Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, Арассыыйаҕа заповедниктар уонна национальнай пааркалар Күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу күн аан бастаан 1997 сыллаахтан бэлиэтэнэр буолбут. Билигин Арассыыйаҕа 12 тыh. ураты харыстанар айылҕа территориялара бааллар. Ол туhунан СѲ экологияҕа, айылҕаны туhаныыга уонна ойуур хаhаайыстыбатыгар министиэристибэтин сайтыгар этиллэр.

Биhиги ѳрѳспүүбүлүкэбитигэр 235 ураты харыстанар айылҕа территориялара бааллар: ол иhигэр  7 федеральнай суолталаах ураты харыстанар айылҕа территориялара — судаарыстыбаннай айылҕа заповедниктара «Уус-Ѳлүѳнэтээҕи», «Ѳлүѳхүмэтээҕи» уонна «Эhэ арыылара», национальнай пааркалар «Ѳлүѳнэ остуолбалара» уонна «Кыталык», судаарыстыбаннай айылҕа заказнига «Новосибирскайдааҕы арыылар», Ботаническай саад; 130 эрэгийиэннээҕи суолталаах ураты харыстанар айылҕа территориялара: 6 айылҕа пааркалара, 12 судаарыстыбаннай айылҕа заказниктара, 22 айылҕа пааматынньыга, 63 ресурснай резерваттар, 26 дэңңэ кѳстѳр күѳллэр, 1 харыстанар ландшафт уонна 98 олохтоох – муниципальнай суолталаах ураты харыстанар айылҕа территориялара.

Чугастааҕы сылларга «Лаптевоморскай» судаарыстыбаннай айылҕа заказнига, «Муоматааҕы» национальнай паарка аhыллаллара күүтүллэр.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением