Биир үйэ усталаах тэрилтэ устуоруйата 1924 сылтан саҕаламмыта. Бу сыл Дьокуускайга гражданскай сэриигэ олохторун толук уурбут хамыһаардар, бартыһааннар саҥа төрөөбүт тулаайах оҕолорун ылар маҥнайгы оҕо дьиэтэ арыллыбыта.
Сыл-хонук ааһан испитэ. Ол кэмтэн тэрилтэ аатын, турар сирин хас да төгүл уларыппыт эрээри, билиҥҥэ диэри тулаайах кырачааннарга үтүө сыһыаны, улаатарга, сайдарга кыаҕы биэрэр сылаас дьиэ буолар.
Ааспыт сыллар үтүө үгэстэрин салҕаан, билигин даҕаны манна үлэлиир уйан, аһыныгас санаалаах үлэһиттэр сир-халлаан икки ардыгар хаалбыт кырачааннарга тапталларын, иһирэх санааларын биэрэн туран олоххо дьулууру, итэҕэли иҥэрэллэр. Манна үлэлиир хас биирдии үлэһит, оробуочайтан саҕалаан иитээччигэ, бырааска диэри кыра оҕолор дьылҕаларыгар ураты эппиэтинэстээхтэрин өйдүүллэр.
Киин бүгүҥҥү күҥҥэ
Алтынньы 25 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Киин үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин чиэстээһин ыытылынна.
Улахан кэллэктииптээх киин дириэктэр Эдуард Кондратьев салалтатынан үлэлиир. Манна төрүөхтэриттэн сэттэ саастарыгар диэри оҕолору көрөллөр. Ааспыт сыл иитиллээчилэр 85 %-нарыттан ордуга саҥа дьиэ кэргэни булбуттар. Бу дойду үрдүнэн биир саамай үрдүк көрдөрүү.
Кииҥҥэ тиһигин быспакка аныгылыы ирдэбиллэринэн, оҕо эт-хаан өттүнэн эрчиллиитигэр, доруобуйатын көннөрүүтүгэр быраастар, билиилэрин хаҥаталларыгар иитээччилэр, минньигэстик аһыылларыгар асчыттар сыраларын-сылбаларын күннэтэ биэрэллэр.
Үбүлүөй – ааспыт сыллары анааран көрөргө, бэлиэ түгэннэри ахтарга, урут да, билигин да үлэлиир дьоҥҥо сүгүрүйүү буолар. Бу күн кинилэргэ ис сүрэхтэн тахсар махтал тыллар этиллэллэр.
Сүгүрүйүү, билинии
Үөрүүлээх күн эҕэрдэ тылларын Ил Дархан Айсен Николаев, Арассыыйа Федерациятын үөрэҕириитин министиэристибэтин оҕо быраабын харыстыыр судаарыстыбаннай бэлиитикэ департаменын дириэктэрэ Лариса Фальковская эҕэрдэлэрин суругунан ыыттылар.
Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаатын Галина Данчикова видеонан эҕэрдэтэ ураты сылаастык иһилиннэ. Дириэктэр Эдуард Владимирович эппитинэн, 2012 сыллаахха Галина Иннокентьевна өйөбүлүнэн, киин саҥа дьиэтин тутуу өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааммаҕа киирэн, түргэнник, хаачыстыбалаахтык тутуллан 2016 сыллаахха ааннарын тэлэччи арыйбыт. Галина Иннокентьевна өйөбүлүн, оҕолорго сылаас сыһыанын киин үлэһиттэрэ, иитиллээччилэрэ бары билэллэр. Ол курдук, Дьокуускайга командировкаҕа сырыытыгар кинилэргэ ыалдьыттыыр, көрөр-истэр, сүбэлиир-амалыыр.
Тэрээһиҥҥэ эҕэрдэ тылын Бырабыыталыстыба бэрээссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов эттэ. Кини олох ыарахан очурдарыгар охсууну ылбыт кырачааннар дьылҕаларыгар киин суолтата ураты улаханын бэлиэтээтэ. Манна кинилэр олоххо кыаҕы, дьулууру, билиини ылаллар, доруобуйаларыгар эчэйиилэрин, охсууларын чөлүгэр түһэрэллэр. Төһө даҕаны чугас дьонноро суохтарын иннигэр, иэримэ дьиэ сылааһын булаллар, ол кэннэ саҥа таптыыр, дьиэ кэргэннэрин булаллар.
– Бу тэрилтэ тоҥ сүрэхтээх киһи үлэлиир миэстэтэ буолбатах. Кыра киһи хаһан баҕарар кыһалҕаны, үөрүүнү-көтүүнү ордук уйаннык уонна чугастык ылынар. Ону эһиги өйдөөн туран хас биирдиилэригэр бэйэҕит сылааскытын, киһилии сыһыаҥҥытын иҥэрэҕит. Бу күн эһиэхэ Бырабыыталыстыба уонна тус бэйэм ааппыттан махталбын тиэрдэбин, -- диэн эттэ.
Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмититиэтин бэрээссэдээтэлэ Алена Атласова эҕэрдэ тылыгар кииҥҥэ оҕолор дьиэ сылааһын булалларын, маныаха кэллэктиип хас биирдии үлэһитэ бэйэтин дууһатын, кыаҕын угарын эттэ. Ол курдук, кырачааннар саҥа дьиэни булалларыгар, таптыыр дьиэ кэргэҥҥэ түбэһэллэригэр кыахтарын, билиилэрин биэрэллэр. Судаарыстыба уонна Ил Түмэн өттүттэн үлэ барар, тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор бырааптара күөмчүлэммэтигэр саҥа сокуоннар ылыллаллар, уларыйыылар киирэллэр.
Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова 100 сыл иһигэр сүдү үлэ барбытын, тыһыынчанан оҕо олоҕор саҥа кэрдиис арыллыбытын бэлиэтээтэ. Билигин даҕаны киин сайдыы суолларын тобулар, араас куонкурустарга, граннарга кыттан ситиһиилэнэр, бырайыактары тобулан кэллиэгэлэригэр көмөлөһөр. Ону ааспыт сыл Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар биир идэлээхтэр куонкурустарыгар кыайыылаах тахсыбыттара туоһулуур. Миниистир бу эйгэҕэ эмискэ, соһуччу кэлбит киһи суох, бары уйан сүрэхтээх, амарах дууһалаах дьон буолалларын бэлиэтээтэ:
– Биһиги барыбыт баҕа санаата -- киин тулаайах уонна чугас дьоно суох хаалбыт оҕолору көрүүнэн буолбакка, сэрэтэр үлэнэн дьарыктанара. Хас биирдии оҕо таптыыр дьиэ кэргэҥҥэ, аймахтарын кытары бодоруһан улаатыахтах. Онуоха биһиги төһүү күүс буолуохтаахпыт, дьиэ кэргэннэри кытары ыкса үлэлэһиэхтээхпит. Сыалбыт-сорукпут киэҥ. Дириэктэр Эдуард Владимировичтыын ыкса үлэлэһэбит, кини кыаллыбат, ыарырҕатар боппуруостарын туруорсар, этиилэрин киллэрэр. Үөрүүлээх күҥҥүтүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин, -- диэн туран, миниистир эҕэрдэ суругу уонна саҥа оонньуур былааһакка тутуутугар сэртипикээт туттарда.
Үөрэҕирии уонна билим миниистирин маҥнайгы солбуйааччы Михаил Присяжнай кииҥҥэ уйулҕа, эт-хаан өттүнэн тулуурдаах дьон үлэлииллэрин эттэ. Ол курдук, төрөппүттэри үөрэтэн, оҕолору кинилэргэ сыһыаран, арыалдьыттаан олох киэҥ аартыгар атаарыы ыарахан эрээри, махталлаах үлэ буолар. “Хас биирдии оҕо таптыыр дьиэ кэргэҥҥэ улаатыахтаах. Оттон билигин үөрэҕирии эйгэтэ уонна киин ыкса ситимнээхпит. Оҕолор олоххо өстүйбэттэригэр, инникигэ эрэллээх буолалларыгар бары күүспүтүн уурабыт. Эһиги кинилэри патриоттуу, сиэр-майгы өттүнэн күүстээх санаалаах иитэн таһаараргытыгар махтанабыт”, -- диэтэ.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин ис хонтуруолга отделын салайааччы Ирина Давыдова үлэһиттэргэ, бэтэрээннэргэ махтал тылларын тириэртэ. “Эһиги сылаас илиигитинэн, амарах сүрэххитинэн тыһыынчанан оҕо аастаҕа. Манна олорор бэтэрээннэргэ махталбын тириэрдэбин. Эһиги иитиигитинэн элбэх мэдиссиинэ каадырдара, династиялара бэлэмнэнэн тахсыбыттара, билигин даҕаны салааҕа бэриниилээхтик үлэлии сылдьаллар”, -- диэн махтанна.
Оҕо быраабын боломуочунайа Туйаара Васильева төрөппүтэ суох хаалбыт оҕоҕо чугас киһи сылааһа икки төгүл ирдэнэрин, онуоха киин үлэһиттэрэ ол оҥойон хаалбыт кураанаҕы бэйэлэрин дууһаларын сылааһынан, билиилэринэн толороллорун эттэ. Ону тэҥэ, оҕолор таптыыр дьиэ кэргэҥҥэ тиийэллэригэр туһаайан, төрөппүт буолуон баҕалаахтары кытары эрдэ үөрэтии ыытылларыгар, билиилэрин хаҥаталларыгар махтанна. “Эһиги дьиэ кэргэҥҥит дьоллоох буоллун. Оттон хас биирдии оҕо таптыыр төрөппүттэрдээх сырыттын”, -- диэтэ. Эҕэрдэ тылларын Дьокуускай куорат дууматын сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Никитина, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр үлэһиттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи идэлээх сойуустарын бэрээссэдээтэлэ Вячеслав Алексеев, Дьокуускай куорат үөрэҕириигэ управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Мария Ли-цай, социальнай партнердар, бэбэчиитэллэр, мэссэнээттэр тириэртилэр.
Түмүккэ
Бэртээхэй киэһэ буолан ааста. Идэлэригэр ураты бэриниилээх дьону сыанаҕа ыҥыран таһааран чиэстээтилэр. Үлэһиттэргэ, бэтэрээннэргэ Бырабыыталыстыба, Ил Түмэн, министиэристибэлэр уонна биэдэмэстибэлэр Бочуоттаах грамоталарын, махтал суруктарын туттардылар.
Бу буоллаҕа эбээт, идэҕэ бэриниилээх дьон дьоро киэһэтэ! Кырачаан киһи бу орто дойдуга төрөппүттэрэ, чугас дьоно суох соҕотох хаалбатын. Онтон оннук буолар да түгэнигэр, дьылҕатын суолугар ыраас санаалаах, инникигэ эрэли үөскэтэр киин үлэһиттэрэ аартыгын арыйа турдуннар.
Галина МАТВЕЕВА
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0