Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -39 oC

Көҥүл-хаҥыл тыынын хаайбакка, ол эрээри, бас баттах барбакка, өйдөөн-дьүүллээн, хоһууну хоргустан арааран, сөптөөҕү-сыыһаны ырытан, кэдэргини көннөрөн, толору дьоллоох олоҕу тутарбытыгар аҕа суолтата сүдү улахан.

Көҥүл-хаҥыл тыынын хаайбакка, ол эрээри, бас баттах барбакка, өйдөөн-дьүүллээн, хоһууну хоргустан арааран, сөптөөҕү-сыыһаны ырытан, кэдэргини көннөрөн, толору дьоллоох олоҕу тутарбытыгар аҕа суолтата сүдү улахан.

Бүгүн эдэр спортсмен Айтал Санников хайдах кыайыыны уһан­сан, ситиһиигэ үктэммитин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини күрэх­тэһиигэ күөн көрсөн, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Уһук Илин уокурукка бастыыр иһин күрэххэ үрдүк көрдөрүүлээх кыттан кэлбитэ. Бу саас Владивостокка 15-16 саастаах уолаттарга Уһук Илиҥҥэ боксаҕа күрэх буо­лан ааспыта. Манна Айтал быйыл кыайыылааҕынан таҕыста. Ол курдук, Ха­тастан өрөспүүбүлүкэ хомуурун хамаандатыгар киирэн, Уһук Илин бокса күрэҕэр 70 кг 3 миэстэ­ни ылары ситистэ.

Айтал финал төрдүс аҥаарыгар Забай­кальскай кыраай 2021, 2022, 2023 сс. кыайыылааҕын, былырыыҥҥы Уһук Илин чөмпүйүөнэ Кирилл Егоровы кыайан, полуфиналга тахсыбыта. Онтон Камчатскай кыраай 2021, 2022, 2023 сс. кыай­ыылааҕар Дмитрий Шевчукка хот­торон, боруонса мэтээли ылла. Ити курдук, эдэр уол кыайыы үөрүүтүн, кыайтарыы хомолтотун уйарга үөрэнэр, буһар-хатар, иннин диэки хардыылыыр. Ол кэнниттэн Дьокуу­скай куорат боксаҕа кыайыылааҕа буолан, оҕолорго өрөспүүбүлүкэ­тээҕи спартакиадаҕа кыттар быра­абы ылбыта. Бу соторутааҕыта, бэс ыйын саҥатыгар, СӨ «Спортивные якутяне» диэн ааттаах Сахабыт Сирин киэҥ киэлитин бары мунну­гуттан кэлбит оҕолор спартакиада­ларыгар эрэллээхтик бастаата.

БИИР ДОЛГУҤҤА

Бу иннигэр үксүн төрөппүттэрин, чуолаан аҕатын кытта алтыспыт буоллахпына, бу сырыы­га Айталы бэйэтин кытта кэпсэттим. Киһим бэйэтин саастыылаахтарыттан ура­ты туруктаах, дьоһун киһи буолан биэрдэ. Эмиэ да оҕо-оҕо курдук эйэҕэс-сай­аҕас, аһаҕас, эмиэ да ула­хан киһилии боччумнаах, бөҕө ис туруктаах, кыай­а-хото тутар эйгэлээх. Силиһин-мутугун токко­олоһон билээри ыйыта­ласпыппар, киһини утары көрөн олорон, сүрдээх үчүгэйдик толору хоруй­даан, истиҥник кэпсэтэн, хайдах эрэ ис-испититтэн биир долгуҥҥа киирди­бит. Айтал үс оҕолоох ыал улахан оҕото. Быраата Айаал аҕыс саастаах, кырачаан балта Айаана иккилээх.

СЫАЛЛААХ КИҺИ СИТИҺИИЛЭЭХ

- Айтал, успуорка хайдах кэлбиккиний?

- Бастатан туран, биһиги дьи­э-кэргэммит олоҕун ийэлээх-аҕам сүбэлэһэн, былааннаан олоробут диэн этиэм этэ. Успуорка сыстар­бар аҕам, кини өттүнэн аймахта­рым, убайдарым оруоллара улахан. 6 кылааска үөрэнэ сырыттахпы­на аҕам сүбэлээбитэ: «Бэйэтин кыанар, сыалы-соругу табан ту­руорунар киһи, хаһан баҕарар си­тиһиилэрдээх, үтүө түмүктэрдээх буолар. Олоххор сыалы-соругу ситиһэргэ успуорт суолтата улахан, онон эрчиллэн, эккин-сииҥҥин дьарыктаа», — диэбитэ. Бастаан аҕам сүбэтинэн скакалкалаан саҕа­лаабытым. Бэрт сотору кэминэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастаабы­тым. Онтон дьонум тутум эргиир тэрилин оҕо көмүскэлин күнүгэр бэлэхтээбиттэрэ. Бастаан хайдах, туохтан саҕалыырбын соччо билбэт этим. Эрчиллиибин видео көрөн саҕалаабытым, онтон бэйэм хам­саныыларбын устан ыыппыппар, убайдарым сүбэлээбиттэрэ. Ковид ыарыыта өрө туран, улахан күрэхтэр ыытыллыбат этилэр, ол да буоллар, куйаар ситимин нөҥүө күрэх буола­рын истэн, сайаапка биэрэн кыт­тыбытым. Ол кэмҥэ соҕуруу атын куоракка сылдьар этибит, инньэ гынан, ол тутум эргиирим аллараа маһын икки өттүттэн тутар скотчу­нан туттарбыппыт. Мин уочаратым кэлбитигэр оҥорон саҕалаабытым. 45 эргиири оҥорон өрөспүүбүлүкэҕэ бэһис миэстэ буолбутум. Дьиҥэр, тус рекордум 58 эргиир этэ.

БОКСАҔА БАСТАКЫ ХАРДЫЫ

- Бу дьарыгыҥ боксаҕа кэлиигэр тирэх буолбут эбит. Оннук дуо?

- Оннук. Уһуйааччым, СӨ үтүөлээх тириэньэрэ Михаил Валь элбэх чөмпүйүөнү, чаҕыл­хай уолаттары иитэн таһаарбы­та. Бастаан барарбар аҕабын кытта тиийбиппит. Кэпсэтэн баран, дьарыктана хаалларбы­та. Олус үөрбүтүм. Дьонум мин дьарыкпын өйөөннөр, куорак­ка көһөн киирбиппит. Барыта ситиһии, кыайыы туһугар диэн оҥороллорун иһин, мин эмиэ түһүнэн кэбиһэр буоллаҕым дии…

- «Түһүнэн кэбиһэбин» диэни хайдах быһаараҕын?

- Ол аата дьарык кэннэ хайаан да хаалан, эбии сүүрэ­бин, эбэтэр ол күн туох та­быллыбатаҕын көннөрөбүн, хамсаныыларбын чочуйабын. Хата, миигин кытта хаалар икки табаарыстардаахпын.

- Күнү хайдах атаараҕы­ный?

- Сэттэ чааска турабын, аһаан-сиэн, хомунан аҕыс ча­астан үөрэнэбин. Икки аҥаар чааска үөрэнэн бүтэбин, онтон дьиэбэр кэлэммин аһаатым, хомуннум даҕаны дьарыкпар бара­бын. Дьарык бүппүтүн кэннэ хаала түһэн, көлөһүммүн тоҕуохпар диэри эбии эрчиллэбин, туох кыаллыба­таҕын оҥоробун.

КИҺИ САТЫЫРЫН САТЫАХТААХХЫТ

 - Онтон уруокпут? Дьоҥҥор көмөлөһөргө бириэмэ ордор дуо?

- Баар бөҕө буоллаҕа. Михаил Георгиевич: «Олох барыта бокса бу­олбатах, онон син биир киһи сатыы­рын барытын сатыахтааххыт», — диэн мэлдьи этэр. Ол иһин балтылаах-бырааппар уонна бэй­эбэр аһы астыахпын сөп (күлэр). Ордук сөбүлээн бэлимиэн ыһаа­рылыыбын, бырааттаах балтым сакааһынан блины оҥорооччу­бун, миин буһарабын. Кыһын дьиэбитигэр Хатаска сынньалаҥ күннэргэ кэлэн, хаар күрдьэбит, муус киллэрэбит, күһүн, саас, сай­ын ол кэмнээҕи хаһаайыстыба үлэлэрин аҕабынаан оҥоробут. Үлэни үөрэ-көтө оҥордоххо, киһи сылайбат. Хатастааҕы дьиэбин ордоробун, хайдах эрэ салгын­ныын атын курдук. Уруокпун мунньубакка сонно тута оҥорон иһэбин, сып-сап бүтэрэн иһэр­бин сөбүлүүбүн. Тохсус кылааһы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрдим. Ону таһынан, табаарыстарым, доҕотторум курдук интэриниэккэ хасыһан ылыахпын сөп.

a6f6d76b 8497 4dd9 b94f 3bed5af5658a

ОЛОҔУМ БАРЫТА БОКСА БУОЛБАТАХ...

- Оттон иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕыный?

- Эппитим курдук, тириэньэрим да этэринэн, төрөппүттэрим да сүб­элииллэринэн, олоҕум барыта бокса буолбатах. Ол иһин, иллэҥ кэммэр, киинэҕэ сылдьабыт, айылҕаҕа тахсабыт, дьиэ кэргэмминээн бары билисэпиэттиибит.

Балыктыырбын сөбүлүүбүн. Бастакы хаптарбыт балыкпын олох субу сибилигин курдук өйдүүбүн (хараҕа уоттана түстэ). Арай хапта диэн биллим, оргууй-оргууй состум… таһаарбытым сордоҥ. Долгуйбутум аҕай. Ол күн хас да сордоҥу уонна араас кыра балыктары туттар­быппытын сонно тута мииннээн, соркуойдаан сиэбиппит. Наһаа минньигэс этэ.

ОРДУК ЫЙААҺЫНТАН БОСХОЛОНУУ

Ити курдук, эдэр спортсмены кытта кэпсэтэн баран, аны аҕатын санаатын истиэхпин баҕаран Лю­бомир Санниковка, Айтал аҕатыгар сибээскэ таҕыстым. Оҕону иитии, дьиэ кэргэни түмүү туһунан кини бу курдук кэпсээтэ:

- Оҕолорбут олохтоох толкуйда­ах, баары-суоҕу билэр-сыаналыыр буола улааталларыгар кэргэмминээн Екатерина Васильевналыын биир сүбэнэн олорорбут көмөлөһөр дии саныыбын. Биллэн турар, бүгүн оччо үчүгэй, бачча үчүгэй диир эрдэ… Ол эрээри, бииртэн үөрэбит – оҕобут сөбүлүүр, умсугуйар эйгэтин таба тай­анныбыт. Успуорка кэлиибит, этэргэ дылы, билиҥҥи олоххо ыал аайы баар балаһыанньаттан саҕаламмы­та – этиргэн көрүҥтэн, этиргэн диэн өссө сымнатыы буолуо, өссө чуол­кайдаан эттэххэ, ордук ыйааһынтан босхолонуу. Дьарыктанарга сөптөөх усулуобуйа олохтоон, куоракка көһөн киирэн, тренажердары атыылаһан, билигин бары биир долгуҥҥа сыл­дьабыт. Ол эрэн, биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын – олох хайа баҕарар хайысхатыгар аһара баран хаалбакка, олох бары үтүөтүн билэ- көрө сылдьарга бириэмэни сатаан аттарыы, сыалы-соругу туруорунуу оруола олус улахан. Наар успуорду­нан баран хааллахха, успуорт үйэтэ кылгас, ол кэннэ атынынан дьары­ктаныахха, идэни булуохха диэтэххэ ыарахаттар үөскүөхтэрин сөп. Аны оҕону арыыйда борбуйун көтөхпүтүн кэннэ успуорка сыһыарыахха сөп диэн толкуйдуубун, манна эт-хаан өттүнэн уопсай сайдыыны буолбакка, чуолаан успуорка сыһыарыыга диэн этэбин.

Наталья РУФОВА

  • 2
  • 5
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34