Ааспыт 2022 сылга Саха сиригэр уопсайа 11 тыһ. тахса оҕо төрөөбүт.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан 2022 сылга төрөөбүт оҕолорго «Үйэ оҕолоро» диэн бырагыраамаҕа олоҕуран, 100 тыһыынча солкуобай суумалаах тус сыаллаах сэртипикээт туттарыллыбыта. Бырагыраама быйыл эмиэ үлэтин салгыыр.
Ол курдук, Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай мунньахха (Ил Түмэн) Анал туһаайыытыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы биэс сылга уһатарга соруйбута.
Үбү олорор дьиэни тупсарыыга, тырааныспар атыылаһарга, оҕо үөрэҕэр уонна үрдүк хаачыстыбалаах медицинскэй көмөнөн туһанарыгар көрүллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0