Сайын Саха Сиригэр сайылыы кэлэҕин, муора саамай сылыйбыт  курортнай сезон үгэнигэр тоҕо анараа хаалбакка манна кэлэҕиний? Үгүс саха дьоно сайын муораҕа бара сатыыр дии...

– Сахам Сирин сайынын туохтааҕар да ордоробун. Сотору-сотору дьоммор-сэргэбэр, дьиэ кэргэммэр кэлэбин. Сайын Намҥа, Тааттаҕа сынньанабын, аймахтарбын көрсөбүн, итиэннэ араас тэрээһиннэргэ тамада, ыытааччы быһыытынан үлэлиибин. Кыһыны билбэккэ соҕуруу олорор киһи төттөрүтүн дойдутугар талаһар, оттон Саха сиригэр олорор дьон сайын муораҕа тардыһаллар. Бу да сайыммын дойдубар атаарар былааннаахпын.

–Саҥаттан саҥа куораттары көрөргүн, айанныыргын сөбүлүүр киһи төһө элбэх сиргэ сырыттыҥ? Краснодартан айан чугас, чэпчэки да буолуо...

– Краснодартан элбэх куораттар, чуолаан, Крым, Кавказ өрөспүүбүлүкэлэрэ  чугастар. Мин Чечняҕа, Домбайга, Кабардино-Балкарияҕа, Адыгеяҕа, Калмыкияҕа сырыттым, ону таһынан, Пятигорскай, Железноводскай куораттарга сынньаммытым. Сочига, Анапаҕа, Новороссийскайга, Геленджиккэ барытыгар сылдьыбытым. Ол гынан баран үгүстүк сөбүлээн сылдьар сирим Сочи. Бу ыам ыйын өрөбүллэрин эмиэ Сочига атаарар былааннаахпын. Биһигиттэн чугас турар Минеральные Воды куораттан сөмөлүөтүнэн көттөххө, Турцияҕа, Египеккэ, Араб Эмираттарыгар 2,5-3,5 чааһынан тиийэҕин.

image 28 04 24 09 49 1

– Соҕуруу төһө тэһийэҕиний, иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕыный?

– Хайдах тэһийиэм суоҕай? Куруук кэлэбин-барабын, үлэлиибин, араас дьону кытта көрсөбүн. Онон ханнык баҕарар куоракка, дойдуга киһи сэргэхтик олорор. Дьиэ кэргэним Саха Сиригэр бааллар, ол иһин дойдубар кэлэ-бара сылдьабын. Иллэҥ кэммэр үксүн сынньанабын, куйаар ситимин көрөбүн, ааҕабын, үөрэнэбин, билэр кыргыттарбын кытта көрсөбүн, куорат кэрэ сирдэринэн сынньанабын.

image 28 04 24 09 49

– Натали, эн сотору кэминэн Дьокуускайга, Нам, Таатта улууһугар Краснодарскай кыраай күннэрин тэрийээри сылдьаҕын. Маннык санаа хайдах киирбитэй уонна туох сыаллаах тэрийэҕиний?

– Мин билигин хамсаабат баай-дуол эйгэтигэр агент, риелтор быһыытынан үлэлиибин. Ол курдук, сахам дьоно Москубаҕа, Санкт Петербурга, Краснодарга, Сочига, Анапаҕа, Геленджиккэ о.д.а. куораттарга дьиэ, кыбартыыра атыылаһарыгар көмөлөһөбүн. Үксүн Краснодарскай кыраайы кэпсии сатыыбын. Тоҕо диэтэххэ, соҕуруу дойдуга үбү угар быдан ордук уонна барыстаах. Сахам дьонун кытта куйаар ситиминэн эрэ буолбакка, тыыннаах көрсүһүүлэри тэрийэн, атах тэпсэн олорон сэлэһиэхпин баҕарабын.

Билигин элбэх саха Москубаҕа, Санкт-Петербурга, Краснодарскай кыраайга дьиэлэннэ, ким эрэ көһөн кэлэр, ким эрэ оҕолоругар ылар. Краснодарга наһаа үчүгэй аахсыйалар, бырагыраамалар бааллар. Дьиэ сыаната сорох оройуоннарга Дьокуускайдааҕар чэпчэки уонна бастакы усунуоһа суох ылыахха сөп. Ол туһунан бу сайын тэрээһиннэрбэр сиһилии кэпсиэм.

Хаартыскалар: Наталья ПРОТОПОПОВА – Натали архыыбыттан.

  • 3
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31