Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Таатта улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин уонна Дьохсоҕон орто оскуолатын тэрийиилэринэн, Уолба, Чөркөөх уонна Кыйы оскуолаларынан Ильмень күөл кыргыһыытыгар кыттыбыт 20-с хайыһар туспа биригээдэтин былааҕын куоппуйатын «Сулустаах эстафета» айана саҕаланна.

Таатта улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин уонна Дьохсоҕон орто оскуолатын тэрийиилэринэн, Уолба, Чөркөөх уонна Кыйы оскуолаларынан Ильмень күөл кыргыһыытыгар кыттыбыт 20-с хайыһар туспа биригээдэтин былааҕын куоппуйатын «Сулустаах эстафета» айана саҕаланна.

Бу көрсүһүүлэргэ Дьохсоҕон орто оскуолатын оҕолоро улахан кыргыһыылар буолан ааспыт сирдэринэн, Старай Русса, Ленинград, Ильмень күөл хайысхаларынан 2022--2023 сс. көрдүүр-чинчийэр үлэлэргэ сылдьыбыттарын туһунан хаартыскаларынан кэпсээтилэр.

б-1.jpg

Санкт-Петербурга артиллерия мусуойугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллыбыт 19-с хайыһар туспа биригээдэтин былааҕын туттарыы сиэрин-туомун видеонан көрдөрдүлэр. Көрдүүр-чинчийэр үлэлэргэ сылдьан булбут матырыйаалларын, сэрии сэптэрин тустарынан сырдаттылар.

б-2.jpg

Оскуолаҕа патриотическай иитии үлэтэ хайдах ыытылларын уонна Ильмень күөлгэ сэриилэспит саха буойуттарын сыдьааннара аҕалара-эһэлэрэ хорсуннук сэриилэспиттэрин, тыыннах эргиллэн кэлэн холкуос, сопхуос үлэтигэр күүрээннээхтик үлэлээбиттэрин туһунан кэпсээтилэр. Ону барытын оскуола оҕолоро, учууталлар, үлэһиттэрэ, бэтэрээннэр болҕойон иһиттилэр. Саха буойуттарын хорсун быһыылара умнуллубат. 

  • 5
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21