Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -9 oC

Ахсынньы ыйынааҕы бастакы нүөмэргэ өрөспүүбүлүкэ сүрүн сонуннарын, XXXI пленарнай мунньахха ылыныллыбыт сокуоннарын уонна уураахтарын, нэдиэлэ кэнники түгэннэриттэн иһитиннэриилэри, култуура миниистиринэн үлэлээбит, норуоппут айар кыаҕын киэҥ эйгэҕэ билиhиннэрбит үтүөкэннээх киһибит, талааннаах режиссер Андрей Борисов 70 сааһыгар аналлаах матырыйаалы, Нам улууһун дьокутааттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Иванович Винокуровы, ХИФУ деканын, юридическай наука хандьыдаата Рум Ушницкайы кытта кэпсэтиилэри, «Дьулуур» («Стремление») диэн оҕо биир сомоҕо хамсааһынын туһунан, уо.д.а. ааҕыҥ. 

Ахсынньы ыйынааҕы бастакы нүөмэргэ өрөспүүбүлүкэ сүрүн сонуннарын, XXXI пленарнай мунньахха ылыныллыбыт сокуоннарын уонна уураахтарын, нэдиэлэ кэнники түгэннэриттэн иһитиннэриилэри, култуура миниистиринэн үлэлээбит, норуоппут айар кыаҕын киэҥ эйгэҕэ билиhиннэрбит үтүөкэннээх киһибит, талааннаах режиссер Андрей Борисов 70 сааһыгар аналлаах матырыйаалы, Нам улууһун дьокутааттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Иванович Винокуровы, ХИФУ деканын, юридическай наука хандьыдаата Рум Ушницкайы кытта кэпсэтиилэри, «Дьулуур» («Стремление») диэн оҕо биир сомоҕо хамсааһынын туһунан, уо.д.а. ааҕыҥ. 

Бүддьүөт-2022: тыа хаһаайыстыбатын салаата үчүгэйдик үбүлэннэ

Сэтинньи 30 күнүгэр ыытыллыбыт Ил Түмэн XXXI уочараттаах пленарнай мунньаҕар барыта 38 боппуруос көрүлүннэ. 
Боппуруостар бары даҕаны боччумнаахтарынан, ол иһигэр туох ханнык иннинэ кэлэр сыллардааҕы бүддьүөт бигэргэнэрин быһыытынан, пленарнай мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко, Үрдүкү Суут бэрэссэдээтэлэ Любовь Летучих, Арассыыйа сенатора Егор Борисов, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара Галина Данчикова, Петр Аммосов, миниистирдэр уо.д.а. ыҥырыылаахтар кыттыыны ыллылар.

Уоран атыылыыр, кистээн эргинэр тохтуохтаах

Сиртэн хостонор баайбыт биир көрүҥэ сэлии муоһа буолар. Уу оҕуһун (былыр өбүгэлэрбит мааманы итинник ааттыыллара) муоһун эргинии эйгэтигэр хонтуруол хайдаҕын, атыыга тахсар кээмэйэ төһө үрдээбитин, о.д.а. манна сыһыаннаах боппуруостарынан Ил Түмэҥҥэ парламентскай истиилэр буолан аастылар.

Уруккуга төнүннэрэр билиэт тэҥэ

«Суолталаах этиилэр бары үөрэтиллиэхтэрэ уонна учуоттаныахтара. Дойду Бырабыыталыстыбата Госдумаҕа киллэрбит икки сокуонун барылыгар, аҥаардас ааспыт эрэ нэдиэлэ иһигэр, 120 тыһ. кэриҥэ этии киирдэ. Маннык элбэх буолуо диэн күүппэтэҕим», - диэн соһуйар Госдума спикерэ Вячеслав Володин.

Эдэрдии эрчимэ элбэҕи эрэннэрэр

Нам улууһун дьокутааттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Иванович Винокуров сэбиэт ыытар үлэтин, инники былааннарын ааҕааччылардыын үллэстэр.

Ньургун Боотурбут алтаайдыы саҥарда

Саха литературатын төрүттээччи Былатыан Ойуунускай ааспыт үйэ 20-с сылларыгар сурукка тиһэн, киэҥ араҥаҕа таһаарбыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото алтаай омук тылынан саҥарда.

Билиҥҥи кэм духуобунай лиидэрэ

«Андрей Саввич аан дойдуга саха норуотун ураты култууратын үрдүк чыпчаалга таһааран көрдөрбүт уонна ылыннарбыт, өрөспүүбүлүкэбитигэр олохтоох омуктар духуобунастарын сайдыытын барҕардыбыт, кырдьык даҕаны, Улуу Киһи», – диэн үрдүк сыанабылы биэрэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев.

Быраабы билээччилэр бүөбэйдэнэр биһиктэрэ

Бүгүн Арассыыйаҕа Юрист күнэ бэлиэтэнэр. Көннөрү докумуон толоруутуттан саҕалаан, холуобунай дьыалаҕа тиийэ барытыгар юрист сүбэтигэр, көмөтүгэр, көмүскэлигэр наадыйабыт. Онон бу бэлиэ күнүнэн сибээстээн, юристары бэлэмниир сүрүн кыһабыт деканын, юридическай наука хандьыдаата Рум Ушницкайы көрсөн кэпсэттим.

Сүрүнэ – интэриэстэрин таба тайаныахха наада

Кэнчээри ыччат сайдар, ситэр-хотор, кыаҕын ылар кэмигэр оскуолаҕа тастан такайыы эрэ буолбакка, оҕо бэйэтин кыттыытын тэрийэр ордук көдьүүстээҕин туһунан кэпсэтэргэ үтүө түгэн тосхойдо.

Идиэйэни олоххо киллэрэргэ көмөлөһөн

Нэһилиэнньэни сэргэх үлэҕэ көҕүлүүр, саҥаттан саҥа соруктарга сирдиир уонна түмсүүлээх, эйэлээх сыһыаны олохтуур көрдөххө эрэ судургу. Билигин урукку кэм буолбатах. Тойоммун дэнэн, модьуйдуҥ да хамнаныы тахсыбат, оннук үтүө дьыала оҥоһуллубат.

Киинэ өрөспүүбүлүкэтинэн биллэр буоллубут

Үнүр хоско киирбитим, сиэн быраатым биир сири көрөн баран хамсаабакка олорор. Убайа туораттан төлөпүөҥҥэ уста турар эбит. Кырата ол аата артыыс оруолун толорор үһү. Киинэ уһула сылдьаллар. Орооспотум, тахсан бардым.

Хотугу норуот дьолугар манна кэлбит эбит...

Өрөспүүбүлүкэбит биир киһи үйэтин саҕа кылгас кэм иһигэр балысханнык да сайынна. Этэргэ дылы, саҥа тэриллэригэр саах сыбахтаах балаҕаҥҥа олорбуппут, оттон билигин аан дойду таһымыгар тахсар соруктаах айабыт-тутабыт, үлэлиибит.

Өндөрүүскэ Саабын хаалларбыт барҕа баайа

Фольклорист, этнограф, кыраайы үөрэтээччи, 1948 с. Чурапчы мусуойун тэрийэн, олохтон барыар диэри онно дириэктэрдээбит А.А.Саввин-Өндүрүүскэ Саабын (1896-1951) төрөөбүтэ 125 сылынан «Андрей Саввин норуотугар хаалларбыт суола-ииһэ» диэн “төгүрүк остуол» онлайн киэбинэн ыытылынна.

Доруобуйаларынан хааччахтаахтарга социальнай өйөбүл саҥа көрүҥнэрэ

Саха сиригэр инбэлииттэр Аан дойдутааҕы күннэригэр аналлаах декада сэтинньи 25-тэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри буола турар. Пандемиянан сибээстээн, быйыл бары тэрээһиннэрэ онлайн ыытыллаллар.


Ытыктабыллаах Сахабыт сирин олохтоохторо!

Ахсынньы 6-16 кк. Бүтүн Арассыыйатааҕы чэпчэтиилээх сурутуу декадатын куоттарыман. 10 күннээх кылгас болдьоххо «Ил Түмэн» парламент хаһыаты почта, саайт, мобильнай сыһыарыы нөҥүө сурутан ыларга тиэтэйиҥ. Маны таһынан, «Дерево добра» аахсыйаҕа кыттан, хаһыаты аҕам саастаах дьоннорго, муниципальнай бибилэтиэкэлэргэ, үөрэх кыһатын тэрилтэлэригэр, ытык бэтэрээннэргэ, онтон да атын чугас дьоҥҥутугар бэлэх оҥоруоххутун сөп.

2022 сыл бастакы аҥарыгар сыаната бастакы зонаҕа - 846 солк., иккис зонаҕа - 1038 солк. 

Онлайн сурутарга  бу ссылканы баттаа https://podpiska.pochta.ru/press/ПА508   

Нэдиэлэ ахсын тахсар  «Ил Түмэн» парламент хаһыаты кытта бииргэ буолуҥ!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением