Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Айыы Кыһата Билии күнүгэр анаммыт үөрүүлээх линейкатын ытык сэргэлээх Айыы дайар далбар түһүлгэтигэр тэрийэн ыытта. 

Айыы Кыһата Билии күнүгэр анаммыт үөрүүлээх линейкатын ытык сэргэлээх Айыы дайар далбар түһүлгэтигэр тэрийэн ыытта. 

Ытык сэргэлээх Айыы далбар түһүлгэтэ кут-сүр түсчүтэ Анатолий Павлов-Дабыл Айыы санаанан салайтаран олорорго, үөрэнэргэ, үлэлииргэ анаан Ытык бэлиэни туруорар санааны сахпытын, Айыы Кыһатын үлэһиттэрэ, учууталлара иилэ хабан ылбыттара. Илиян Павлов бырайыактаабыта, Владимир Шиндикиевич Ю уопсай үлэтин тэрийбитэ, Тааттаттан төрүттээх уус Николай Ыкчанов ытык сэргэни ойуулаан-мандардаан оҥорбута. Учууталлар Перфилий Ильич, Василий Васильевич сэргэ туруоруллар түһүлгэтин таҥан, ситэрэн-хоторон оҥорбуттара, кинилэргэ Николай Викторович, Рустам Николаевич, Виталий, Архипович, Павел Олегович, Виктор Викторович, Василий Михайлович, Валерий Витальевич уонна маҥнайгы кылаас төрөппүттэрэ көмөлөспүттэрэ.

АК_сана_-2.jpg

Анатолий Павлов-Дабыл, кут-сүр түсчүтэ:

– Сэргэ диэн былыргыга Айыы аан дойду айыллыытыгар Орто туруу дойдуга олох төрүттэннин, сайыннын диэн сиргэ туруору аспыт тайах маһа буолар. Ол тайах маһынан сиргэ кут-сүр түһэр буолбут, иччилэр киирэн олорбуттар. Онон бу улахан ытык бэлиэни туруоран, Айыы Кыһата турар сиригэр, Айыы дайар туонатыгар далбар түһүлгэни арыйдыбыт. Сэргэҕэ оҥоһуллубут тыын сэттэ ойбонун ойууларын туһунан эттэххэ, Бит, Билгэ, Таҥха, Дьылҕа, Ыйаах, Оҥоһуу, Төлкө диэн баар. Ону кытары үөрэххэ сыһыаннаах («өй хаата», «өй-мэйии», «өй-төй», «өй-санаа», «өй-билии», «билимтэ өй» уонна «ийэ өй») өйдөбүллэр улахан ситимнээхтэр. Онон Айыы Кыһатыгар турбут бу ытык сэргэ оҕо өйө-санаата үүнэ-сайда турдун диэн дириҥ ис хоһоонноох.

Билии күнүгэр анаммыт үөрүүлээх линейка Айыы дайар далбар түһүлгэтигэр, сахалыы алгыс тылларынан саҕаланна. Бары учууталлары, үлэһиттэри, үөрэнээччилэрин оскуола дириэктэрэ Лидия Шамаева эҕэрдэлээтэ. Быйылгы үөрэх дьылыттан иитэр-үөрэтэр үлэҕэ киллэриллибит уларыйыылар уонна олор суолталарын тустарынан кэпсээтэ. Үөрэнээччилэргэ туйгуннук үөрэнэргэ, иитэр-үөрэтэр үлэһиттэргэ айымньылаахтык үлэлииргэ баҕарда.

АК_сана_-3.jpg

Мария Христофорова, Ил Түмэн дьокутаата, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ:

– Билии күнүнэн, саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан сахалыы тыыны өрө туппут «Айыы Кыһата» национальнай гимназия уһуйааччыларын уонна үөрэнээччилэрин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Барыгытыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, айымньылаах үлэни, ситиһиилэри баҕарабын!

Эһиги саҥа үөрэх дьылын көрсө Айыы дайар туонатын арыйан, далбар түһүлгэни олохтообут үтүө холобургутун атын оскуолалар эмиэ батыһыахтара диэн эрэнэбин. Билигин патриотическай иитиигэ улахан болҕомто ууруллубут, иитэр-үөрэтэр үлэ кэлимник тэриллэр кэмигэр, Ийэ дойдуга таптал, киниэхэ бэриниилээх буолуу бастатан туран, бэйэ тиэргэниттэн, бэйэ дойдутуттан, үгэстэриттэн саҕаланарын быһыытынан, саха оскуолаларыгар сахалыы тыыны киллэрии, оҕолорго саха төрүт өйүн-санаатын иҥэрии суолтата эмиэ улаатан иһиэҕэ.

Иккиһинэн, быйыл Арассыыйа норуоттарын култууратын үйэлээх баайын сыла биллэриллибитэ, онон ситимнээн саха төрүт үгэстэрин араҥаччылааһыҥҥа, салгыы сайыннарыыга Айыы Кыһата маннык саҕалааһыны оҥорбута олус кэрэхсэбиллээх. Бу Ытык Сэргэ 203-с микрооройуоҥҥа биһиги төрүт култуурабыт, духуобунай уонна уопсастыбаннай сыаннастарбыт туһунан өйдөтө-саната туруоҕа.

  • 5
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением