Саха сиригэр учаастактааҕы хамыыһыйалар (УИК-тар) 2018 сыллаахха, территориятааҕы хамыыһыйалар (ТИК-тар) 2020 сыллаахха талыллыбыттара. Быыбар киин хамыыһыйатын (ЦИК) боломуочуйата быйыл атырдьах ыйынан бүтэр буолан, саҥа састаап таҥылла сылдьар. Хамыыһыйаҕа былаас толоруулаах уонна сокуону таһаарар уорганнарыттан сэттэлии киһи туруоруллар.
Ил Түмэн бэс ыйын 14 күнүгэр ыытыллыбыт отут ахсыс сиэссийэтигэрБыыбар киин хамыыһыйатын чилиэннэринэн алта киһи (биэс киһи политическай баартыйалартан туруоруллан, биир киһи Киин быыбардыыр хамыыһыйаттан туруоруллан) бигэргэммиттэрэ. Ситэ куолаһы ылбатах биир баартыйа бэрэстэбиитэлин аныыр боломуочуйаны Арассыыйа Киин быыбардыыр хамыыһыйата толоруохтаах.
Оттон толоруулаах былаас өттүттэн ананар хандьыдааттар докумуоннарын от ыйын 23 күнүгэр туттарбыттара. Инньэ гынан, Быыбар киин хамыыһыйатын толору састааба бу нэдиэлэҕэ таҥылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0