Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC

Саха омук киһитин киэҥ көхсө, уһун тыына, сырдык санаата, туһалаах буолуо диир уратылары тобулара уонна олоххо туттара орто дойду олоҕор олорон ааһарыгар төһүү күүс буолара уостан уоска сылдьар.

Саха омук киһитин киэҥ көхсө, уһун тыына, сырдык санаата, туһалаах буолуо диир уратылары тобулара уонна олоххо туттара орто дойду олоҕор олорон ааһарыгар төһүү күүс буолара уостан уоска сылдьар.

Кини сэрэхтээх, куруутун ыараҥнатар, ыраҥалыыр буолан туга-ханныга, ис өттө биллибэти, угаайылаах түгэннэри тумнарга дьулуһар, ааспыт кэми ааспыт диэн антах, уруккуну умнуллубут диэн улаҕа диэки анньыбат. Бу майгыта омук быһыытынан уратыта диэн атын омуктар бэлиэтииллэр. Онон билигин буола турар уустук балаһыанньа, мүччүргэннээх быыһык кэмнэр ыар сүгэһэрдэрин сүгэн да туран, Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга, кыргыһыы хонуутугар охтубуттарга сүгүрүйүү бэлиэтин – араас тэрээһиннэри ыытар.

х_--_1.jpg
Хайҕаллаах Хатаспыт сиригэр 2023 сыл ыам ыйыгар бу Улуу күнү 78 төгүлүн көрсө эрдэттэн былааннанан, бэлэмнэнэн, тэринэн көрүстүбүт. Нэһилиэкпит устуоруйатын түмэлигэр бу күҥҥэ аналлаах быыстапкалар тураллар. Ыам ыйын 6 күнүгэр “Сырдык санаам дьаралыктара” диэн 94 саастаах, ытык киһибит, Хатас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ Аркадий Уваровскай  уруһуйдарын быыстапката аһылынна. Аата да этэринии, быыстапка киһини сырдык санаа долгунугар олордон кустук өҥүн суһумугар суулуур, сырдыкка, кэрэҕэ, сылааска, үрдүккэ эрэли чиҥэтэр. Саха киһитин сиэринэн олох эдэр эрдэҕиттэн уруһуйга дьоҕурдаах буолан, Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы сылдьан, истиэнэ хаһыатын таһаарбыт, былакаат бөҕөтүн суруйбут, уруһуйдаабыт. Ону оччолорго бу дьоҕурун ураты дии санаабатах даҕаны, аармыйаттан кэлбит да ол умнуллубут. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, дьоҕурун саҥалыы арыйбыт. Аркадий Михайлович уруһуйдарын билбэт киһи көрдөҕүнэ, олоҕун саҥа саҕалаабыт эдэр киһини саныыр. Кини үлэлэрэ барыта сырдык, сылаас сыдьаайдаахтар, туттубут өҥүн-дьүһүнүн арааһа, дьүөрэлэһиитэ хоһоон курдук хомоҕойдор, ырыа курдук ылбаҕайдар, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба ирдэбиллэрин тутуһан оҥоһуллубуттар.

х_-_4.jpg

«Ол сыллар ой дуорааннара» диэн быыстапкаҕа нэһилиэкпит худуоһунньуктарын -- Арассыыйа Худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, култуура туйгуна Татьяна Попова, Арассыыйа Худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ Владимир Ефремов, любитель худуоһунньуктар Октябрина Лазарева, Маргарита Скрыбыкина, Наталья Руфова үлэлэрэ туруорулунна. Маны таһынан “Тускул” култуура киинин айар кэлэктиибэ таһаарбыт кинигэлэрэ – 2022 ыам ыйыгар буолбут НПК матырыйаалларынан тахсыбыт кинигэ, Хатас норуодунай театра бу тиэмэҕэ туһуланан туруорбут саха норуодунай суруйааччытын, драматург, Алампа аатынан бириэмийэ лауреата Миитэрэй Наумов “Саллаат дьылҕата” пьесатын чэрчитинэн саллаакка сүгүрүйүү кинигэтэ, Наталья Руфова “Сэрии кэмиттэн лоскуйдар” диэн кинигэтэ (бу кинигэлэр иккиэн интерактивнайдар – саҥараллар, көрдөрөллөр) уонна быйыл саҥа тахсыбыт “Книга по имени жизнь” диэн Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Наталья Игнатьева кинигэтэ эмиэ бэйэтэ биир туспа быыстапка. Быыстапка киин хартыыната – биллиилээх худуоһунньук Федот Макаров түмэлгэ бэлэх ууммут “Эргиллии” диэн хартыыната.

х_-_3.jpg
Эмиэ бу күн үгэскэ киирбит Кыайыы күнүгэр анаммыт сүүрүүгэ эстафета ыытылынна. Быйылгы эстафета тэрилтэлэр икки ардыларыгар буола турар спартакиада чэрчитинэн буолла. Муҥур кыайыылааҕынан эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин холбоһуктаах хамаандата буолла. Даҕатан эттэххэ, кыайыылаахтар икки ардыларынааҕы бириэмэ көрдөрүүтэ 1-2 сөкүүндэнэн ааҕыллыбыта чөл олох, чэгинэн турук туһугар үлэ бара турарын бэлиэтэ диэн сыаналанна. Бары да эрбии тииһин курдук тэҥҥэ эллэхтэстилэр. Киэһэ дойду үрдүнэн ыытыллар «Өйдөбүнньүк чүмэчи» аахсыйаҕа кыттан, Саллаат пааматынньыгар кыралыын-улаханныын муһуннулар.
х_-_6.jpg

Ыам ыйын 8 күнүгэр Кыайыы күнүгэр анаммыт миитин Саллаат пааматынньыгар ыытылынна. Норуодунай театр туруорбут театрализованнай дьүһүйүүнү кэлбит көрөөччү бары биир тыынынан сүрэх долгуйа, харах уулана көрдүлэр-иһиттилэр. Ол кэнниттэн бэтэрээннэргэ анаммыт полевой кухня бэлэмнээбит минньигэс хааһытын, “Төрүт ас” түмсүү күндүлээбит сип-сибилигин буһан тахсыбыт алгыстаах алаадьытын сиэтилэр, итии үүттээх чэй истилэр, ырыа бөҕө ылланна, эҕэрдэлэһии буолла. Тэрээһин уус - уран киинэни көрүүнэн түмүктэннэ.

х_-6.jpg

Олохтоох дьаһалта уонна «Тускул» култуура киинин холбоһуктаах агибригадата «Поем двором» диэн аахсыйанан тыыл бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтилэр. Бу тэрээһиҥҥэ хас биирдии бэтэрээн шефство диэн хамсааһынынан Хатас нэһилиэгин тэрилтэлэрин аатыттан тус бэйэлэригэр анаммыт бэлэхтэри туттулар. «Тускул» дьоммут-сэргэбит дьиэҕэ-уокка олорон көрөллөрүгэр, өйдөөн-санаан ааһалларыгар анаан урукку сылларга уһуллубут видео биэриилэр сыылкаларын ыытан, этэргэ дылы дьиэҕэ да олорон, дойду олоҕор кыттыгастаах курдук сананнылар.

х_-7.jpg

Бу барыта кэлэр көлүөнэ ыччаты дойдумсах буолууга, дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ төһүү күүс буолар. Түмсүүлээх буолуу, улаҕата көстүбэт улуу аар силик айылҕаҕа, иэнэ биллибэт киҥкиниир киэҥ куйаар улуу күүстэригэр сүгүрүйүү, үс куту алтыһыннаран туруулаһыы уйгулаах ис киэбэ буоларын өйдүөҕүҥ, бары бииргэ буолуоҕуҥ!

х_-_5.jpg

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04