Сэтинньи 25 күнүгэр Саха Сиригэр национальнай бырааһынньык – Олоҥхо күнэ. Бу күн 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО саха эпоһын киһи-аймах материальнайа суох шедеврин быһыытынан билиммитэ. Олоҥхо — Саха норуотун былыргы эпоһын ускуустубата, саха фольклорун тиһигэр киин миэстэни ылар. Бырааһынньык үөрүүлээх тэрээһиннэрэ сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри ыытыллыахтара.

Ол курдук, бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, «Арассыыйа — мин историям» историческай пааркаҕа буолбут үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн вице-спикерэ, Олоҥхо Национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо дэкээдэтэ саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ:
- Бука барыгытын Сахабыт сиригэр Олоҥхо дэкээдэтэ аһыллыбытынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Саха тыла, саха төрүт үгэһэ, аан дойдуга сүппэт албаһа - биһиги олоҥхобут. Ону биһиги өйүүбүт, тутуһабыт. Санааҕытын түһэримэҥ, туох барыта баҕа санаа күүһүттэн тутулуктаах, үлэлээн-хамсаан иһин, бука барыгытыгар ситиһиилэри баҕарабын.