Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Ыстатыйам аатыгар ох ыппытын курдук тыллары ытыктыыр киһим Виталий Тимофеевич Андросов этиититтэн ыллым. Ити тыллар бу күннэргэ өссө сытыырхайан норуот таптыыр артыыһа, ырыа айааччыта, норуот ырыаһыта, ырыа ылбаҕай эйгэтигэр олоҕун анаабыт киһитэ, ырыа нөҥүө төрөөбүт тылын сайыннарыыга үлэлэспит, ырыанан ыпсаран иитэр-үөрэтэр үлэни көдьүүстээхтик ыыппыт ааптара, Сахабыт Сирин сүдү талаана Галина Никитична Шахурдина олоҕор барсаллар.

Ыстатыйам аатыгар ох ыппытын курдук тыллары ытыктыыр киһим Виталий Тимофеевич Андросов этиититтэн ыллым. Ити тыллар бу күннэргэ өссө сытыырхайан норуот таптыыр артыыһа, ырыа айааччыта, норуот ырыаһыта, ырыа ылбаҕай эйгэтигэр олоҕун анаабыт киһитэ, ырыа нөҥүө төрөөбүт тылын сайыннарыыга үлэлэспит, ырыанан ыпсаран иитэр-үөрэтэр үлэни көдьүүстээхтик ыыппыт ааптара, Сахабыт Сирин сүдү талаана Галина Никитична Шахурдина олоҕор барсаллар.

Хомойуох иһин, билигин «олорон ааспыт олоҕор» диэн этэбит. Ааспат ыарахан ыарыыны кытта уонунан сылларга туруулаһан, тулуйан туран, утарсан барыбытыгар холобур буолбут ытыктыыр киһибит бу күннэргэ сырдык тыына быһынна…
Галина Шахурдина диэтиҥ да, дууһа кылын таарыйар ураты иэйиилээх, уран тыыннаах ырыа эйгэтигэр куустараҕын. Кини хас биирдии ырыата дойдуга, чугас дьоҥҥор бэриниилээх буоларга иитэр-үөрэтэр. Ол да иһин буолуо хас биирдии ырыата эйигин кытта, субу тутан тура,н аттыгар баар эйэҕэс эдьиийдии, ийэлии истиҥ иэйиигэ киллэрэр, инникигэ эрэли үөскэтэр, сырдыкка, сылааска сирдиир.

FHFE DxW1fc

Галина Никитична ырыатыгар уйдаран, төһөлөөх элбэх киһи тапталга билиммитэ,  төрөөбүт дойдутугар ахтылҕанын таһаарбыта буолуой? Ырыа тылыгар, бэл диэтэр, суругун бэлиэтигэр тиийэ наһаа үрдүк ирдэбиллээх буолара. Хайаан да тылларын мэлдьи киһиэхэ тиийимтиэ, өйдөнүмтүө гына суруйан тиэрдэрэ.
Галина Никитична айымньылара хас биирдии сахалыы куттаах ыал дьиэтигэр ылыннарыытыттан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэбит баар-суох үрдүк сыанатыттан – Опера уонна балет тыйаатырыттан – кытта дуораһыйар. Кини ырыалара профессиональнай таһымнаах ырыаһыттартан саҕалаан ырыаны сөбүлүүр хас биирдии киһиэхэ тиийэ бараллар. Бука диэн кини ырыата ылламматах, тыаһаабатах күнэ суоҕа буолуо. «Тэтим», «Виктория» араадьыйа долгуннарыгар, хас биирдии улуус бэйэтин араадьыйа долгуннарыгар, кулууптарга, култуура дьиэлэригэр, испэктээктэргэ, о.д.а.

Кини хас биирдии тылга-өскө ирдэбилэ, айымньыта бэйэтэ кыра испэктээк курдук буоларыгар улахан суолталааҕа. Ол да иһин буолуо, Хатастааҕы «Тускул» КК  кини айбыт ырыаларынан «Тырымнас тыллары хатылаа» диэн театрализованнай кэнсиэри туруорарбытыгар, этэргэ диэри, барыта санаа хоту сатанан, ырыалыы ылбаҕайдык ыпсыбыта. Онно хас да көлүөнэ дьон биир иллээх дьиэ кэргэн курдук оонньообута, биир тыыҥҥа,  тэтимҥэ киирэн, астына-дуоһуйа айбыттара-туппуттара, ырыа түмэр, сомоҕолуур кыаҕа манна ырылхайдык көстүбүтэ. Тэрээһиммит сэргээһини, биһирэбили ылбыта, ол онтон санаабытыгар санаа, күүспүтүгэр күүс эбиллэн, аны икки ырыаҕа клип устарга соруммуппут. «Кырдьыбат вальс» диэн ырыаҕа клип “Саха” НКИХ «Эйэҕэс эҕэрдэ» диэн биэриигэ сотору-сотору көстөр. Манна даҕатан, 2019 сыллаахха Дьокуускай киин болуоссатыгар ырыаҕа уонча ансаамбыл үҥкүүлээбитэ эмиэ туспа кэрэ көстүү буолбута.

wCDmwXq8

Галина Никитична ырыаларын Сахабыт Сирин киэҥ киэлитин улуустарынан олорор бар дьоммут бары сөбүлүүллэрин, бэйэлэригэр чугастык ылыналларын 2019 сыллаахха «Тырымнас тыллары хатылаа» диэн кини суруйбут ырыаларын уонна ырыаларынан туруоруллубут үҥкүүлэри толоруу өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска илэ харахпытынан көрбүппүт, эт кулгаахпытынан истибиппит. Онно Бүлүү улууһуттан икки кэлэктиип, Амма Өнньүөһүттэн, Чурапчы Дириҥиттэн, Хаҥалас Покровскайыттан, Булгунньахтааҕыттан, Мэҥэ Хаҥалас Доллутуттан, Балыктааҕыттан, Чүүйэтиттэн, Табаҕатыттан, Хоротуттан, Наахаратыттан, Орто Халыматтан, Уус Алдантан, Өймөкөөнтөн солистар, дуэттар, ансаамбыллар, хордар, үҥкүү ансаамбыллара кэлэннэр кыттыбыттара, көрсүһүүттэн үөрбүттэрэ, алтыһыыттан астыммыттара. Хас биирдии толорооччу хараҕын уотун, үөрүүтүттэн өрүкүйбүт сэбэрэтин көрбүт эрэ киһи барыта сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ, айыан-тутуон баҕарбыта. Дьиҥ чахчы норуот таптала, норуот билиниитэ, дьэ, онно баара!

«Маннык тэрээһиннэр мэлдьи ыытылла тураллара буоллар», – диэн баҕа санааларын эппиттэрэ. Тэрээһин биир ураты уран- уйан көстүүтэ баянистар этилэр. Дьэ, манна бааллара -- утуйа да сыттаҕына уһуганнардаххына, “байааным ханна баарый?” диэххэ айылаах,  байаан тутуурдаах, мэлдьи ырыа эйгэлээх үтүө дьоммут: Раиса Крылова, Павел Егоров, Алексей Калининскай, Степан Васильев, Василий Неустроев, Юрий Сивцев, Иннокентий Готовцев, Алексей Потапов, Иван Прибылых.

Бу куонкурус өссө биир уратыта – Галина Шахурдина 38 ырыата ылламмыта. Статистика көрдөрөрүнэн, ханнык эмэ ааптарга анаммыт күрэхтэргэ, үгэс курдук, 14-15 ырыа ылланар. Галина Никитична таптал таҥаралаах буолан, дьахтар кутун арыйар дьоҕурдаах киһи этэ. Ол эрээри, кини олох бары эйгэтин туойар-хоһуйар, сэрии бэтэрээннэригэр, хомсомуолга, саҥа дьиэҕэ киирии үөрүүтүгэр, төрөөбүт дойдуга тапталга, үөрэммит оскуолаҕа, төрөппүт оҕоҕо, Дьокуускай куоракка анаммыт үчүгэйкээн ырыалардаах. Дэгиттэр талааннааҕын сүүрбэччэ ырыата бэйэтэ суруйбут тылларыгар буолара да дакаастыыр. Маны таһынан кини «Тускул» КК кытта ыкса ылсан үлэлиирин биир чаҕылхай туоһута – сылын ахсын  «Сулустардыын ыллыыбыт, үҥкүүлүүбүт» диэн тэрээһин ыытыллара. Инньэ гынан, доруобуйатын туругунан сатаан тиийбэт да буоллаҕына, кини ырыата хайаатар да ханнык баҕарар айар-тутар киһиэхэ үтүө холобур уонна ситиһиллиэхтээх үрдэл буоллаҕа…
Галина Никитична кэлиҥҥи сылларга төһө да дьиэҕэ олорорго күһэллиннэр, олоххо дьулуурун, сырдыкка тардыһыытын ыһыктыбатаҕа, биирдэ даҕаны санаа түһүүлээх дуу, хомолтолоох дуу араас тыллары-өстөрү таһаарбатаҕа. Мэлдьи сырдыгы, сылааһы ыралыыра, сонуннарын үллэстэрэ, биһиги сонуммутун сэргиирэ, санаатын үллэстэрэ.

maxresdefault

Төрөөбүт төрүт дойдутун дьонун-сэргэтин ис сүрэҕиттэн таптыыра, ытыктыыра. Мэлдьи Мэҥэлэрим оннук диэтилэр, итинник гыннылар диэн киэн тутта, астына – махтана кэпсиирэ. Биһиги Хатас нэһилиэгин «Тускул» КК кэлэктиибэ кинини кытта ыкса алтыһан үлэлээбиппит, дьылҕа-хаан бэлэҕин курдук ылынан туран махталбытын этэбит уонна кини айар-тутар суолун үйэтиппит эбиппит диэн саныыбыт – театрализованнай кэнсиэр, клип, кини аатынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэх, «Сулустардыын ыллыыбыт, үҥкүүлүүбүт» бырайыакка кытыннарыы. Бу бырайыакка кинини кытта ыллаан дьолломмут ырыаһыттарбытын санаатахпытына, билигин даҕаны үөрэбит. Ол ырыаһыттарбытыгар Галина Никитична ураты истиҥ-иһирэх сыһыаннаах буолара.

Кини дууһатын хас биирдии кылынан, этинэн-хаанын, хас биирдии килиэккэтинэн таптаан, уйан турукка киирэн айбыт айымньыларын, ырыаларын хомуйан, ырыанньык оҥорон, ким эрэ үбүлээһининэн буолбакка, салалта өйөөһүнүнэн хас кулууп аайы тиийэр гына бэчээттэтиэххэ, тарҕатыахха наада диэн санаабыт хаһан эмэ туолуоҕа эрэнэбит.

  • 7
  • 0
  • 1
  • 0
  • 1
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22