Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Быйыл Бүтүн Арассыыйатааҕы быыбар кэлим күнэ балаҕан ыйын 11 күнүгэр ыытыллар.

Быйыл Бүтүн Арассыыйатааҕы быыбар кэлим күнэ балаҕан ыйын 11 күнүгэр ыытыллар.

Саха Өрөспүүбүлэкэтигэр быйылгы быыбар муниципальнай, ол эбэтэр улуустар уонна нэһилиэктэр таһымнарынан ыытыллар. Ол курдук, тоҕус улууска баһылыктар, алта улууска улуус (оройуон) сэбиэтин дьокутааттара, 191 нэһилиэккэ баһылыктар итиэннэ 275 нэһилиэк сэбиэттэрин дьокутааттара талыллыахтара. Хандьыдааттартан докумуоннары тутуу атырдьах ыйын 1 күнүгэр түмүктэнэр.

Баһылыктар

Абый, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Бүлүү, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Орто Халыма, Томпо улуустарын быыбардааччылара баһылыктарын талыахтара. Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин үһүс болдьоҕун, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин иккис болдьохторун түмүктүүллэр. Атыттар: Абый улууһун баһылыга Станислав Цюхцинскай, Дьааҥы улууһун баһылыга Гаврил Чириков, Ленскэй улууһун баһылыга Жумарт Абильманов, Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев, Орто Халыма улууһун баһылыга Евгений Слепцов, Томпо улууһун баһылыга Яков Степанов 2017 сыллаахтан үлэлииллэр. Кинилэртэн сорохторо бука сэрэйдэххэ, ыыппыт үлэлэрин-хамнастарын салгыырга быһаарыналлара чахчы.

Нэһилиэктэргэ улахан быыбар буолуохтаах, барыта 177 нэһилиэк баһылыга талыллыахтаах. Холобур, Үөһээ Бүлүү уонна Уус Алдан улуустарыгар 15-тии нэһилиэк, Дьааҥы уонна Ньурба улуустарыгар 12-лии нэһилиэк, Бүлүү улууһугар 11 нэһилиэк, Өлүөхүмэ улууһугар 10 нэһилиэк, Сунтаар улууһугар 9 нэһилиэк баһылыктара быыбарданыахтара. Ону таһынан 14 улуус кииннэрин (Бүлүү, Мирнэй, Нерюнгри, Ньурба уонна Ленскэй куораттарын, Зырянка, Алын Бэстээх, Баатаҕай, Депутатскай уонна Хаандыга бөһүөлэктэрин, Амма, Бороҕон, Үөһээ Бүлүү уонна Сааскылаах сэлиэнньэлэрин) дьаһалталарын баһылыктара быыбарданыахтара.

Дьокутааттар

Булуҥ, Дьааҥы, Кэбээйи, Өймөкөөн, Томпо уонна Усуйаана улуустарын быыбардааччылара бэрэстэбиитэллээх уорган (улуус сэбиэтин) дьокутааттарын талыахтара. Манна барыта 103 мандаат көрүллэр. Хас да улууска эбии быыбардар буолуохтара: Үөһээ Халыма уонна Өлүөхүмэ улуустарын сэбиэтигэр иккилии дьокутаат, Бүлүү, Өлөөн уонна Уус Алдан улуустарын сэбиэтигэр биирдии дьокутаат талыллыахтара.

275 нэһилиэккэ дьокутааттар быыбардара буолуо, барыта 2 771 дьокутаат талыллыахтаах. Өймөкөөн улууһугар Аартык бөһүөлэгин сэбиэтигэр сэттэ дьокутаат, II Бороҕон нэһилиэгин сэбиэтигэр түөрт дьокутаат эбии талыллыахтара. Аартык бөһүөлэгин сэбиэтигэр дьокутааттары эбии талыы дьокутааттар боломуочуйаларын болдьоҕун иннинэ тохтоппуттарынан, нэһилиэк бэрэстэбиитэллээх уорганын састааба күүһэ суох хаалбытын быһыытынан, учаастактааҕы быыбар хамыыһыйатынан ананна.

Онон Бүтүн Арассыыйатааҕы быыбар кэлим күнүгэр кэккэ улуустарга улуус, улуус киинин уонна нэһилиэктэрин баһылыктарын, өссө дьокутааттарын талар улахан быыбардар буолаары тураллар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31