Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар атырдьах ыйын 21 күнүгэр ыытыллыбыт пленарнай мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова, Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин, үөрэх управлениеларын, тэрилтэлэрин салайааччылара, иитэр-үөрэтэр үлэһиттэр кытыннылар.
Икки саҥа биридимиэт
Мунньах саҕаланыытыгар Арассыыйа Федерациятын үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцов эҕэрдэтэ онлайн киэбинэн бэрилиннэ. Миниистир Учуутал уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн учуутал аатын өрө көтөҕүүгэ, өйөбүл ырычааҕын тупсарыыга анаммыт үлэ салгыы ыытылларын бэлиэтээтэ. Кэлим федеральнай бырагыраамаҕа киириинэн хас биирдии биридимиэккэ тиэмэлэринэн календарнай былаан оҥоһулларын, судаарыстыбаннай учуобунньуктары оҥоруу, иитэр үлэ тиһигин тэрийии ыытылларын, быйылгыттан «Куттал суох буолуутун уонна Ийэ дойду көмүскэлин төрүттэрэ», «Үлэ» биридимиэттэр киллэриллэллэрин иһитиннэрдэ.
Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн, иитэр үлэ дьаһалларын дьиэ кэргэн сыаннастарын кытары ситимниир сорук турар, Бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан, «Билии» уопсастыбаны кытары Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөппүт кэмитиэтэ тэриллэн эрэр диэтэ.
Сайдыы тирэҕэ
Ил Дархан Айсен Николаев этиитин бэрэсидьиэн Путин ыам ыйын 7 күнүгэр таһаарбыт, дойду сайдыытын национальнай сыалын туһунан ыйааҕар сүрүн соругунан норуоту харыстааһын, дьон чэгиэн-чэбдик доруобуйалах, туруктаах олохтоох-дьаһахтаах, дьиэ кэргэн өйөбүллээх буолуута ыйыллыбытыттан саҕалаата. Бу соругу ситиһии, бастатан туран, иитэр-үөрэтэр үлэ эйгэтиттэн улахан тутулуктааҕын бэлиэтээтэ.
– Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин ситимэ уһуйаантан үнүбэрситиэккэ тиийэ, биир тиһигинэн үлэлиэхтээх. Биһиги өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин таҥарбыт, олох хаачыстыбатын тупсарар соругу туруорарбыт быһыытынан, үөрэхтээһини экэниэмикэ сайдыытын, ол эбэтэр олох-дьаһах туруктаах буолуутун быһаарар биир сүрүн өрүт быһыытынан көрүөхтээхпит. Саҥа суоллары көрдүүрбүтүгэр үгэстэри урусхаллаабакка, педагогтар көлүөнэлэр тухары илдьэ кэлбит нэһилиэстибэлэриттэн аккаастаммакка, төттөрүтүн, баары сыаналаан билиҥҥи кэмҥэ эппиэттиир саҥа көрүүлэри киллэриэхтээхпит, – диэтэ.
Национальнай бырайыактарга уонна Уһук Илини сайыннарыы бырагырааматыгар тирэҕирэн, өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэхтээһин эйгэтин сайыннарыыга улахан хардыы оҥоһуллубутун, итинник далааһыннаах тутуу урукку өттүгэр суоҕун эттэ. Ол курдук, 2018 сылтан 7 тыһ. миэстэлээх 55 уһуйаан, 12 тыһ. оҕо үөрэнэр миэстэлээх 57 оскуола тутуллубут, 95 эбийиэк хапытаалынайдык өрөмүөннэммит, 25 кэллиэскэ сөргүтүү үлэтэ саҕаламмыт. Быйылгы сыл түмүктэниэр диэри 13 оскуола, 4 уһуйаан үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Кэлэр 2025 сылга 12 оскуола, 4 уһуйаан уонна «Хотугу сулус» диэн оҕо киинэ тутуллан бүтэллэрэ былааннанар эбит.
Ил Дархан иитэр-үөрэтэр үлэ бары салаатыгар педагогтар идэтийбит таһымнарын үрдэтии эрэгийиэн салалтатын ураты чорботор соруга буоларын эттэ. Бырабыыталыстыбаҕа туһаайан бу сыл бүтүөр диэри үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтиини үбүлээһин ырычааҕын саҥаттан көрөргө итиэннэ ордук көдьүүстээх, тус суолталаах этиилэри киллэрэргэ сорудахтаата.
Алаһа дьиэттэн саҕаланар
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков иитэр үлэ хайдах быһыылаахтык тэриллиэхтээҕин туһунан эттэ:
– Дойду саҥа тутулга киирэригэр, 1974 сыллаахха ылыллыбыт «Норуот үөрэхтээһинин туһунан» РСФСР сокуонун оннугар, 1992 сыллаахха саҥа федеральнай сокуон ылыллыбыта. Онно олоҕуран, дойдуга үөрэхтээһин тиһигэ 32 сыл устатын тухары «оскуола үөрэтэр, иитиинэн дьарыктаммат» диэн санаанан салаллан кэлбитэ. Бу сокуоҥҥа «тус бэйэтиттэн уонна төрөппүттэриттэн көҥүлэ суох оскуола үөрэнээччитин уопсастыбаҕа туһалаах үлэҕэ тардыллыбат» диэн омсолоох өйдөбүл киирэн, оҕону үлэҕэ иитии, үлэнэн иитии үтүө үгэһэ сотуллубута. Ону суох оҥорорго 20 сыл наада буолбута, 2012 сыллаахха ылыллыбыт саҥа федеральнай сокуоҥҥа иитэр үлэ туһунан түөрт ыстаракаа киллэриллибитэ.
Онтон уопсастыбаннас сиэрдээх модьуйуутунан итиэннэ күннээҕи олох хаамыытын ирдэбилинэн, үөрэтэр үлэҕэ иитэр үлэни дьүөрэлээһини, ол иһигэр үлэнэн иитэр туһунан өйдөбүллэри сөргүтэргэ өссө уон сыл наада буолбута. Федеральнай сокуоҥҥа үлэнэн иитии туһунан өйдөбүл 2023 сыллаахха киллэриллибитэ. Биһиги отут сылы, уопсастыбабыт, судаарыстыбабыт, норуоппут биэриэхтээх тосхоллорун оннугар атын сыаннастары өрө тутан үөскээбит бүтүн көлүөнэни сүтэрдибит. Дьэ ону көннөрөргө дойду үрдүнэн уһун, унньуктаах үлэ ирдэнэр.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастакыттан сөпкө дьаһанан, 1995 сыллаахха ылыммыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэхтээһин туһунан сокуоҥҥа» иитэр уонна үөрэтэр үлэни тэҥҥэ, биир кэлим туппуппут итиэннэ өрөспүүбүлүкэ бэлиитикэтин ураты чорботор хайысхатын быһыытынан туруоран, онон салайтаран үлэлээн-хамсаан кэлбиппит. Билигин Арассыыйа Федерацията иитэр үлэҕэ саҥа ылсан, сүрүн хайысхалары торумнаан, үөрэх бырассыаһын бырагырааматыгар, календарнай былааныгар киллэрдэ. Онно бэлиэтии көрбүт буолуохтааххыт: ити календарнай былааҥҥа туруоруллар соруктар үөрэхтээһин федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаартын ирдэбиллэригэр наһаа сөп түбэспэттэрин. Дьэ маны сөпкө чочуйан оҥорон, биир тиһиккэ киллэрэргэ балачча уһун кэм ирдэниэҕэ. Ону биһиги күүтэрбит наадата суох. Тоҕо диэтэххэ, иитэр үлэ олохсуйбут ситимэ биһиэхэ баар, бу ситим үөрэхтээһин кэлим федеральнай тиһигэр бэйэтэ төһө баҕарар сайдан барар кыахтаах.
Иитэр үлэҕэ патриотическай иитии сүрүн миэстэни ылар. Патриотизм, Ийэ дойдуга таптал, хаһан наада буолла да, кинини көмүскүүргэ бэлэм буолуу, дойду устуоруйатыгар ытыктабыллаах сыһыан – бүгүҥҥү кэм национальнай идеята буолла. Ийэ дойду хас биирдиибитигэр, бэртээхэй сэбиэскэй ырыаҕа хоһуйулларыныы, ийэбит биэбэйдиир ырыатыттан, «Букубаар» ойуутуттан, алаһа дьиэбититтэн, тилийэ тиэргэннээх ыалларбытыттан, тиэргэммититтэн тыргыллар ыллык суолтан, ол ыллык улахан олоххо тиэрдэр аартыгыттан саҕаланар.
Биһиги дьоҕус Ийэ дойдубут киэҥ, баай уонна кэрэхсэнэр устуоруйалаах. Бу тыйыс айылҕалаах хотугу дойдуну баһылыыр, чэчирии сайыннарар туһугар биир иллээх дьиэ кэргэн буолбут элбэх омуктаах норуот олорор. Эр санаалаах, кэрэ, талааннаах норуот. Бу буолар биһиги патриотическай иитиигэ тирэҕирэр тирэхпит. Биһиэхэ 75 Үлэ Дьоруойа, Сэбиэскэй Сойуус 24 Дьоруойа, Арассыыйа Федерациятын 11 Дьоруойа бааллар, ол иһигэр 7 чулуу уолбут Анал байыаннай дьайыыга Дьоруой үрдүк аатынан бэлиэтэннэ. Ити курдук, номоххо киирбит баай устуоруйалаахпыт, иитэр үлэбит онно олоҕуруохтаах. Итинэн сибэстээн, мин Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ иитэр-үөрэтэр үлэҕэ тустаах бырагыраама оҥороругар этии киллэрэбин.
Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин дьаһалынан өрөспүүбүлүкэҕэ иитэр-үөрэтэр үлэ кэлим тиһигин, патриотическай иитии систиэмэтин бигэргэттэ. Бу өрөспүүбүлэкэ иитэр үлэҕэ сүрүн тосхоло буолар. Онно үөрэх тиһигэ ситэтэ суох, уопсай майгылаах кэккэ дьаһалларынан бэриллибит. Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тиһигэр норуот устуоруйатыгар, култуураҕа бастыҥ үгэстэригэр олоҕурбут бырагыраама, үөрэхтээһин бырагыраамата баар буолуохтаах. Биһиги иитэр-үөрэтэр үлэбит бэлиитикэтэ онно олоҕуруохтаах. Дьоҕус Ийэ дойдуттан биһиги Улуу дойдубут саҕаланар. Оҕолорбутун, кэнчээри ыччаппытын патриоттуу иитиибит төрөөбүт алааска, дойдуга тапталтан, хаан-уруу дьоҥҥо ытыктабылтан саҕалаан, улахан Ийэ дойдубутун, Улуу Арассыыйаны таптыырга туһуланыахтаах.
Хаартыскаларга Андрей Сорокин (ЯСИА) түһэриилэрэ
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0