От ыйыгар 951 оҕо күн сирин көрдө: 480 уол,471 кыыс.
Оттон бу сыл сэттэ ыйын устатыгар 6 269 оҕо төрөөтө, ол иһигэр: 3 136 уол, 3 133 кыыс.
ЗАГС управлениета биллэрэринэн, уолаттарга от ыйыгар ордук хамаҕатык Максим, Айдын, Артур, Лев, Николай уонна Тимофей диэн ааттары иҥэрбиттэр. Ону тэҥэ, дэҥ кэриэтэ Атом, Елисей, Лука, Ростислав, Соломон, Юлиан диэн ааттар биэрбиттэрин бэлиэтиэххэ сөп. Оттон кыргыттарга от ыйыгар ордук Мия, Айаана, Кэрэли, Милана, Полина уонна София диэн ааттары биэрбиттэр, дэҥник Ада, Илана, Мира, Ника, Урсула уонна Ясения диэн ааттаабыттар.
Хаартыскалар Андрей Сорокин түһэриитэ уонна куйаар ситимиттэн ылылыннылар
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0