Тыабыт хаһаайыстыбата улаханнык таҥнары түспүтэ, кэнники сылларга биир сиргэ тэпсэҥниирэ мөккүөрэ суох. Ол сүрүн төрүөттэринэн үбүлээһин аччаан иһиитэ, көрүллүбүт харчыны көдьүүһэ суох ороскуоттааһын уонна бас билии сүрүн көрүҥүн сыыһа талыы буолаллар. Итинтэн сиэттэрэн, салааны хаалыыттан таһаарыыга санааларбын этэбин.
Үбүлээһини лаппа үрдэтиэххэ
Ханнык баҕарар сайдыы үбүлээһинтэн тутулуктаах эрээри, биһиэхэ тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин аччаан иһэр. Вячеслав Штыров саҕана бүддьүөт 13,4 %-на бэриллэн, өрө тахсыы саҕаламмыта, Егор Борисов кэмигэр 5,6 %-ҥа диэри таҥнары түспүтэ, быйыл – 4,9 % буолла.
Бу биричиинэтэ биллэр. «Чэпчэки сыаналаах кэлии (кырата суох дьааттаах. Аапт.) ас-үөл дэлэй, тыа хаһаайыстыбата ночооттоох салаа, онно тоҕо элбэх үбү көрүөхпүтүй?» – диэн өй-санаа баһыйар. Маныаха мин санаам маннык. Үрдүкү салалта үлэтин соруктарыттан саамай сүрүнэ нэһилиэнньэ дохуотун үрдэтии уонна доруобуйатын туругун тупсарыы, олоҕун уһатыы буолар. Дьон доруобуйатын туһугар салалта үбү-харчыны кэрэйиэ суохтаах. Учуонайдар, эмчиттэр этэллэринэн, киһи доруобуйатын 70 %-на кини аһылыгыттан тутулуктаах. Араас химиянан сутуллубут, саарбах хаачыстыбалаах аһылыгы сиир буоллаххына, үйэҥ кылгыыра, күүһүҥ-уоҕуҥ мөлтүүрэ эрэбил. Оттон бэйэбит алаастарбыт отун сиэн, сайынын күөх дуолга көҥүл мэччийэн төлөһүйбүт сүөһүбүт-сылгыбыт этэ-үүтэ доруобуйаҕа хайдах курдук туһалааҕын туһунан суруйаллар, кэпсииллэр ахан.
Аны биир хотон-хонуу үлэһитэ 7 киһиэхэ тиийэ үлэнэн хааччыйар дииллэр. Холобур тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин, саппаас чаастарын оҥорор собуоттарга, олору аҕалан атыылыырга, оҥоһуллубут эти-үүтү, оҕуруот аһын, бултаммыт балыгы, түүлээҕи соҕотуопкалыырга, астыырга-үөллүүргэ, батарарга, тиэйэргэ-таһарга төһөлөөх элбэх үлэһит, бэтэринээрдэртэн саҕалаан араас исписэлиистэр, салайааччылар уо.д.а. үлэлииллэрэ буолуой? Үгүс тыа нэһилиэктэрэ сүөһү суоҕа буоллар, эстибиттэрэ ырааппыт буолуо этэ. Оччотугар олорго баар оскуола, уһуйаан, кулууп, балыыһа, дьаһалта, ОДьКХ... үлэһиттэрэ бары үлэтэ суох хаалыа этилэр. Сүөһү-сылгы уонна таба баар буолан, тыа сирэ тыыннаах. Тыа сирэ тыыннаах буолан, саха омук тыла-өһө, төрүт култуурата, үгэстэрэ тулуктаһан кэллилэр.
Онон хотон-хонуу үлэһиттэрэ доруобуйаҕа олус туһалаах олохтоох аһынан хааччыйалларын таһынан, эмчиттэрдээҕэр итэҕэһэ суох дьон-сэргэ доруобуйатын туһугар туруулаһааччы, элбэх киһини үлэнэн хааччыйааччы, норуоппут тылын-өһүн, үгэстэрин араҥаччылааччы буолаллара мөккүһүллүбэт. Үлэ, идэ барыта туһалааҕын иннигэр, хотон-хонуу үлэһиттэрин курдук бары өттүнэн туһалаах дьоннор баалларын мин билбэппин. Дьэ ити иһин сылга биир күн өрөөбөккө, уоппуска диэни билбэккэ бэйэлэрин уонна биһиги туспутугар түбүгүрэр хаарыан дьону күөмчүлүүр, кинилэр тустарыгар үбү-харчыны кэччэйэр букатын сыыһа. Баһа соҕус эттэххэ, итини мин норуот чэчирии сайдарыгар ситэ кыһаммат буолуунан ааҕабын.
Саҥа мэхэньиисими уларытыахха
Былырыыҥҥыттан эт-үүт аҥарын оҥорор кэтэх ыаллар ыанар ынахтарын ахсыгар 35-тии тыһ. солк. биэрэн баран, үүттэрин 20-30 солк. тутар туһунан саҥа мэхэниисим киирдэ. Бу мэхэньиисим үчүгэйинээҕэр омсото үгүс диэн элбэхтэ суруйдум. Ол курдук, үүт соҕотуопката 35 %-ынан аччаата, арыы уонна үрүҥ ас сыаната ыараата, сибиинньэ ахсаана аҕыйаата, соҕотуопсуктар эргиирдэрэ аччаан, үгүс астыыр сыахтар, үүтү тутар пууннар сабылыннылар. Бу мэхэньиисим уһаатаҕына, кэтэх ыаллар сүөһүлэрин боруодата кэхтэрэ, ынахтарын төрүөҕэ аҕыйыыра саарбахтаммат.
Онон бу мэхэниисими уларытар наада. Кылгастык быһаардахха, маннык. 35 тыһ. солк. харчыны биэриини тохтотумуохха. Ол эрээри кэтэхтэр ынахтарын ахсыттан 500 киилэ үүтү (бу сыыппара улаатыан да, кыччыан да сөп) туттарар буоллахтарына эрэ ити харчыны биэриэххэ. Оттон тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар үүттэрин 120 солк. кырата суох харчыга тутуохха уонна атын көмөлөрү эмиэ оҥоруохха.
Маныаха үгүстэр тугун элбэҕэй дииллэрэ эрэбил. Ону быһаарыым. Бу 30 сылы быһа таҥнары барыы биир биричиинэтинэн үүтү оҥоһуллар ороскуотунааҕар быдан кыра сыанаҕа тутан баран, уонунан араас сымыйа-кырдьык субсидиялары түҥэтэн, элбэх үбү-харчыны кураанахха төлөөбүттэрэ буолар. Холобур, «биир киилэ үүт ороскуота 59 солк. 50 харчы» дии туран, биэс сылы быһа 45 солкуобайга, былырыыҥҥы ороскуоту «70-72 солкуобай» диир эрээри, 60 солкуобайга тутар экэниэмикэ сокуонугар да, киһи өйүгэр да баппат быһыы буолар. Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, быйыл бары сыаналар, өҥөлөр кырата 20-30 %-ынан үрдээтэхтэрэ буолуо. Соторутааҕыта сэлээркэ сыаната эмискэ 9 (!) %-нан улаатта. Үгүс сыранан оҥоһуллар киилэ үүт сыаната лиитэрэ сэлээркэттэн 15 (!) солкуобайынан намыһаҕын эһиги, норуот дьокутааттара, туох дии саныыгытый? Оччотугар эһиилги үүт ороскуота 90-100 солк. тэҥнэһэрэ буолуо.
Экэниэмикэ сокуонунан, табаар ороскуотуттан кырата 15-20 %-ынан үрдүк сыанаҕа атыыланнаҕына эрэ барыска тахсар. Оччотугар ити 120 солк. оруобуна буолар. Ону 60 солк. харчыга тутан сайдыахпыт дии саныыр сыыһата аҥала да киһиэхэ өйдөнөр. Манна биири санатыым. Биһиэхэ тыа хаһаайыстыбата сылга 26 млдр. солк. суумалаах бородууксуйаны оҥороруттан 20,6 млрд. солкуобайа үүттэн уонна эттэн киирэр дииллэр. Итинтэн улахан аҥара үүттэн киирэрэ чуолкай. Үүт тутуллар сыаната үрдээтэҕинэ, дьон интэриэһэ улаатан, элбэҕи ыы сатаан, сүөһү ахсаана эбиллэн, эт да элбиирэ эрэбил.
Икки бүччүм санаа
Өр иитиэхтии сылдьыбыт икки бүччүм санаабын быктарыым. Кэтэхтэр уонна тэриллиилээхтэр үүттэрин амтана биирин иннигэр, иккистэр судаарыстыбаҕа нолуок төлөөн, дьону хамнастаан уо.д.а. быдан элбэх ороскуоту көрсөллөр. Ол иһин кинилэр үүттэрин сыаната үрдүк буолуохтаах. Бу мин этэрбинэн чааһынайдар үүттэрэ 35 тыһ. солк. кытары 90, тэриллиилээхтэр киэнэ 120 солк. буолар.
Иккиһинэн, үбүлээһин кыратыттан уонна сыыһа дьаһаныыттан 30 сыл устата бааһына иэнэ, бүтэй тутуута олус аҕыйаата. Баһаам элбэх сир быраҕылынна. Ол иһин этиим маннык: бааһына оҥоһуутугар, күрүө тутуутугар үбү көрүмүөххэ, ол оннугар кэтэх ыаллар ынахтарын баһыгар кырата 0,5 гаа, тэриллиилээхтэр 1 гектар бааһыната суох буоллахтарына, ити этэр үүттэрин сыанатыттан 10-15 солкуобайы көҕүрэтиэххэ. Онон бүтэр. Бу этиим олоххо киирдэр, кэтэхтэр бары туттаран, үүт быдан элбиэ, соҕотуопкалыыр-астыыр тэрилтэлэр эргиирдэрэ улаатыа, ыһыы иэнэ кэҥиэ, күрүө тутуута тэтимириэ, арыы уонна үрүҥ ас сыаната түһүө, тоһоҕону да саайбакка сылдьан биир алааһы иккитэ «бүтэйдээн» харчы аахсыы уурайыа уонна хотон-хонуу үлэһиттэрин дохуота биллэрдик улаатыа этэ.
Үүт соҕотуопката аһара үрдээн, үбүлээһин тиийимиэн сөп. Холобур, 80 туонна үүт соҕотуопкатыгар 7 млд. субсидия наада. Ону суоттаан көрүөххэйиҥ. Быйыл кубуоталаммыт 62 туонна үүккэ кэтэхтэргэ бэриллибит «төбө» харчытын эбэн, 5 млд. кэриҥэ син биир төлөнөр. Оччотугар 2 млрд. солк. тиийбэт, ону үбүлээһини 1 % да үрдэттэххэ, 2,6 млрд. эбиллэн аһара барыа этэ. Эбэтэр субсидия ахсаанын, кээмэйин аҕыйатан, балачча үбү булуохха сөп. Холобур, 100 ынахтаах хаһаайыстыба 2000 туонна үүтү туттаран, 12 мөл. солк. аахсар. Ол оннугар хотон, күрүө тутуутугар, сир оҥоһуутугар о.д.а. кэпсэтиитин кыайдаҕына, үгүөрү харчыга тиксэр. Оттон мин бырайыакпынан ити үүттэригэр икки төгүл элбэх, 24 мөл. солк., ыллахтарына, сорох субсидияларын аччатыахха сөп. Үүт сыаната ыараатаҕына, кэтэхтиин-кэпэрэтииптиин комбикуорум, сиилэс бэлэмнээ, үүтү элбэтэргэ бары кыһаныа этилэр.
Түмүккэ
Быһаччы этэбин: тыа хһаайыстыбатын үбүлээһини быйылгы таһымҥа хааллардахха, 20-30 %-ынан аччаппыкка тэҥнэһэр. Оччотугар таҥнары түһүү буолара туох да мөккүөрэ суох.
Уйбаан Пономарев, Чурапчы
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0