Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Хас биирдиибитигэр ахтан-санаан ааһар дьонноохпут. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэһис ыҥырыылаах Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, экэнэмиичэскэй наука хандьыдаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Анатолий Анатольевич Добрянцев быйыл ахсынньы 29 күнүгэр 65 сыла бэлиэтэнэр.

Хас биирдиибитигэр ахтан-санаан ааһар дьонноохпут. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэһис ыҥырыылаах Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, экэнэмиичэскэй наука хандьыдаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Анатолий Анатольевич Добрянцев быйыл ахсынньы 29 күнүгэр 65 сыла бэлиэтэнэр.

Санаттахха, Хаҥалас улууһун баһылыгынан, Саха Сирин парламенын вице-спикеринэн үлэлээбит, биллэр уопсастыбаннай уонна успуорт диэйэтэлэ Анатолий Анатольевич Добрянцев былырыын 64 сааһыгар уһун ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барбыта.

Кини 1958 сыл тохсунньу 29 күнүгэр Саха АССР Орджоникидзевскай оройуонун Кытыл Дьураа сэлиэнньэтигэр Өлүөнэ дьаамсыктарын сыдьааннарын элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. 1975 сылтан «Орджоникидзевскай» сопхуоска оробуочайынан үлэтин саҕалаабыта. 1976–1978 сс. Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта.

1983 сылга Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрэн баран, Саха АССР Муома оройуонун «Искра» сопхуоһун зоотехнигынан үлэлээбитэ.  1984-1988 сс. – ЫБСЛКС (ВЛКСМ) Муома оройуоннааҕы кэмитиэтин I сэкирэтээрэ, ССКП Муома оройуоннааҕы кэмитиэтин инструктора.  1988-1993 сылларга «Искра» сопхуос кылаабынай зоотехнигынан, дириэктэри солбуйааччынан, «Муома» сопхуос дириэктэрэ.  1993 сылтан -- Аллараа Халыма оройуонун дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччыта.  2000 с. – Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын оҥорон таһаарар үлэҕэ проректора. 2000 сылтан 2007 сылга диэри «Хаҥалас улууһа» МТ баһылыга.

 2007–2013 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылыгар миниистирин бастакы солбуйааччытынан үлэлээбитэ. 2013 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Биир ньыгыл Арассыыйа» бэлитиичэскэй баартыйа Хаҥалас эрэгийиэннээҕи бөлөҕүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаатынан талыллыбыта.

Ил Түмэҥҥэ дьокутааттыыр кэмигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин 11 сокуонун ылынары көҕүлээбитэ, «Уһук Илиҥҥи гектар» туһунан федеральнай сокуон барылыгар уонна атын федеральнай сокуон барылларыгар үлэлэспитэ. Анатолий Анатольевич дьокутаат быһыытынан ураты болҕомтотун Уһук Хоту төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын бырааптарын уонна интэриэстэрин көмүскээһин боппуруостарыгар уурара. Кини быһаччы кыттыытынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин сокуону оҥорууга көҕүлээһинэ ырытыллан оҥоһуллубута, салгыы бу көҕүлээһин өйөбүлү ылан, «Арассыыйа Федерациятын төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын бырааптарын мэктиэлэрин туһунан» федеральнай сокуон 7-с ыстатыйатыгар уларытыы киллэрии туһунан» федеральнай сокуон ылыныллыбыта.

Кини 2017 сыллаахтан Хоту дойду, Сибиир уонна Уһук Илин табаһыттарын ассоциациятын, 2007 сыллаахтан «Ыраахтааҕы дьаамсыктарын удьуордара» Саха Өрөспүүбүлүкэтин уопсастыбаннай тэрилтэтин, 2012 сылтан 2019 сылга диэри Саха ыстаныыларын Саха Өрөспүүбүлүкэтээҕи федерациятын салайбыта. 2017 сыл от ыйыгар Анатолий Анатольевич салалтатынан «Ыраахтааҕы дьаамсыктарын суолларынан» диэн научнай-чинчийэр, этно-култуурунай эспэдииссийэ ыытыллыбыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай гражданскай сулууспатын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин атыытын-эргиэнин бочуоттаах үлэһитэ, «Покровскай куорат сайдыытыгар кылаатын иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Саха национальнай ыстаныыларыгар Саха АССР уонна РСФСР спордун маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култууратын уонна спордун бэтэрээнэ. Муома, Аллараа Халыма, Хаҥалас улуустарын, Хаҥалас оройуонун ытыл Дьураа сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданина.

Кини аата өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатыгар үйэлэргэ хаалыаҕа. Анатолий Анатольевич төрөөбүт дойдутун туһугар үлэтигэр-хамнаһыгар, туруорсар боппуруостарыгар, туруоруммут сыалыгар толору эппиэтинэһи ылынан, тиһэҕэр тириэрдэр көнө сүрүннээх хорсун салайааччы, лиидэр, өрөспүүбүлүкэ уонна федерация таһымнаах уопсастыбаннай диэйэтэл быһыытынан биллэр. Бэриниилээх үлэтин, тус бэйэтин уонна дьыалабыай хаачыстыбаларын иһин бар дьон дьокутааттарын уонна уопсастыба ортотугар аптарытыаттаах, чиэһинэй, көнө майгылаах, дьонун-сэргэтин туһугар кыһаллар үтүө санаалаах киһи этэ.

Анатолий Добрянцев туһунан сырдык өйдөбүл өрөспүүбүлүкэбит дьонун-сэргэтин өйүгэр уонна сүрэҕэр өрүү тыыннаах буолуоҕа.

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением