Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Бүгүн, бу атыыр айдааҥҥа бэлиэтэммэккэ хаалан эрэр биир сэмэй күн – Суруйааччы күнэ.

Бүгүн, бу атыыр айдааҥҥа бэлиэтэммэккэ хаалан эрэр биир сэмэй күн – Суруйааччы күнэ.

Биллэрин курдук, аныгы кэмҥэ суруйааччы буолан, уһун сонноммоккун. Ол да буоллар, айылҕаттан суруйар аналлаахтар айалларын-туталларын тохтоппоттор. Аныгы кэмҥэ, хомойуох иһин, ааҕааччы ахсаана лаппа аҕыйаата. Сахалыы уус-уран кинигэни 45-50 үөһэ саастаахтар ааҕаллар. Өссө биллэрдик эдэримсиппит буолуохпун сөп.

Айта_--_1.jpg
Чахчы сырса сылдьан сахалыы кинигэни, хаһыаты ааҕар көлүөнэ – аҕам саастаахтарбыт барахсаттар бытанан бүтэн да эрэллэр. Онон саха уус-уран кинигэтин атыытын ырыынага бэрт хобдох. Инньэ гынан, аныгы суруйааччылар, хайдах баарынан эттэххэ, кимиэхэ анаан суруйаллара биллибэт. Биир “Айар” (Бичик) кинигэбит кыһата бу аныгы уустук кэмҥэ дьон интэриэһигэр таба тайана сатыыр туһугар өрө мөхсөр. Суруйааччы кинигэтин бэйэ үбүгэр таһааран баран, онтун атыылаан барыыстаммат буоллаҕына, тоҕо атыыламмат кинигэни таһаарыай? Ол өйдөнөр суол.

Айта_--_2.jpg
Ол эрээри, хайдах да эргиппит иһин, ордук сүүйтэриилээх дьонунан суруйааччылар хаалаллар. Кинилэр саамай өйөбүлэ, харысхала суох дьон. Манна, биллэн турар, судаарыстыба сакааһынан тахсар кинигэлэри киллэрбэккин. Ол нууччалыы эттэххэ, туспа “вотчина”.
Билигин аан дойдуга улахан иирсээн, айдаан турда. Россияны утары күтүр санкция биллэрилиннэ, барыга бары сыана быстарынан ыараан эрэр. Биһиги бары ааспыт орулуур 90-ус сылларбыт эрэ эргиллибэтэллэр диибит. Хайдах эрэ тулуйбуппут, ааспыппыт, ороһуммуппут. Ол эрэн, улаханнык оҕустарбыттар бааллара. Кыайан өрүттүбэтэхтэр. Судаарыстыба урусхалланыыта кыра дьон дьылҕатын тааҥкалыы тэпсэн ааспыта. Ол – биһиги ааспыт олохпут. Эбэтэр, ситэ ааспатах дуу?.. Ол ыар кэм аҕас балыстыылар олохторугар охсуутун туһунан суруйуубун “Көһөрүллүбүт олох” диэн ааттаатым. Бу билигин тирээн кэлбит тымныы хахсаат салгын тыынын оруобуна биэрэр сэһэн, дьиҥэр. Ол эрэн, бэчээттэнэр кэскилэ биллибэт. Бу билигин таҕыстар, оруобуна “ытыа” эбит да...

Айта_--_3.jpg
Биир идэлээхтэрбин эҕэрдэлээн туран, айымньыларгыт ааҕааччыларгытыгар тиийдиннэр диэн баҕа санаабын этэбин. Ааҕааччыта суох суруйааччы суох, суруйааччыта суох ааҕааччы суох.

  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением